Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Захаров Иван Егорович

Суппэт оспот баастаах саллаат убайдарбыт…
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат…

Олуулээх-сутуулээх сэрии ааспыта номнуо 75 сылын бэлиэтээри сылдьабыт. Улуу нуучча полководеьа Суворов А. этэн турардаах : «Война закончена лишь тогда, когда похоронен последний солдат» – бутэьик саллаат комулуннэ5инэ, сэрии буттэ диэн буолар. Эйэлээх халлаан анныгар олордунар диэн сырдык тыыннарын олук уурбут биьи эьээлэрбит, а5аларбыт, убайдарбыт, чугас дьоммут сырдык ааттара умнуллубатыгар, биллибэт саллаат а5ыйыырын туьугар билигин да улэ бара турарыттан киьи уорэр, долгуйар. Ол курдук, биьиги убайбыт Захаров Иван Егорович кыьыл армия кэккэтигэр ынырыллан баран уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэ5э, сура5а суох суппутэ…
Иван Егорович Захаров,1911 сыллаах торуох, биьи а5абыт киниэхэ таай сиэн буолар эбит. Иван Егорович ийэтэ Ефросинья Уус-Алдан улууьун Логой нэьилиэгэр торообутэ. Бастакы кэргэнэ Борисов диэн эбит, онтон уол о5оломмут. Иккиьин Мэнэ-Ханалас оройуонун ll Холгума нэьилиэгин киьитигэр Захаров Егор Егоровичка кэргэн тахсыбыт да о5оломмотохтор. Онон со5отох уолларын ииппит а5атын аннынан суруттарбыттар.
Иван Егорович сэрии эрэ иннинэ рабфагы бутэрэн учуутал идэтин ылбыт. Наьаа айма5ымсах эбитэ уьу. Ол иьин Уус-Алдан оройуонун Дупсун нэьилиэгэр улэлии тахсыбыт. Онтон аймахтарыгар тардыьан l Оспоххо, Чаранай оскуолатыгар улэлии кэлбит. Ити кэмнэ а5абыт сэттис кылааска уорэнэ сылдьар эбит. Онон убайа кинини нуучча тылыгар уорэппит уьу.
1941 сыл бэс ыйыгар уоппускатыгар ийэтигэр Мэнэ-Ханаласка Аллараа Бестяхха сынньана тиийэ сылдьан сэрии буолбутун истээт Майа военкоматыгар тиийэн бэйэтэ тылланан уоттаах сэриигэ барар.
1942 сыл олунньу 26 кунугэр Сынаах нэьилиэгэр олорор аймахтарыгар – таайдарыгар Буотургэ, Ньукулайга, Уйбаанна (Уйбаан биэс уола сэриигэ барбытыттан уьэ кыргыьыы хонуутугар охтубуттар), санаьыгар, Сыкаа5а уонна о5олорго анаан суругар: “Олунньу 24 кунэ буолар туунугэр Мальтаттан фронна барарга хонуннум. Артиллерия5а 6 ыйга чугаьыыр уорэ5им таах хаалла, пехота5а минометнай рота5а 10-ча хонукка уорэнэн баран бу баран иьэбин. Сахалар элбэхпит, биьиги уонча хонук иннибитигэр элбэх саха баран турар. Бэрт а5ыйахпыт хаалла» – диэн суруйбут.
Николай Петрович Олесов учууталын, убайын комус унуо5а ханна комуллэ сытарын билээри Мэнэ-Ханалас военкоматыгар ирдэбил ыыппытыгар: “…захоронен в д. Кондуя Киришкого района Ленинградской области” диэн эппиэт кэлбит. Онтон Ленинградскай уобаластан биьиэхэ Киришскай оройуон суох диэн хоруй ыыппыттар. Кондуя диэн дэриэбинэ Тосненскай оройуонна баарын то5о эрэ эппэтэхтэр. Онон сэриилэьэр чаас суруксута оройуонун аатын сыыьа суруйан, онтон кэлии Ленинградскай уобалас военкоматын улэьитэ инэн-тонон быьаарса барбакка биьиэхэ итинник оройуон суох диэн судургу хоруйу ыытан, саллаат ханна комуллэ сытара баччаанна диэри биллибэккэ сылдьыбыт. Интернекка “…захоронен в д.Кондуя Киришкого района Ленинградской области” диэн суруйуу элбэх. Онон байыаннай чаас суруксута балачча элбэх итинник ал5астаах докумуону толорбут буолуон соп.
А5а дойду Улуу сэриитин ветерана, милиция отставка5а полковнига Николай Петрович Олесов убайын хас да суругун, хаартыскатын уура сылдьар. Ол иьигэр Чаранай оскуолатын учууталларыгар, уорэнээччилэригэр анаан суруйбут олус учугэй ис хоьоонноох суруга кытары баар. 1942 сыл кулун тутар 20 кунугэр (кыргыьыыга охтуон ус хонук иннинэ) ийэлээх а5атыгар суруйбут суругар: “Сэриигэ кытыннахпына мин соргум икки суоллах: 1) Куьа5анын эттэххэ олуу. 2) Дьиэбэр доруобай эбэтэр бааьыран тиийии. Оноьуум билиэ, Алыс долгуйа олоруман. Ытаан да, ыллаан да эьиги комолоьор кыаххыт суох. Мин туспунан олус ор туох да биллибэтэ5инэ оройуоннаа5ы военкоматтан сураьын. Мантан антах суруктарбын бэйэ5ит эрэ аа5ан истин. Дьон ол-бу диэн омуннаан кэпсиир идэлээхтэр. Мин Догдоно Майа5астыырабы кытары бииргэ сылдьабын, онон Майа5астыыр дьонуттан эмиэ сураьар буолаарын диэн суруйбут.
Тороппут кырдьа5ас ийэтэ Ефросинья тыынна5ар куннэ корбут со5отох о5ото комус унуо5а ханна комуллэ сытарын билбэккэ анараа дойдуга бараахтаабыта, наар тыыннаах тиийэн кэлиэ диэн кэтэьэхтиирэ.
2011 сыл, сааьыары, Татарстаннаа5ы “А5а дойду” холбоьук” ыччат общественнай тэрилтэтин холбоьуктаах экспедицията Ленинградскай уобалас Тосненскай оройуонун Смердыня дэриэбинэтин чугаьыр урут ханна да бэлиэтэммэтэх буойуннар кылабыыьаларын булбутун, олор ортолоругар икки саха саллаата баарын туьунан “Саха сирэ” хаьыакка суруйан онтон сирдэтэн, хайдах хараллыбытын корор ба5а кэлбитэ. Ефросинья тыыннаа5ар туолбатах ба5а санаатын, комуллубут буоругар сугуруйэн, торообут буорун илдьэн кэлбит киьи диэн санаа уоскээбитэ.
Ол курдук, убайбыт Захаров Иван Егорович бутэьик суругун кэннэ 69 сыл буолан баран комус унуо5а дьэ коьуннэ.
Май ыйга Улуу кыайыы бырааьынньыгын бэлиэтиир кунун иннинэ уьун айанна турунарбыт са5ана, иккис костубут саллаат 140-с туьунан стрелковай биригээдэ стрелковай батальонун взводун командира, лейтенант Кривошапкин Михаил Иосифович бииргэ торообут эдьиийин кыыьа Семенова Венера Гаврильевна, Дьокуускай куорат олохтоо5о, Сунтаар улууьун Элгээйи нэьилиэгэр олорор чугас аймахтара бааллара. Биьи оттубуттэн 4 буолан сылдьыбыппыт: мин а5ам, Олесов Николай Петрович, милитаристическай Япония утары сэрии кыттыылаа5а уонна инвалида, МВД пенсионера, отставка5а олорор полковник, оччолорго 86 саастаах кырдьа5ас-буойун уонна а5абытын кытта бииргэ торообут быраатын о5олоро эдьиийбит Олесова Мария Николаевна, тыа хаьаайыстыбатын систематыгар, кэлин Госпланна ор сылга улэлээбит уонна кини быраата Олесов Григорий Николаевич Уус-Алдантан, сылгыьыт.
Убайбыт, а5абыт учууталын Захаров И.Е. комуллэ сытар комус унуо5ар тиийэн сугуруйэн, торообут торут дойдутун ытык буорун ууран кэллибит. Сура5а суох суппут хорсун саллааттар кылабыыьыларыгар бочуоттаах харайааьыннарын чиэстээьиннэ кыттыыны ылбыппыттыттан долгуйдубут, харааьынныбыт.
Татарстаннаа5ы “А5а дойду” холбоьук” ыччат общественнай тэрилтэтэ СР Президенин уонна Правительствотын пресс-сулууспатыгар ыыппыт 122-с танковай биригээдэ мотострелковай батальонун кыьыл армееьа, минометчик Захаров Иван Егорович аймахтарын буларга кордоьон ыыппыт суруктара хаьыакка бэчээттэммитэ дьэ итинник тумуктээх буолбута.
Ийэ сурэ5эр инэн хаалбыт ыар сугэьэрэ дьэ арыллынна. Биьи аймах аатыттан ити Татарстаннаа5ы «А5а дойду» экспедициятын ыччат общественнай тэрилтэтигэр махталбыт мунура суох.
Кэтэьэхтээбит Ийэ ыра санаата туолан уолун комус унуо5а киьилии харалынна. Аата суола Сахатын сиригэр билиннэ. Геройдуу охсуспут саллааттар комус унуохтарыгар комуллуннэ.
Аны хаьан да уоттаах сэрии, айманыы, аччыктааьын буолбатын, ыраас халлаан анныгар эйэлээх буолуо5ун, дьоллоохтук олоруо5ун…

Светлана Николаевна Стрекаловская,
ветеран труда, Отличник
профессионального образования РС (Я)
Награды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.