1918 сыллаахха атырдьах ыйыгар аҕатын, Ньукулай суруксут алааһыгар, Кээндэҕэ төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта.
19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр икки ый үөрэммитэ. 1942 сыллаахха ахсынньыга арҕаа фронҥа илдьибиттэрэ. 1943 сыллаахха тохсунньуга Хотугулуу-арҕаа фронҥа Ленинградскай уобаласка тиийбиттэрэ, 2 ый сэриилэспиттэрэ. Олунньу ыйга Илмень күөлгэ Старай Русса районугар кыргыһыыларга кыттыбыта. Бу кыргыһыы саамай күүстээх сэриилэрэ олунньу 23-28 күннэригэр буолбута. Манна санаттан – сана чаастары аҕалан киллэрэ тураллара. Элбэх да киһи олоҕо толук буоллаҕа, муус да анныгар элбэх киһи бардаҕа…
Олунньу 23 кунугэр тоҥолоҕор бааһыран санбатка, онтон госпитальга эмтэммитэ, 1943 сыллаахха Молотов куорат госпиталиттан комиссия быһаарыытынан сэрии үһүс группалаах инбэлиитэ оҥорон дойдутугар ыыппыттара. «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии» 2-с стэпэннээх орденынан, «хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин» уонна юбилейдар медалларынан наҕараадаламмыта.
От ыйыгар дойдутугар кэлэн колхозка биригэдьииринэн үлэтин саҕалаан үлэлээн барбыта. 1944 сыллаахха Егорова Мария Гаврильевнаны кэргэн ылан ыал буолбуттара. Кэргэнинээн, Майалыын кыһыл көмүс сыбаайбаларын 1994 сыллаахха бэлиэтээбиттэрэ. Ити курдук Майатынаан Чурапчы улууһун Хадаар бөһүөлэгин , Уорҕа учаастагар олорбуттара.
Протодьяконов Семён Николаевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.