Рядовой.
Проходил военную службу в действующих частях армии в составе 21 запасного стрелкового полка, 41 запасной стрелковой дивизии.
Полковник милиции в отставке, Отличник милиции МВД СССР, Заслуженный работник МВД РФ, «Почетный знак Династии МВД России»
Лауреат Премии “Честь и доблесть” в номинации “Они сражались за Родину”
Медаль «В ознаменование
100-летия со дня рождения
Владимира Ильича Ленина»
Медаль “За безупречную службу” :
медаль I степени (за 20 лет безупречной службы);
медаль II степени (за 15 лет безупречной службы);
медаль III степени (за 10 лет безупречной службы).
Медаль “Маршал Советского Союза Жуков” и др. юбилейные медали
Нагрудный знак “Почетный старейшина РС (Якутия)” “Ытык субэ”
Юбилейный знак Республики Саха (Якутия) “385 лет Якутия с Россией”.
Ахтыы
Мин, Олесов Николай Петрович, 1925 с. алтынньы ый 14 кунугэр Боро5он улууьугар Сынаах нэьилиэгэр «Укэрдээх» диэн алааска (билигин Усть-Алдан оройуона Логой нэьилиэгэ) торообутум. Оччотоо5уга колхозтар тэриллэ иликтэрэ, чааьынай хаьаайыстыбалар алаастарынан тар5анан олороллоро. 1934 сыл бала5ан ыйыгар Сынаах нэьилиэгин «Суотту сыьыыта» диэн сиргэ баар начальнай оскуолатыгар маннайгы кылааска уорэнэ киирбитим, бастакы учууталым Готовцева Агния Васильевна диэн, оттон оскуола заведующайа Данилова Анастасия Федоровна, кэлин Обком секретара тиийэ улэлээбитэ.
1935-1941 сс. Баата5ай нэьилиэгэр Чаранай 7 кылаастаах оскуолатын А5а дойдуну комускуур сэрии са5аланыыта бутэрбитим уонна ийэбит Олесова Агафия Прокопьевна олон, туорт о5о тулаайах хаалан, салгыы оскуолага уорэммэтэ5им. Колхозка, сайынын о5уруокка уонна от улэтигэр, улэлээн, хоргуйан оло сыьан, советтан конул сурук ылан 1943 с. муус устар ыйга Боро5онно сибээс конторатыгар улэгэ киирбитим, телефоннай станция5а монтерынан. Онно туспа фронт сагаламмыта – улэ фрона. Дьон, дэриэбинэ олохтоохторо, особенно кытыы, тугэх нэьилиэк дьоно араадьыйаны истээри, телефон линиятын тардан тиийдэхпитинэ уорэ корсоллоро. Ол иьин эппитиннэстээх улэ5э сылдьарбынан сибээстээн миигин сэрииттэн «босхолоон» бронь курдуктаах этим.
Быраатым Николай П Хомустаахха, иккис быраатым Василий Тулагы-Киллэмнэ аймахтарбытыгар тар5аспыппыт. А5абыт-инвалид, балтыбытын Даайаны кытта хаалбыттара. Балтым Даайа уонна быраатым кэргэнэ Балбаара иккиэн Герой ийэлэр.
Миэхэ сэриим – сэрии буппуттун кэннэ са5аламмыта. Японияны кытары балаьыанньа учугэйэ суо5а биллэр этэ.
1945 с. бэс ыйыттан – 1951 с. бэс ыйыгар дылы Советскай армия кэккэтигэр службалаабытым. Японияны утары сэриигэ кыттан Манчжурия5а Харбин куоракка тиийэ сылдьыбытым.
Ыам ыйын 30 кунугэр 1945 с. повестка тутан армияга ынырыллан А5а дойдубун комускуу барбытым. Забайкальскай фронтан са5алламмыта мин сэриим сыллара, онно зенитнай артиллерия5а тубэспитим, бастаан Мальта5а (Иркутскай обл.) онтон сэрии са5аланыыта Японияны утары сэриигэ бэлэмнээбиттэрэ. Бала5ан ыйыгар Оптор диэн пограничнай станция5а тиийбиппит, онно бала5ан ыйын санатыгар Харбин куоратка тиийэ сылдьыбыппыт. Японецтар кыайтаран олох санаалара туспут дьон курдук этилэр. Арааьа, АХШ атомнай бомбаны Хиросима уонна Нагасакига элбэх киьи олбутуттэн санаалара туспут дьон этилэр. Биьиги атааканы корботохпут, куруутун бэйэбит атаакалыыр этибит. Куннээги режиммыт диэн сарсыарда 7 ч. подъем, сразу физзарядка, ол кэннэ ороннорбутун заправкалаан баран аьата строевойунан барарбыт. Аспыт син учугэй этэ. Биьиги дойдубутугар наар хоргуйа сылдьыбыт дьон уойан хаалбыппыт. Уорэхпит диэн остоох самолетун таба ытааьын этэ. Сразу границаны тимир суолунан туораабыппыт. Настроениебыт диэн туох кэлиэй, тыыннаах сылдьарбыт да учугэй, сотору дьоммутугар тыыннаах тоннуохпут дии саныырбыт. Биьи пленна тубэспит японецтары Советскай Союз диэки эшалонунан ыытар этибит. Туунун хайа анныттан складтан продукта, консервалары, галеты тиэйэн эмиэ советскай солдаттарга диэн ыытарбыт. Япония капитулируйдаммыттын да кэннэ биьигини границаттан тэйиппэтэхтэрэ. Онтон Союзка тоннон киирэн бастаан кавалерия5а тубэспитим, онно наар трофейнай японскай аттары корон бодьуустаьар этибит. Ол сылдьан ровно ол конюшя утары «армян» Егор Иванович Олесовы, аба5ам уолун корсубутум. Кини сотору-сотору буханка хлеб биэрэр этэ. Онон взводпар кунду киьи этим. Ол кэмнэ Егордаах олорор землянкаларыгар Чиряев Гавриил Осипович, ст.лейтенант званиелаах взвод дуу рота дуу командира куруук саллааттарга лекция аагар этэ.
Билигин бииргэ службалаабыт дьоммуттан ким да суох. Арай тыа5а Ньурба ханнык эрэ тугэх нэьилиэгэр Иванов диэн дуу, аатын умнубуппун, олорор сурахтаа5а.
1951 с. ыам ыйын 31 кунугэр Якутскайга кэлбитим «Ленинград» диэн пассажирскай пароходунан, 100-кэ киьи, уксэ сахалар этибит. Онно билинни пл. Победы пристань баара.
Армияттан кэлээт агыйах хоноот Даалыттан Борогонно учетка тура уонна таарыйа улэ кордоьо киирбитим, Афонялыын иккиэн буолан. Онно тиийэн улэ кордоьо сылдьыбытым. Связька ыныра сатаабыттарын аккаастаммытым, онон Госстрах тэрилтэтигэр страховой агент диэн должность баарыгар Ермолаев Христофор, бииргэ армия5а барбыт уонна бииргэ айаннаан кэлбит киьибинээн, улэ5э киирбитим бэс ыйын 10 кунугэр. Госстрахха сылы кыайбат улэлээн баран Кондаков Н.Е. диэн финансовай отделга улэлиир киьи субэтинэн милиция5а улэ5э киирэргэ санаммытым.
Милиция5а бастаан паспортиьынан улэ5э ынырбыттара. Онно собулэьэн анкета толоро Якутскайга ыыппыттара. Ол бириэмэ5э МГБ-га сокращение баран Бурцев диэн киьини ыланнар, миэхэ атын оройуонна миэстэ баар диэн эппиттэрэ -Татта5а уонна Сунтаарга Буор Хара диэн сиргэ. Мин чугастыы диэн Таатта5а барарга собулэспитим. Якутскайга горотделга участковайга 10-ча хонукка практикаланан баран Таатта5а айаннаабытым. Саас, кулун тутар 31 кунуттэн айаннаан муус устр 6 кунугэр Таатта5а тиийбитим. Онно Неустроев диэн Усть-Татта киьитэ, майор званиелаах, начальниктыы олороро. Ол киьи Амма оройуонугар коьоруллубутун кэннэ, Андреев Афанасий Иванович диэн Олуохумэ киьитэ, капитан званиелаах этэ, нуучча кэргэннээх.
Участкуобай уполномоченнайынан милиция органыгар улэ5э ыланнар Татта оройуонугар икки сыл улэлэбитим кэннэ 1954 с. сайын Омскай куоракка уэрэххэ ыыппыттара милиция специальнай оскуолатыгар, онтон Сунтаар оройуонугар старшай оперативнай уполномоченнайынан 1956-1959 сс. улэлэн Якутскайга кэлбитим. Онно улэлии-улэлии киэьээнни оскуоланы бутэрэн аттестат зрелости ылбытым.
1960 с. тохсунньу ыйтан 1964 с. сэтинньигэ дылы Мэнэ-Ханалас оройуонугар милиция начальнигынан улэлэбитим. Заочно уорэнэн МВД Высшей оскуолатын дипломун ылбытым. Манна биэс сыл кэринэ улэлэбитим кэннэ Нюрба оройуонугар эмиэ начальнигынан анаабыттара, онно икки сыл улэлэбитим. 1967 с. МВД аппаратыгар коьорбуттэрэ. Уголовнай розыска отделыгар саастарын ситэ илик о5олор буруйу оноруларын утары охсуьар отделение терийбиппит олохтоох бюджеттан убулэнэр.
1969 с. МВД штабыгар инспекция отделениятыгар начальнигынан ананан улэлэбитим. Онно отделлар улэьиттэриттэн бригада тэрийэн оройуоннар отделларын проверкалаан, комолоьон министрга дакылааттырбыт.
1975-1980 сс. МВД-га уголовнай розыска отделыгар солбуйааччы начальнигынан улэлээбитим. Онно уопсай уонна индивидуальнай профилактика диэн икки отделенията уонна саастарын ситэ илик о5олор буруйу оноруларын сэрэтэр группа киирэллэрэ.
1980 с. муус устар ыйыгар пенсия5а тахсыбытым кэннэ урут Майа5а бииргэ улэлэбит Совет Министров председателин солбуйааччынан улэлии олорор Габышев М.П. сана улэ миэстэтэ та5ыста, онно юридическай уорэхтээх улэьит наада диэн ыныран, председатель С.Н. Маркины кытта кэпсэттиннэрэн религия дьыалатыгар уполномочиннайынан анаатылар уонна Москва5а Совет по делам религии командировкалаатылар. Кинилэр эмиэ отделарынан кэрийэн билиьиннэрэн баран приказ таьаардылар.
Совминна сурун улэм таьынан кадр улэтин, республика5а дружинниктар улэлэрин уонна аргыны утары охсуьуу комиссия улэтин суктэрдилэр.
1990 с. Тыа хаьаайыстыбатын научнай чинчийэр институтугар юрист консультаннынан икки сыл улэлээн баран пенсия5а бутэьиктээхтик тахсыбытым.
Пенсия5а тахсан баран а5ыйах бириэмэ5э улахан уолум Володяны уонна икки кутуоттэрбин кыттары предпринимательствонан дьарыктана сылдьыбытым 1992-1994 с. диэри. Билигин МВД-га ветераннар советтарын чилиэнэбин.
1953 с. атырдьах ыйын 1 кунугэр Мурунова Степанида Мироновнаны кытары ыал буолбуппут. Быйыл алаьа дьиэ тэринэн, уот оттунан олорбуппут 65 сыла буолар. (железная свадьба диэбиттэрэ). Мин кэргэнминээн алта о5олоохпут, онон сиэннэр, хос-хос сиэннэр элбээн эрэллэр.
Ор сылларга улэлээн элбэх мэтээллэринэн наградаламмытым. Медаль «За победу над Японией», «За доблестный труд 1941-1945 гг.» уонна араас юбилейнай мэтээллэринэн, саамай киэн туттар званием «Заслуженный работник МВД РФ», династие знага уонна.
Милиция улэтэ урут да, билигин полиция, чэпчэкитэ суох улэ. Хаьан ба5арар кыьанар, сурэхтээх эрэ киьи тулуйан улэлиир. Ол гынан улэлээн уопутуран истэххэ учугэй улэ. Главнайа эйэлээх халлаан анныгар олоруохха, улэлиэххэ, сайдар суолу оро тутуохха.
“Награды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.