Тимофеев Егор Иннокентьевич, 1921-1990, Нюрбинский район
А5абыт Тимофеев Егор Иннокентьевич, тыыл уонна улэ бэтэрээнэ, 1933 сылтан колхоз араас ыарахан улэтигэр эриллэн, мындыр эйдээх, техника5а сыста5ас буолан элбэх идэни баhылаабыта. Ол курдук кинини, оройуон бастакы тырахтарыыстарыттан биирдэстэрин, сэрииттэн бронь биэрэн дойдутугар ол кэминээги тыа хаьаайыстыбатыгар улэлэтэ хаалларбыттара. Агабыт тууннэрин-кунустэрин улэлээн, тимири кытта мехсен, оччотоогу олох ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн кыайыыны уьансыбыта.
Тапталлаах а5абыт эр сыллаах энкилэ суох улэтин урдуктук сыаналаабыттара. «Улэ5э килбиэнин иhин», «А5а дойдуну кэмускуур Улуу сэрии 1941-45 сс улэ5э килбиэнин иhин», «Улуу Кыайыы отут сыла», «В.И. Ленин 100 сааhынан» мэтээллэринэн уонна «Россия тыа хаhаайыстыбатын социалистическай улэтин туйгуна» анал бэлиэтинэн, «Социалистическай улэ кыайыылаа5а», «Лучший комбайнер МТС РСФСР» знактарынан, Саха АССР Верховнай Советын Бочуотунай грамоталарынан уонна да атын урдук на5араадаларынан бэлиэтэммитэ. Республика5а биллэр биир бастын рационализатор, механизатор. «Рационализатордар общестоваларын Республикатаа5ы бочуотунай кинигэтигэр», Ленинскай оройуон Ньурба совхоз, оройуоннаа5ы промкомбинат Бочуотунай кинигэлэригэр кини аата уйэтиллибитэ.
Биhиги тапталлаах ийэбитинээн Анна Степановналыын суус- суустэриттэн эйэнсэн, истинник таптаhан 53 сыл устата дьоллоохтук олорбуттара. Кинилэр 8 о5ону тэрэтэн, иитэн, барыларын уэрэттэрэн, олох киэн суолугар таhаарбыттара. Биhиги а5абытын отпуска ыллым диэн эрээн-сынньанан олорорун отой эйдээбэппут, кини мэлдьи улэлии-хамсыы, тугу эмит айа-тута, толкуйдуу-былаанныы, еруу дьон ортотугар, улэ уеhугэр сылдьар буолара. Ханна да улэлээбитин иhин кини утуе-кене майгытынан, хайдах да улэни кыайа-хото тутарынан, истин сы4ыанынан дьон-сэргэ убаастабылын, тапталын ылыан ылбыта. А5абытын дьин чахчы норуоттан тахсыбыт, тереебут дойдутун, дьонун туhугар туох баар сатабылын, билиитин, бары тэрийэр-айар дьо5урун буус-бутуннуу биэрбит ки4инэн аа5абыт.
Кунду а5абыт урукку уйэ5э улэлээн ааспыт киhи буоларын быhыытынан аныгы эдэр ыччакка анаан 1988 с. суруйан хаалларбыт ба5а санаатын биhиги, кини о5олоро уонна сиэннэрэ, куннээ5и олохпутугар кэс тыл оностобут. «Сэбулээн талан ылбыт улэ5итин ытыктаан, производство ханнык ба5арар салаа улэтигэр утуэ суобастаахтык, урдук та4аарылаахтык улэ5итинэн, сана ирдэбилгэ сэп тубэ4иннэрэн ас-уэл программатын иннин диэки хардыылыырыгар актыыбынайдык кыттан, тэhуу куус-кэмэ улэ4иттэр буолун, дьонно-сэргэ5э утуе суобастаахтык сыhыаннаhын, оло5у таптаан, ылыммыт сыалгытын ситиhэргэ дьулуhун!» диэн биhигини ииппитэ, уерэппитэ-такайбыта. Ол сиэринэн о5олорбутун, кэлэр кэнэ5эски ыччаттарбытын а5абыт кэс тылыгар оло5уран иитэбит-уэрэтэбит. Биhиги бары агабытынан, эьэбитинэн, хос эьэбитинэн киэн туттабыт, неруен сугуруйэбит, махтанабыт, куруук ейдуу-саныы сылдьабыт!
Тимофеев Егор Иннокентьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.