Чурапчы кеьеруллуутэ, кинилэри холбообута.
А5абыт Михаил Михайлович Мартьянов хоту кеьуруллуу кыттыылаа5а кини суруйан хаалларбыт дневнигиттэн: «Мин бу сурукпун оҕолорбор аныыбын аҕам (эһээҕит) аймахтарыттан кылгастык билиһиннэрэбин уонна бэйэм олохпун суруйабын» диэн анабыл суруктаан 1953 сылтан са5алаабыт дневнигыттан бу ахтыыбын са5алыыбын кыыьа Люция Михайловна Лукина.
Эьээбит Мэхээлэ мэлдьи да билиигэ-көрүүгэ тардыһар буолан,1932 с. кыра уолун Мэхээлэни Арыылаах алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэттэрэ илдьибитэ. Төрөөбүт алааһыттан, дьонуттан-сэргэтиттэн хаһан да тэйэ илик уол аҕатыттан хаалымаары ытаабытын нууччалыы хааннаах Попов диэн учуутал киһи сып-сырдык кумааҕынан, харандааһынан албыннаан хаалларбыт. Ити курдук а5абыт оскуолаттан үс биэрэстэлээх сиргэ ыалга дьиэлэнэн, үтэлэнэн үөрэххэ маҥнайгы хардыыларын саҕалаабыт. үчүгэй үөрэхтээх буолан, тэтэрээт, харандаас бириэмийэҕэ тиксэн, хайҕанан, төрөппүттэрин үөрүүтүн үрдэппит.
1937 сыллаахха алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэр сылбар төрдүө буолан оскуола остуораһа Тырып Бүөтүр, Татыйаас Андросовтар диэн үс оҕолоох ыалга дьиэлэммиппит. Оскуола «Кыһыл муннугар» утуйарбыт.
Арай, түүн ортото уһукта биэрбиппит, таһырдьа хаһыы-ыһыы, айдаан бөҕө. Иккиэн туран хоспут аанын аһаары гыммыппыт уот бөҕө умайа турар эбит, номнуо таһырдьа тахсар ааммытын былдьаабыт. Биһиги хоспут ортотугар сүүрэн кэллибит сүрдээҕин куттанныбыт эрээри, син түннүгүнэн тахсыахха диэн санаа көтөн түстэ. Иккиэн истээх ыстааммытын ылан, уҥа илиибитин эрийэн баран түннүк ортоку улахан тааһын алдьаттыбыт. Хата тас түннүгү таһыттан биһигини уһугуннараары аймана сылдьар дьон алдьаппыттар этэ. Салгыы оскуолабын түөрт кылааһы бүтэрбитим. Онтон салҕыы аҕам, ийэбит елен, хайабытын да үөрэттэрбэтэҕэ диэн суруйар.
1942с. Чурапчыны куус еттунэн кеьеруу анал дьаьал тахсыбыта. Чурапчы улууьун Хадаар нэьилиэгин туерт холкуос баарыттан иккитэ кеьуугэ барбыттара, «Кыһыл кырыс» колхозтан 47 хаһаайыстыба, 160 киһи; «III – интернационал» кохозтан 70 хаһаайыстыба, 186 киһи төрөөбүт-үөскээбит алаастарыттан, оҥостубут-туттубут олохторуттан, хаһан да харахтаан көрбөтөх сирдэригэр барарга күһэллибиттэрэ.
Биьиги А5абыт суруйбутунан, көһөрүү аймалҕана буолбутугар эһэбит оҕонньор соччо уолуйбатаҕа үһү. Хата дьонун-сэргэтин: «Олус айманымаҥ. Дьоҥҥут сэриигэ барбаттар, хаалбыт сүөһүлэрбит оннугар соччо таба биэрэллэр үһү», – диэн уоскута сатаабыт.
Ити курдук түөрт хонук айаннаан балаҕан ыйын 5 күнүгэр кэтэһиилээх Бэстээххэ тиийиилэригэр тумул арыы талаҕын быыстара быыһа-арда суох дьонунан туолбут этэ. Мантан ыла барыта бэлэмҥэ айанныахпыт, нуорма аспытын түҥэтэллэр ини диэн бигэ санаа унньуктаах айантан сылааларын кыйдыыра. Тиийээт? бэлэм борохуотунан айанныахпыт диэн кэлбит дьон, элбэх киһи мустан күһүҥҥү аһаҕас халлааҥҥа хаһыс да күннэрин олорбуттарын билэн санаалара түспүтэ. Быстарыы, хоргуйуу дойдуларын буоруттан ыраата иликтэринэ, Бэстээх кумахтаах кытылыттан саҕаламмыта.
нэдиэлэ курдук буолбуттарын кэннэ ,борохуоттара кэлбитэ. Хас да баржанан тиэллэн айаҥҥа туруммуттар. Күһүҥҥү тымныыга аһаҕас баржанан өрүс устун айаннааһын эмиэ чэпчэкитэ суоҕа. Хоту диэки ыраатан истэхтэрин ахсын тымныйан, айаҥҥа өлүү-сүтүү да баар буолан, дьон санаата саппаҕыран испит. Хас да хонук айаннаан Эдьигээҥҥэ тиийбиттэр.
Тымныы лаппа ылан, өрүскэ кыдьымах киириэх курдук буолан истэҕинэ биһиги дьоммут кэмниэ-кэнэҕэс түүн аналлаах сирдэригэр кэлэн, им-балай быыһынан сүөкэнэн, биэрэк кытыытыгар хаптаһынынан оҥоһуллубут сайын көһөрүүгэ кэлбит финнэр туттубут бараактарын булан, кыра оҕолору, дьахталлары хоннорорго кэпсэппиттэр. Эр дьон уонна доруобай дьахталлар кутаа оттон кытылга хонорго күһэллибиттэр. Борохуоттара өрүһү өксөйөн уста турбут. Кини турбатыттан уһуурар уот кыымнара сайыһа хаалбыт дьон көрүүтүгэр хараҥа халлааны хайа солоон үөһэ кытыастара… Кыһалҕатын оҥорон ол түүн кыстык хаар түспүтэ.
Эр дьон суһаллык балаҕан дьиэлэри тутан барбыттарА. Балаҕан эркинэ турда да, дьахталлар утары буорунан сыбаан иһэллэрэ. Ол курдук бары саба түһэн хаар улаханнык түһэригэр дьоннорун арыт сахалыы, арыт тимир оһохтоох балаҕаннарга киллэрбиттэр. Биһиги дьоммут биир улахан балаҕаҥҥа уонтан тахса ыал буолан киирбиттэр. Бу сыл элбэх киһи тоҥон аччыктаан өлбүт.
А5абыт бииргэ тереебут балтыта Маайа суруйбутуттан «Биһиги аҕам булчут буолан тыыннаах ордубуппут. Эдьиийбинээн дойдубутун санаан үөрэ отун хомуйа барарбыт да, онтубут даҕаны олох үүммэт этэ. Аҕыйаҕы булбуппутун оргутан сиирбит. Убайбыт балыктааһыҥҥа ананан бөһүөлэктэн ыраах сылдьара. Аччык испитин тотороору дьонтон хорчоххой бурдук көрдөһөн ылан оргутарбыт, онтукпут үллэр эрэ, кытаанах буолар да, хайыахпытый сиир этибит. Олус ыксаан ааны бүрүйбүт тириилэриттэн эмти быһан оргутан сиир этибит.
Биһиги а5абыт олоҕор саамай улахан дьолунан тапталлаах кэргэнин Мэҥэ Хаҥалас Россолодатыттан төрүттээх Наталья Петровна Лепчикованы ааттыыра. Кини олоҕун ойуулаан хаалларбыт дневнигэр кэргэнин туһунан суруйар балаһатын «Дьоллоох саас» диэн ааттаабыта мээнэҕэ буолбатах.
Аҕа дойду сэриитин сылларыгар, хоту көһөрүү ыар олоҕор кинилэр көрсүһүүлэрэ уһун кыһын кэннитттэн тахсар күн сардаҥатыныы сырдык кыымы сахпыта. Кинилэр аан маҥнай 1944 сыллаахха Араҥастаахха көрсүбүттэрэ. А5абыт суруйарынан продукталана сылдьан маҥан кубаҕай хааннаах продавец кыыһы көрөөт сөбүлээбит. Кэлин ол кыыс балыктыы сылдьан, дьүөгэтинээн илимнэрин көрөн иһэн эдэр уолу дьээбэлээхтик саҥаран күлэн сыһыгыраһан ааспыттар. Онтон биир күн а5абыт ыалдьан балыкка киирбэтэх, ол сылдьан дьуһуурустубалыы хаалбыт били кыыһын үһүстээн көрсөр. Дьэ манна эдэр дьон уруккуттан билсэр дьон курдук сэһэргэһэн, санаа-санааларын билсибиттэр, дьоллорун холбуох буолбуттар.
Ол курдук кэпсэтэн кулун тутар ыйга Быков анныгар Чороҕордооххо балыктыы сылдьар дьонугар кэлэн ыал буолан эрэрин этэн аҕатын, балтыларын үөрдэр. Муус устар ыйга аҕыс ыт көлөлөөх тиийэн Араҥастаахтан доҕорун Наташаны көһөрөн аҕалар. Ити курдук икки чэй иһэр курууска маллаах, аҕыйах таҥастаах-саптаах Мартьяновтар диэн саҥа ыал тэриллэн Быковка сааһыыллар. Ити саас көтөр сүрдээҕин көтөн, ас-үөл дэлэйэн онно эбии көһөрүүгэ кэлбит колхозтары дойдуларыгар таһаарар туһунан Саха АССР правительствотын кэтэһиилээх уурааҕа тахсыбыта эдэрдэр үөрүүлэрин үрдэппитэ, инники олохторугар дьолу түстүүргэ дылыта. Дойдуларыгар бастакынан тиийэн колхуос олоҕун оҥорорго улэлииргэ хамныырга туруммуттара эдэр Мартьяновтар дьиэ кэргэн.
Унньуктаах уһун айан кэнниттэн ахтылҕаннаах дойдуларын булан, Чурапчыга үс хонон баран убайа Бэлэс Бүөтүр ыҥыырдаах атынан таһааран тапталлаах Хадаардарын дьэ булаллар. Биир ый кэриҥэ дойдуларыгар сынньанан баран Михаил Чурапчыга ыскылаат сэбиэдиссэйинэн ананан оҕустаах тэлиэгэнэн Чурапчыга көһөн киирэллэр. Ыалга дьукаах олорон үлэлии сырыттаҕына остолубуойга кассирынан аныыллар.
Бу кэмҥэ райпромбыткомбинатка председэтеллиир Хадаар киһитэ Софронов Егор Романович ыҥыран бу тэрилтэҕэ хаһаайыстыбаннай чаас сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылар. Манна уопсай дьиэҕэ хос биэрэннэр эдэр ыал дьэ туһунан олороллор. Бастакы о5онон уол теруур ону а5абыт Рево диэн ааттыыр, иккис о5олоро кыыс буолар Люция диэн ааттыыллар, маны холбоотоххо “Революция” диэн тыл тахсар билигин санаатахха уол кэниттэн кыыс кэлэрин эрдэттэн билбит курдук уонна оччотоо5у олох Улуу Октябрьскай Революция. Бу кини ис сурэ5иттэн Сэбиэскэй былааска бэриниилээ5ин истин патриот буларын кердерер дии саныыбын. Үһүс оҕолорун, кыра кыыстарын ийэтин аатынан Наташа дииллэр. 1960 сыллаахха Хадаартан Мартьян алааһыттан аҕатын ампаар дьиэтин көһөрөн Чурапчыга дьиэлэнэллэр. Кэргэнэ Наталья Петровна оҕо саадыгар ньээҥкэнэн үлэлиир. Промбыткомбинатка үлэ көхтөөхүк тэриллэн тэрилтэ үлэтин хайысхата сыл ахсын кэҥээн иһэр ер сылларга бэриниилээхтик үлэлээбитэ.
Онтон 1968 сыллааххха саҥа тэриллибит Чакыр сельсоветыгар партия райкомун уурааҕынан председателинэн ананан үлэлии барар.
Ити курдук 1974 сыл олунньу ый 1 күнүттэн, 1980 сыл кулун тутар ыйга бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри барыта 6 сыл с/с председэтелинэн, партийнай тэрилтэ секретэринэн үлэлээбитэ.
Дьэ ити курдук Хадаарга 11 сыл устата дьону кытта өйдөһөн, кинилэр өйөбүллэринэн куһаҕана суохтук үлэлээн кэлбитим. Мин дойдубар кэлэн үлэлээбиппинэн киэн туттабын уонна дьоммор-сэргэбэр махтанабын.
А5абыт үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Сталин төбөлөөх мэтээл кавалера, Булуҥ улууһун уонна Хадаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Республика социальнай-экономическай сайдыытыгар өҥөтүн иһин Саха республикатын правительствотын бэлиэтинэн, республика, улуус элбэх бочуотунай грамоталарынан, юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
А5абыт, ийэбитинээн 49 сыл бииргэ дьоллоохтук, бэйэ-бэйэлэрин ейдеьен-ейейсен олорбуттара. Кинилэр кеьуу ыар дьыл5атын сурэхтэринэн быардарынан аьарбыт буоланнар оло5у олус сыаналыыллара биьиэхэ о5олоругар, сиэттэригэр, аймахтарыгар мэлдьи куус-кеме, тирэх буолаллара, истин сыьыан оло5у тэрийэргэ уерэтэллэр. Түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх да буоллар а5абыт үөрэҕи-билиини үрдүктүк сыаналыыра. Биһиги үөрэххэ ситиһиилэрбититтэн ис сүрэҕиттэн үөрэрэ, үөрэхтээх дьон буолун диэн оҕолоругар, биһиэхэ, сиэннэригэр салҕыбакка этэрэ.
Хадаарбыт «Кыһыл кырыс» колхуоһуттан-47; «III интернационал» колхуоһуттан – 71 киһи көмүс уҥуохтара Кэбээйи буоругар, Дьааҥы, Булуҥ хайыр тааһыгар» букатыннаахтык хаалбыттара. Кинилэр хас биирдиилэрин толору ааттарын, тереебут сылларын, хаьан елбуттэрин А5абыт тэтэрээккэ суруйан хааллаарбыт испиэьэгэ баар.
Бу бэлиэтээн хаалларбыт суруга Чурапчы алдьархайын дьон биллин диэн, ыраах хоту дойдуга биир дойдулаахтара эргиллибэтэххтэриттэн, аны маннык хаьан да хатыламматыгар ба5аран. Кинилэр ааттарын уйэтитиигэ 2002 с. кеьуруллуу 60 сылыгар кэриэстэбил айанна сылдьыбыта, кэлин 2012с. кеьурулуу 70 сылын керсе ийэлээх, а5абын кэриэстээн, кинилэр айаннаабыт суолларынан сылдьан баран кэлбитим.
”Ким да умнуллубат Туох да умнуллубат”.