Призван на войну 27 августа 1941г. из с.Харбалах Верхневилюйского района. До войны работал старшим счетоводом в колхозе “Киров” Харбалахского наслега. Воевал в “Ленинградский”, “Белорусский” фронтах.
Демобилизовался по ранению в 1943 году инвалидом II группы.
Работал бухгалтером в колхозе, в Госбанке инспектором, в райфинотделе налоговым инспектором и продавцом в райпотребсоюзе до 1972 года.
Жена – Саввина Марфа Николаевна – ветеран труда и тыла, “отличник советской потребкооперации”. Детей 7.
Награды:
1. Медаль “За отвагу”
2. Медаль “За победу над Германией в ВОВ 1941-1945гг.”
3. Медаль “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945гг.”
4. Медаль “20 лет победы в ВОВ”
5. Медаль “25 лет победы в ВОВ”
6. Медаль “30 лет победы в ВОВ”
7. Медаль “Отличник советской потребкооперации”
8. Медаль “50 лет Вооруженных сил СССР”
Награжден многочисленными почетными грамотами, приветственными адресами.
Армияҕа ыҥырыы:
Харбалаах нэһилиэгэр 1941 сыллаахха икки колхоз баара, биирэ «Бааһынай», иккиһэ «Киров». Мин «Киров» колхозка старшай счетоводунан үлэлиир этим. Ол сайын үүнүү үчүгэйдик тахсан турар этэ. Ыһыыны бүтэрэн баран паардааһын, от сирин күрүөлэрин бүтэрэн баран хомуурга киириэх иннинэ, кылгас кэмҥэ сынньанан баран, үлэҕэ киирэн эрдэхпитинэ, Советскай Союзка Германия бэс ыйын 22 күнүгэр уоран сэриинэн саба түспүтэ.
Биһиги холкуос отун, бурдугун хомуура күүскэ бара турар бириэмэтигэр, мин атынан от оҕустаран баран киэһэ хараҥаҕа дьиэбэр кэлбитим. Арай оройуонтан представитель, холкуос председателэ Чамарыков Егор миигин күүтэн олорор этилэр. Ити 27/VIII күнэ этэ. Ону-маны кэпсэтэн баран, сэрии буолтун истэ сылдьаҕын, Советскай Армияҕа ынырыллар бу повестка баар, онон аһаан-сиэн баран, биирдэ уларыттар таҥастаах бараҕын диэн буолла. Онно дьонум ыксаатылар быһыылаах, онуоха мин дьоммун уоскута таарыйа эттим: «Биһиги сэриилэспэтэхпитинэ ким сылдьыай, онон уларыттар таҥаспын бэлэмнээҥ». Ол киэһэ правление дьиэҕэ тиийбитим, дьон бөҕө мустубут этэ. Холкуос төһүү үлэһиттэрэ армияҕа ыҥырыллан кэлэн олорор этилэр. Биирдии ыалтан эттэххэ: Федоровтартан – 4 киһи, Егоровтартан – 2 киһи, Томскайдартан – 2 киһи уонна биирдиилээн дьоннор бааллара. Барыта 14 буолан аттаннахпыт дии. Ытаһа хаалыы элбээбитэ быһыылаах. «Бааһынай» холкуостан эмиэ элбэх дьон биһиги кэлэрбитин күүтэн кулуупка бааллара. Онно өйдөөн көрүүгэ, Сутурукановтартан – 3 уол, Максимовтартан – 3 уол бааллара. Ити холкуостан 25-26 этилэр, онтон Үөһээ Бүлүүгэ айаннаабыппыт. Аара Ороһуттан, Намтан барыта сүүсчэкэ этибит.
Үөһээ Бүлүү дэриэбинэтигэр киирэн оскуола дьиэҕэ, билиҥҥитэ детдом эргэ куорпуһугар, уруккута Потаповтар дьиэлэригэр хаһаарыма оҥорбут этилэр. Биһиги 31/08 күнүгэр Сунтаартан, Ньурбаттан кэлээччилэри кытта холбоһон борохуотунан Үөһээ Бүлүүттэн аттаммыппыт. Булүүлэрдиин холбоон 400-тэн тахса киһи этэ. Якутскайга тиийэн областной военкомакка тохтоон баран, ол сарсыардатыгар Якутскай уонна атын оройуоннартан холбонон, биир борохуокка 600-тэн тахса буолан, Лена эбэ хотуну өрө өксөйөн барбыппыт. Ол баран иһэн, Усть-Кутка тиийэн баран, аны автомашина суолунан уочаратынан айаннаан, Заярскай диэн Ангара өрүс үрдүгэр баар дэриэбинэҕэ оскуола дьиэҕэ түстүбүт. Биһиги кэннибититтэн Бодойбо эшелона кэлэн өрүс үрдүнээҕи вокзалга тохтообуттар. Баран иһээччилэр быһыытынан Главспиртэн кыра арыгы ылан бөлөҕүнэн истибит. Онно көрбүтүм бары да 22-35 сааһыгар диэри дьон этибит:
Васильев Алексей (Мордьоно уола) – Далыр, Дягилев Серафим – Хоро, Степанов Василий (Буучугурас) – Мэйик, Иванов Роман (Нөкөс уола) – Ороһу, Хамаров Сергей – Кэнтик – бу Үөһээ Бүлүү дьонноро.
Хабыка, Иннокентьев диэн Ньурба уолаттара этилэр. Онно Васильев эппитэ: «Күүстээх да, сааспытынан да эдэр дьон Ленаттан араҕан эрэбит, онон туох эрэ бэлиэтэ кээһэн барыаҕыҥ». Онно тугунан диэн кэпсэтии тахсыбыта, ону эппитэ: «Илиинэн суол хаалларан көрдөрүөххэ», – дии-дии күлбүтэ. Ол кэнниттэн быанан агдаларын кэмнэнэн көрбүттэрэ, улахан агдалаах Өлөксөй бэйэтэ буолбута. Иһэ түһэн баран, Мордьоно уола сутуруктуу туттан баран, күрүчүөктээх халҕаҥҥа аһардыы хааман тиийэн, холуоданы хатааһын кэрдиистии оҥоһуллубут сирин ньылбы анньыбытыгар күлүүс күрүчүөгэ өрө кыырайан тахсыбыта. Онно көрүүгэ тарбах биэс сүһүөх уҥуоҕун суола оҥхойон хаалбыт этэ. Ол кэнниттэн Хабыкка бэс остуол сырайыгар эмиэ сутуруктуу туттан охсубута, тарбах сүһүөҕүн суола барбах көстөр этэ. Биһигини Калинин аатынан борохуокка олордон, Иркутскай куорат аттыгар тириэрдэн, тимир суол вокзалыгар тохтоппуттара.
Армияҕа барыым:
Биһигини армияҕа эшеломмутун тус-туспа чаастарга арааран ыыталааһын буолбута. Миигин Бурятия Улан-Удэ куоратыттан 5 км сиргэ дивизионнай станцияҕа үөрэппиттэрэ (1941 с., ахсынньы 8 күнүттэн) ый кэриҥэ үөрэнэн эрдэхпитинэ, Дальнай Востоктан иһэр эшелоҥҥа холбоон, урут биһигини армияҕа ыытыҥ диэн көрдөһүү түһэрбит взводтар түүн ол эшелонунан барар буолан, паровозка киирбиппит, хас вагоннааҕын билбэтэхпит. Биир табаарынай вагоҥҥа киирии буолбута. Хас да суукка айаннаан, станция аайы тохтуу-тохтуу бараммыт, Москваҕа тиийэн үс хоммуппут. Үс этээстээх оскуола дьиэтэ диэбиттэрэ. Онно көрбүтүм биһиги поезпыт сүүрбэттэн тахса табаарынай вагоннаах эбит этэ. Биһиги түүн Москваттан турарбытыгар биһиги взводпут командира эдэр нуучча уола, Иванов диэн фамилиялаах этэ, младшай лейтенант, биһиги Ленинградскай фроҥҥа бардыбыт диэбитэ. Калининскай куораты ааһа түспүппүт кэннэ, поезпыт тохтоон хаалбыта. Ханна да уот суоҕа, поезд да уота умуллубут этэ. Эмискэ улахан баҕайы тыастар дэлбэритэ ыстанан барбыттара. Ол кэннэ өтөр соҕус буолан баран истибиппит, өстөөх самолета буомбалыы сылдьарын сууллардылар диэн буолта, ол кэннэ поезпыт дьэ хамсаан, уоттанан айаннаан барбыта. Онтон биир сиргэ кэлэн тохтообута, онно түһэн баран көртүм, танканы, самолеттары тус-туспа чаастарын түһэрэн кээспиттэрэ, өссө аттар бааллара.
Онтон мастаах ойуур иһигэр баран бойобуой сэппитин-сэбиргэллэрбитин ылан бойобуой бэрээдэккэ киирбиппит. Онно тохтобул бириэмэтигэр биһиги чааспыт политчааска хамандыыра Ксенофонтов диэн старшай лейтенант кэпсээбитэ: «Ленинград куорат ыарахан балаһыанньаҕа олорор, чугаһынааҕы куораттары, сэлиэнньэлээх пууннары немецкэй армия ылбыт, онон бу күнтэн бойобуой быһыы-майгы буолар».
Ол киэһэ: «Бу түүн эн разведка отделениетыгар бараҕын», – диэбитэ биһиги отделениебыт командира. Взвод командирыгар тиийбитим, онно эдэр баҕайы нууччалыы сирэйдээх-быһыылаах, үс полуоска погонугар иилиллибит командир ким туох тылынан кэпсэтэрин ыйытан баран: «Бу түүн ырааҕынан өстөөх саҥа сиринэн киирэргэ бэлэмнээх буолуохтаах. Сибидиэнньэ быһыытынан, ону билэн-көрөн, хайдах туһаайыынан киирэрдии оҥостон сытарын билэн кэлиҥ», – диэбитэ. Биһиги ырааһыйалаах талах, харыйа булкаастаах сиринэн баран тумулга киирэн, тохтоон иһиллии туран көрбүппүт, ырааһыйа устун массыына суола ааһар эбит. Онтон биһиги икки аҥыы хайдан, ол тумултан арахсан, биһиги ол суол кытыытынан талахтаах- мастаах, суол нөҥүө өттүнэн тумустуу киирбит сиринэн тохтоон саһан сыттыбыт. Онтон дьоммут ыҥырар бэлиэ биэрбиттэригэр төннөн кэлбиппит. Командирбыт эппитэ: «Мантан 5-6 км сиринэн массыына суолугар кэлэн, өстөөхтөр көрөн, чуҥнаан бараллар эбит, онон биһиги атын хайысханан билиэххэ». Биһиги төннөн кэлэн, рота командирыгар дакылааттаан баран, сынньана барбыппыт. 7-8 км өтөх сиринэн, ойуурунан ыллык суол устун баран, быстах-быстах ырааһыйалаах сиринэн киирэн, массыына суола баар сиригэр тохтоон баран, мин харыйаҕа тахсан бүнүөкүлүнэн көрө олордум. Ыраах дэриэбинэ дуу, ханнык эмит пуун дуу баара, онтон чугастык көрбүтүм, чугас массыына суолунан үс дуу, түөрт дуу халааттаах дьоннор иһэллэрэ, бары саалаахтар этэ, ону дьоммор эппитим кэннэ, өстөөхтер автоматтара татыгырыы түспүтэ. Онно командир «түс» диэбитэ, ол ыккардыгар харыйа мутуга ыһыллан, буулдьа тыаһа иһиирэ түспүтэ. Атын сиринэн барбыт дьоннорбут тиийэн кэллилэр. Туох буолла диэн буолла. Немецтэр разведкалара ытыалаата диэн эттибит, ол туран өйдөөбүтүм, хаҥас илиибэр сылаас сүүрэн түһэр, ону ол диэбэккэ эрэ армиям тохтообут сиригэр кэлэн баран көрүммүтүм, илиибин мэник буулдьа таппыт эбит. Ону аҕыйах хонукка эмтээн үтүөрдүбүттэрэ. Ол маҥнайгы бааһырыым этэ.
Ити кэнниттэн чааспын кытта сэриилэһэ барбытым. Биһиги иннибит диэки бэрт кыратык сыҕарыйар этибит. Немец түүннэри-күннэри атаака оҥороро, сороҕор чугуйан биэрэрбит, биһигиттэн сүтүк тахса турара. Онтон атын туһаайыыга сыҕарыйан биэрии буолбута. Онно сэрии уота сэдэх соҕус этэ.
Биһиги эмиэ аҕыйах буолан разведкаҕа барар буолбуппут. Разведка командирынан Кузнецов диэн нуучча уола этэ. Түөрт буолан түүн барбыппыт. Биһиги баран иһэр сирбит диэки соччо тыас-уус суох этэ. Атын сиринэн автомат да, атын сэп да тыаһа хойуу этэ. Ону ол диэбэккэ баран тумуллуу киирбит сиринэн киирэн истибит. blpaax соҕус ыраас көстөрүнэн немецтэр бааллара биллибитэ. Ону тумнан атын туһаайыынан эргийэ баран иһэн, немец разведката киирэн иһэрин көрөн, ону тоһуйа барбыппыт. Ол тиийэн тоһуйа сыттахпытына, өр соҕус буолан баран тохтуу-тохтуу иһэллэрэ көстүбүтэ. Бу кэлэллэрин кытта биһиги командирбыт «Гранатанан!» диэн буолла. Биһиги илин-кэлин быраҕыы буолтугар дьоммут охтон түстүлэр, ол эрээри ыппатылар. Онтон саба сырсан киирэн сэптэрин, докумуоннарын хомуйуу буолла. Немецтэртэн биир илиитэ, икки атахтарынан, илиилэринэн араанньы буолбуттар, бары тыыннаахтар этэ. Икки атаҕа суохтарын синиэллэригэр эрийэн соһобут, биирин хаамтаран истибит. Онно биир атаҕынан табыллыбыт аппыһыардара быһыылааҕа. «Тоҕо илдьэ сатыыгыт, өлөрүҥ!» – дии-дии ыыстыыр, маат бөҕөнү түһэрэр. Мин буоллар ытыалаан кэбиһиэм этэ дии-дии маат түһэрэр. Ол иһэн биирбит өлөн хаалла, ону быраҕан баран иккини чааспытыгар аҕалан биэрдибит. Ол кэнниттэн кимэн киирии буолбута. Икки өттүттэн кутаа уот, сир-дойду хамсыырга дылыта. Снаряд бөҕөнөн куппуттара, өлөрү аахсыбакка киирсии буолбута. Онтон немецтэр таанканан ыта-ыта тэбистэрэн киирэн барбыттара, биһиэнэ эмиэ киирбитэ, горючяйдаах бытыылканан таанканы быраҕаттаан утарсыы буолбута. Ол киирсиигэ икки буолан биир тааҥканы уматан, ол отделениеттан икки буолан ордубуппут. Биһигини «Хорсунун иһин» наҕараадаҕа түһэрэбит диэбиттэрэ (хойут 1943 с. «За отвагу»). Мин билигин да умнубаппын, Ньурбаттан, Сунтаартан үс саха уолаттара снаряд түһүүтүттэн киһи тугу да булбат буола суох буолтара. Ону көрөргө ынырык этэ.
1942 сыллаахха биһиги чааспыт тобоҕо 1-гы Белорусскай фронт чааһыгар холбоһон баран, кыра сэлиэнньэлэри босхолотолоон баран, Старай Русь туһаайыытынан кимэн киирии буолбута. Өстөөххө олох ыкса киирэн баран ыстыыктаһар буолбуппут, ол киирсиигэ мин санныбар уонна өттүккэ прикладынан баас ылан тахсыбытым. Ол киирсии баара-суоҕа 5-6 мүнүүтэ буолбута. Онно өстөөх төттөрү оҕустаран, тыын ылыы буолан баран, хайыһарынан Ильмень күөл арҕаа өттүнэн киирэн, соҕуруу диэки кимэн киирии бириэмэтигэр түүн Ивановка диэн дэриэбинэни ылыыга сорудах ылан, кимэн киириини саҕалаабыппыт. Кутаа уот ортотунан атаакаҕа киирэн, халлаан сырдыыта дэриэбинэ иһиттэн таһаарбыппыт, ол кэннэ өссө атаакаҕа туран, сырса-сырса ытыалаан истэхпитинэ, өссө биир дэриэбинэҕэ тиийэн, өстөөх утары уот аспыта уонна быыстала суох снаряд эстиитэ хойдубута. Ол иһэн уҥа атаҕым ньир гыммыта да, охтон түспүтүм. Автомаппынан тайахтанан турбутум, атаҕым соһуллан хаалбыт этэ, дьэ кыах суох буолбутун өйдөөн сыппытым. (Госпиталь №1017 г.Молотов). Өр соҕус сытан баран санитардар кэлэн наһыылкаҕа сытыаран илдьэ баран истэхтэринэ, санитар кыыс, хаһыыра түһээт, охтубута. Уҥа атаҕын буулдьа таппыт этэ. Санчааска кэлэн маҥнайгы көмөнү ыларбар истибитим, Лена диэн ааттаах кыыс эбит этэ. Кини Киренскэй куоракка төрөөбүт нуучча кыыһа этэ. Мин алта ыйтан ордук эмтэнэн икки тайаҕынан хааман дойдубун булбутум.
Армияттан кэлэн баран үлэм туһунан:
1943 сыллаахха дойдубар уоттаах сэрии бара турар кэмигэр тыыннаах эргиллэн кэлэн баран, тыылга эмиэ үлэлиирим наада этэ. Мин төһө да иккис группалаах инвалид буолларбын, «Бааһынай» холкуос холкуостаахтара правление председателинэн быыбардаабыттарын аккаастыыр кыаллыбат этэ. Биир өттүнэн уоттаах сэрии алдьархайа, иккис өттүнэн кураан, холкуостаахтар аас-туор олохторо – үлэлииргэ кытаанах этэ да, үлэлээбитинэн барбытым. Сыл кэриҥэ үлэлээн иһэн араанньым бэргээн, Бүлүү куоратыгар эмтэнэ киирбитим. Онно үс ый эмтэнэн баран, тахсан икки холкуоска бухгалтерынан үлэлээбитим, 1944 сыл атырдьах ыйыгар диэри. Онтон оройуон салалтата сир салаатыгар инструктор- бухгалтерынан анаабыта. Ити тэрилтэҕэ 1947 сылга диэри үлэлээн баран, Госбаҥҥа казначейскай инспекторынан, онтон үп салаатыгар налоговай инспекторынан үлэлии сырыттахпына, райком райсоюзка Яковлева бөдөҥ арастараатаны оҥорбутунан сибээстээн, атыыһыт буоларбар анаабыттара. Ити 1955 сылга этэ, онтон табаарынай да, бородуукта да маҕаһыыныгар 1968 сылга пенсияҕа барыахпар диэри үлэлээбитим. Ол тухары итэтии ханнык да көрүҥэ тахсыбатаҕа.
«Торговля туйгуна» диэн үрдүк ааты ылбытым, хаста да грамоталарынан чиэстэммитим. Онтон пенсияҕа тахсан да баран, 1972 сылга диэри эмиэ үлэлии сылдьыбытым. Билигин государство биэрэр бочуоттаах сынньалаҥар олоробун. Саа-саадах тутан Ийэ дойдуну кыр өстөөхтөн көмүскээһиҥҥэ кыттыбыппын улахан дьолунан ааҕабын.
Буолаары турар Кыайыы 30 сылын өрөгөйдөөх бырааһынньыга биһиги Ийэ дойдубут норуоттарын доҕордоһууларын бырааһынньыгынан буолуоҕа.
Золотарев С.Г. бэйэтин ахтыыта, 1975 сыл.