Кулаковскай Семен Дмитриевич 1907 с. Араҥас нэһилиэгэр, Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар төрөөбүтэ. Кини кыра үөрэхтээх, үксүн сельсовет исполкомун председателинэн, Ворошилов аатынан колхоз правлениетын председателинэн үлэлээбитэ. 1943–1945 сс. Бурятияҕа сулууспалаабыта. Сэрии кэнниттэн колхоз, нэһилиэк салайар үлэтигэр сылдьыбыта. Кэлин Тарат маҕаһыыныгар хас да сыл атыыһытынан үлэлээбитэ.
Наҕараадата: «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин» диэн мэтээллэрдээх.
Кини 1968 с. өлбүтэ.
Кулаковский Семен Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.