Үлэһит дьон Петр Николаевич уонна Мария Николаевна Пермяковтар удьуордарабыт.
Ийэлээх аҕабыт тоҕус сүөһүнү холбоон Чаачыгый холкуоска киирбиттэр. Солообут уонна Хабарҕалаах үрэхтэр холбоһор сирдэригэр “Чаачыгый” холкуос өтөҕө турар. Ыраахтааҕы саҕаттан дьаам тохтуур, атастаһыллар миэстэтэ, айанньыт сынньанар, тохтоон аһаан, хонон ааһар сирэ. Илин диэки Аккыырай суола ааһар. Субуруускай Чурапчыга тартарбыт өрөспүүбүлүкээнскэй суолталаах телефон линията ааһар. “Чаачыгый” диэн эрдэтээҕи кыра холкуос киэн туттар дьонуттан биирдэстэринэн биһиги аҕабыт Петр Николаевич Пермяков буолар. Кини 1888 сыллаах төрүөх. Олоххо актыыбынай позициялаах, 1932 сыллаахха “Чаачыгый” холкуос тэриллиэҕиттэн бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Сэрии иннинэ уонча сыл холкуоһун салайан, бары ыарахаттары бастаан көрсөн, уопсай үлэни өрө тутан үлэлээбит. 1936 сыллаахха Кэтит ыарҕа бааһынатыттан үрдүк үүнүүнү ылан Москваҕа быыстапкаҕа сылдьар чиэстэммит, бастакы стахановец , Сталин төбөлөөх мэтээллээх.
Көһөрүү содула
1942 сыллаахха атырдьах ыйын бүтүүтэ куораттан Алексеев диэн Үрдүкү сэбиэт сэкэрэтээрэ тахсан, оройуонтан бэрэстэбиитэллэр кэлэн, көһөрүүнү биллэрэн, үс хонугунан көһөллөрүн эппиттэр. Эһэбит Ньукулай: “Суох. Мин кырдьаҕас киһи, ол ыраах дойдуга кыайан айаннаан да тиийэрим саарбах! Дойдубар уҥуоҕум хаалыах этэ. Барбаппын!” – диэн санаатын аһаҕастык эппитин, үлтү бардьыгынаан, милииссийэнэн куттаан, кыыл да хаалбат диэбиттэр. 23 киһини икки хомуурунан сэриигэ ылбыттар. Элбэх сылгыларын аармыйаҕа ыыталларын биллэрбиттэр. Көһүүгэ барыта 188 киһи, ол иһигэр, 96 оҕо! Бу кыра холкуостан Кэбээйигэ Куокуй нэһилиэгэр Аалгыма диэн сиргэ барбыттар.
Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа Иванова Ирина Егоровна ахтар: “Бэрэссэдээтэл Пермяков Петр Николаевич этэ. Күһүөрү муус тоҥон эрдэҕинэ Аллараа Бэстээхтэн алтынньы 15 чыыһылатыгар барбыппыт. Түүн Таас Тумуска тиийэн суулла турар таас хайа анныгар хоммуппут. Таас Тумустан Муҥха үрэҕи өрө өксөйөн тахсан, үс көс сири барбыппыт. Арҕас аҕыс кылаастаах оскуолатыгар икки хоммуппут. Арҕастан Аалгымаҕа дылы оҥочонон таһыммыппыт. Барыта 20 хаһаайыстыба онно сүөкэммиппит. Муосталаах хотоҥҥо балаакка туруоран нэдиэлэ курдук олорбуппутун кэннэ, «Октябрь” холкуос бэрэссэдээтэлэ Павлов кэлэн: “Муостаҕытын көтүрэбит, оскуола үрдэ оҥоробут, наада буолла” – диэн, хаһыытаппытынан, муостаны көтүрдүлэр. Биһиги ынах сааҕыгар олорон хааллыбыт! Бэрэссэдээтэлбит, үлэтэ суохтары – оҕону дьахтары – түмэн тоҥ тиити кэртэрбитэ. Ону киллэрэн, маһынан баттатан, муоста курдук оҥостубуппут. Дойдубутуттан арахсарбытыгар биир да киһигитин аармыйаҕа ылбаппыт диэн баран, бэс ыйыгар 15 киһини аармыйаҕа ылбыттара. 1943 сыл сайыныгар оттоон, сүөһүбүтүн оройуон кииниттэн сэттэ көстөөх сиринэн үүрэн аҕалбыппыт. 1943 сылы тоҥон-хатан олорбуппут, өлүү-сүтүү элбэҕэ. Күһүн мас кэрдэн улахан саха балаҕана туппуппут. Ахсынньы ыйга кыһын куораттан Үрдүкү сууттан Лебедев диэн тойон, Перепузова Надежда Капитоновна, биир саха киһитэ бэрэбиэркэҕэ кэлбиттэрэ. Биһиги 15 аармыйаҕа барбыттар кэргэттэрэ хадатаайыстыба түһэрбиппит, онон, дойдубутугар барар буолбуппут. Туох баар сүөһүлэрбитин Сангаарга атыылаан, харчы оҥорбуппут. Көлө атыылаһан, муус устар ыйга дойдубутун булбуппут. Хаалларбыт, били, ыскылаакка хатаан барбыт малбытыттан туох да суоҕа. Бэрэсэдээтэл Алаҕарга баран: “Биһигини бэйэҕитигэр ылын” – диэн эппитин, “Ылбаппыт” – диэн буолбут. Петр Николаевич бэрэсэдээтэл көһүүгэ барбыт холкуоһун оҕолорун оскуолаҕа интэрнээккэ кэпсэтэн үөрэттэрбитэ. Эрэйи-муҥу эҥээрдэринэн тэлбит оҕолортон, Сойуус киэн туттар дьоно тахсыбыттара. Ол курдук, Березкин Василий Ионович – геолого-минералогическэй наука кандидата, Березкин Иван Ионович – Саха АССР үтүөлээх геолога, Алжирга үлэлээбитэ. Пермяков Афанасий Иннокентьевич – РФ үтүөлээх бырааһа, Пермяков Василий Иннокентьевич – икки “Кыһыл сулус” уордьаннар, элбэх мэтээллэр кавалердара, Пермяков Михаил Иванович – М. Горькай сопхуоска дириэктэринэн үлэлээбитэ, Неустроева Елизавета Исаковна – ССРС культуратын туйгуна, Петр Николаевич төрөппүт уолаттара – Пермяков Семен Петрович – ССРС потребкооперациятын үтүөлээх үлэһитэ, кыра уола Пермяков Кирилл Петрович – Бочуот знага уордьан кавалера, РФ өҥнөөх металларга промышленноһын туйгуна этилэр. Березкин Роман Ионович – Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа. Сэрии, көһөрүү ыар сыллара санаабытын булгуруппатахтара, киһи-хара буолбуппут. Онно бэрэссэдээтэлбит Пермяков Петр Николаевич өҥөтө улахан” – диэн ахтыытын түмүктүүр.
Кэбээйигэ көһөллөрүгэр аҕам, ийэлээх-аҕатын, кэргэнин, оҕолорун бииргэ төрөөбүт аймахтарын кытта тэрийэн ыыталыыр. Бэйэтэ холкуос сүөһүтүн сыһыыттан хомуйан үөрдээн, аҕыйах кыайар дьону хаалларан, хойутаан бараллар. Эһэбит Николай Иванович Кэбээйигэ тиийээт, 1942 сыллаахха өлөөхтөөбүт. Аллараа Бэстээххэ Кыһыл Талах быыһыгар ый аҥара хаар үрдүгэр аһаҕас халлааҥҥа олорон, тымныйан, 1924 сыллаах эдьиийбит Таня, Кэбээйигэ тиийээт, уон аҕыс сааһыгар өлбүт. Аҕабыт холкуос сүөһүтүн баарсаҕа тиэйэн, ыйынан хойутаан тиийэр. Хараҕынан көрбүтүн итэҕэйбэккэ, кыыһын аһыйан, ытаан-соҥоон, элэ-была тылын этэн, эрэй бөҕөтүн көрөр.
«Чаачыгый” холкуос 1944 сыллаахха Киров аатынан холкуоска холбоспута. Аҕабыт, Петр Николаевич, холкуос хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, бөҕөргөтүүгэ биир бастыҥ тэрийээччи быһыытынан биллэрэ. 1947 сыллаахха Дьабыыл нэһилиэгиттэн иккис ыҥырыылаах Саха АССР үлэһиттэрин дьокутааттарын сэбиэтигэр 5 ньүөмэрдээх билиэттээх дьокутаатынан талыллар. Ийэбит да, аҕабыт да Кэбээйигэ көһөрүллүүгэ доруобуйалара улаханнык айгыраабыта. Кэбээйиттэн 1944 сыл муус устар бүтүүтүгэр сыарҕалаах атынан көһөн, үксүн сатыы хааман кэлээхтээбиттэр. Ийэбит 1954 сыллаахха, аҕабыт 1958 сыллаахха күн сириттэн барбыттара. Дьоммутун эдьиийбит Меланья Петровна, 1939 сыллаах төрүөх, солбуйбута. Кини биһигини иитээри, медучилищеҕа киирэн баран, төннөн, холкуоска дайааркалаабыта. Кини үөрэммэтэҕин, төрөппүт оҕолоро ситэрэн, иккилии үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, республикаҕа биллэр үлэһит бастыҥнара дьон.
Мелания Петровна ииппит бииргэ төрөөбүт балтылара – Стручкова Татьяна Петровна трудовой книжкатыгар үлэтин миэстэтин туһунан биир эрэ бэлиэтээһин баар. Үөрэҕин, Саха государственнай университетын, бүтэриэҕиттэн, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Алтан нэһилиэгин оскуолатыгар учууталынан үйэ аҥарыттан ордук кэм устата үлэлээн кэллэ. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала, Алтан нэһилиэгин уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, улуус «Ытык сүбэтин” чилиэнэ, РФ үлэҕэ бэтэрээнэ, Алтан нэһилиэгэр бастакы, холобур буолар, меценат. Икки уол оҕото үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, ийэлэрин суолун салҕыы тэлэн, учуутал идэтин баһылаатылар.
Орто балтылара, Уваровская Тамара Петровна, РФ социальнай харалтатын Үтүөлээх үлэһитэ, РФ үлэҕэ бэтэрээнэ. Кыыс оҕото Саха Республикатын үпкэ министиэристибэтин испэсэлииһэ, кэргэннээх, уол оҕолоох.
Кыра балтылара, Пермякова Татьяна Петровна РФ үлэҕэ бэтэрээнэ. Уол оҕото Газпром Ноябрьскайдааҕы салаатын промышленноска куттала суох буолуу салаатын сүрүннүүр испэсэлииһэ. Кэргэннээх, үс уол оҕолоох.
Эдьиийбит Мелания Петровна, Кэбээйи көһөрүүтүн ыар сылларын этэҥҥэ туораан, эйэлээх олоххо чиҥник үктэнэн, М. Горькай аатынан совхозка эринээн Баишев Василий Гаврильевичтыын үйэлэрин тухары үлэлээн кэлбиттэрэ. Күөх кырыстаах Дьабыыл кырса чэчирии турарын туһугар көмүс көлөһүннэрин тоҕон үлэ үөрүүтүн билбиттэрэ. Эдьиийбит Мелания Петровна туйгун үлэтин иһин 1975-76 сыллар эргин босхо путевканан наҕараадаланан Латвияҕа күүлэйдээн кэлбитэ. Өр сылларга ил-эйэ эркиннээх дьиэ кэргэн олоҕо улус көмүс дуйдаах «Ытык ыал» бэлиэнэн бэлиэтэммитэ.
Төрөппүттэрбитин удьуордаан, дьонтон хаалсыбат үлэһит дьон буоллубут. Эрдэ тулаайах хаалан, үлэҕэ эриллэн, харчы-ас хантан, хайдах кэлэрин билэ улааппыппыт. Ол иһин¸олоххо тулуурдаах, дьулуурдаах, дьону өйдүүр-өйүүр, уопсай тылы булар үтүө хаачыстыбалар иитиллэн, олоххо араас түгэннэри туораан кэллэхпит. Олохпут суолун түөспүтүнэн тэлэн, дьон тэҥинэн сырыттахпыт!
Ахтыыны суруйда Стручкова Татьяна Петровна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала, Алтан нэһилиэгин уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, улуус «Ытык сүбэтин” чилиэнэ, РФ үлэҕэ бэтэрээнэ, Алтан нэһилиэгэр бастакы, холобур буолар, меценат.