Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Цыпандин Алексей Николаевич

Холобур буолар хорсун буойун саллаат мин эһэм Цыпандин Алексей Николаевич. 1925 сыл олунньу 26 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Араҥас нэһилиэгэр Афанасий Николаевич уонна Анна Сидоровна Олесовтарга 9-с оҕонон төрөөбүт. Эһэбин Алексей Николаевиһы кыһыл оҕо эрдэҕинэ аймахтарыгар Варвара Михайловна, Николай Прокопьевич Цыпандиннарга ииттэрэ биэрбиттэр. Бу ыал кыра оҕону таптаан, маанылаан, көрөн истэн улаатыннарбыттар. 1934-1941 – Төҥүлү оскуолатыгар үөрэммит. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран икки сыл колхозка үлэлээбит.
Эһэм 1943 сыллаахха ыам ыйын 31 күнүттэн сааһын эбинэн 17 саастааҕар Кыһыл Армия байыаһа буолбут. Маҥнай Бурятскай АССР Кяхта диэн куоракка ат собуотугар тиийбит. Алексей Николаевич Забайкальскай 386-с 1-кы батальоҥҥа сулууспалаабыт, онтон Казань куоракка 1 ый маршевай ротаҕа үөрэммит. Уоттах сэриигэ Ленинградскай фронт 65 сд., 311 сп., 1 батальонун 2 ротатыгар тиийбитэ.
14.01.1944с. Ленинград блокадатын босхолооһуҥҥа, Новгородско-Лужскай кыргыһыыга маҥнай киирбит. Араас омуктары кытта өстөөхтөрү утары бииргэ сэриилэһэн, өлүүттэн өрүһүйсэн бойобуой доҕордоһуу диэн тугун билэр. Өлүү, бааһырыы да сэрииһит ыкса ыала, чугас дьукааҕа буоларын билбит. Өстөөҕү кытта хабыр хапсыһыыга сылдьан 3 төгүл илиитигэр, иһигэр, өттүгэр бааһырбыт. Саллаат эмтэнээт да фроҥҥа баран испит.
Кини Псков куорат анныгар кыргыһыыга кыттар. 1944 сыл олунньу 25 күнүгэр Заречье, Дубровна, Путилова дэриэбинэлэри ылар иһин кыргыһыы кыттыбыта. Онно өстөөх күүстээх дзотун үлтү тэптэрэр сорук турбутугар. Маҥнай үс киһи утуу-субуу баран иһэн өлбүттэр. Онтон төрдүс киһинэн Алексей Николаевич Цыпандин барбыт. Олус эрэйдээхтик тиийэн дзоту дэлби тэптэрбит. Ити кэнниттэн өстөөҕү кытта кыргыһар ыар сэриигэ атаҕар улаханнык бааһырбыт. Хонууга суукка аҥара сыппыт саллааты санитардар булан госпитальга аҕалбыттар. Саамай өр кэмҥэ Улан- Үдэ куоратыгар госпитальга сыппыт. Онно биэстэ операциялаабыттар, тоҕус төгүл хаан куппуттар. Аҥар атаҕын олорчу быспыттар, дойдутугар 2 группалаах инбэлиит буолан эргиллибитэ.
Аҕа дойду сэриитин 2 степеннээх орден кавалера, Германияны кыайыы иһин мэтээлинэн кэлин хас да үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
1945 сыллаахха хорсун хоодуот буойун орденнаах мэтээллэрдээх , Улуу кыайыы кэһиилэнэн, дьол-соргу доҕордонон дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ.
Эһэм Алексей Николаевич Мэлдьэхситтэн төрүттээх Колесова Елизавета Давыдовнаны кэргэн ылан 12 оҕону төрөтөн иитэн үөрэттэрэн, үлэһит оҥортоон, уһун ыарахан ыарыыттан 1984 от ыйын 15 күнүгэр өлбүтэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.