А.А. Тихонов- тыыл ветерана. Алексей оҕо сааһа Аҕа дойду улуу сэриитинээҕи аас-туор, ыар кэмнэргэ түбэспит. Аҕалара Алексей Ксенофонтович Тихонов, Аҕа дойду сэриитин кыттылааҕа, 1945 с. сэрииттэн инбэлиит буолан кэлбитин кэннэ, аҕыйах сылынан ийэлэрэ ыалдьан, онтон аҕалара сэриигэ ылбыт эчэйиилэриттэн өрүттүбэккэ ыалдьан барахтыыллар, 6 оҕо эрдэ тулаайах хаалаллар. Аһыыр-аһаабат икки ардынан сылдьан, улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлээн, олох ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэллэр.
Ньурба орто оскуолатыгар Алексей үөрэнэ сылдьан эдэркээн, кыраһыабай, туохха барытыгар көхтөөх кыыһы Эльвираны көрөөт, сөбүлүүр. Эльвира оскуоланы бүтэрэн, дойдутугар Намҥа төннөр, онтон Алексей Аҕа дойдуга ытык иэhин төлүү аттанар. Эдэр киһи армияттан кэлэн баран, 1958 сыллаахха Дьокуускайга үөрэнэ сылдьар Эльвираны түбэhэ көрсөн, таптал кыыма күөдьүйэн, эдэр дьон ыал буоларга быhаарыналлар. Ол сыл сайыныгар Эльвира төрөппүттэригэр Ефрем Степановичка, Марфа Николаевнаҕа Нам Бөтүҥэр билсэ тахсаллар. Дьонноро күтүөттэрин көрөөт да, сөбүлүүллэр. Ити курдук Алексей тулаайах бэйэтэ улахан дьиэ кэргэҥҥэ күтүөт буолар.
Аҕалара Ефрем Степанович киһиэхэ хайаан да идэ наада диэн сүбэтин ылынаннар, Алексей Алданнааҕы политехническай техникумҥа, Эльвира педучилищеҕа үөрэнэ киирэллэр. Эльвира Нам орто оскуолатыгар пионер баhаатайынан үлэтин саҕалыыр. 1962 сыллаахха эдэр киһи шахтаҕа үлэҕэ ананан, Сангаарга көһөн тиийэллэр. Манна Алексей үлэһитин, чиэһинэйин, ханнык да үлэттэн толлубатын бэлиэтии көрөннөр, начальникка тиийэ үүнэрэллэр, партия чилиэнинэн ылаллар, үчүгэй үлэтин иһин Сангаардааҕы шахта бырабылыанньатын Бочуотунай Кинигэтигэр киллэрэллэр. Эльвира Петровна норуодунай суут тылбаасчытынан, онтон ЗАГС отделыгар үлэлиир. Сангаарга олорор кэмнэригэр 3 оҕону күн сирин көрдөрөллөр. Улахан уолга Евтропийга эhэлэрэ Ефрем Степанович убайын, сахалартан биир бастакы полиглот, Ленинградка үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан ыарахан ыарыыттан эдэр сааhыгар олохтон барбыт убайын аатын биэрэллэр. 1971 сыллаахха ийэлэрин төрүт дойдутугар, Намҥа, көһөн тиийэн букатынныы олохсуйаллар. Манна кэлэн Алексей Алексеевич Намнааҕы энергонадзорга начальнигынан үлэлиир.
1982 сыллаахха «Сельхозэнерго» холбоһуга тэриллэн директорынан ананар. Бастакы тэрилтэ тэриллиитэ, биллэн турар, улахан тэрээһиннээх үлэни эрэйэрэ. Онтон чаҕыйбакка, Алексей Алексеевич бэрт кылгас кэмҥэ улахан далааһыннаах үлэни ыытан, Хамаҕатта, Хатыҥ Арыы, I Хомустаах уо.д.а. нэһилиэктэр совхозтарыгар уот тартарыыта тэтимнээхтик барар, ферма үлэтин чэпчэтэр сыалтан, уотунан ититиллэр билиитэлэри, уу сылытар тэриллэри оҥорторон, дьон-сэргэ махталын ылар. Элбэх ыччаты Намнааҕы СПТУ-га, Читаҕа, Иркутскайга үөрэттэрэн, орто анал уонна үрдүк үөрэхтээх электрик-инженер идэтин баһылатар. Намнааҕы 2-с №-дээх оскуола директорын В.Н. Петровы кытта бииргэ үлэлэһэн, улахан кылаас оҕолорун 2 сыллаах электрик куурсугар үөрэттэрэн, үгүс ыччат кини тэрилтэтигэр үлэлии кэлбиттэрэ.
1987 сыллаахха Нам оройуонугар «Росгазспецстрой» Намнааҕы учаастага тэриллэр. Манна ылыммыт дьыалатыгар бэриниилээх үлэһит киһини, коммуниһы А.А. Тихоновы начальнигынан аныыллар. Эмиэ барытын саҥаттан саҕалаан, суоҕу баар оҥорон, саҥа тэрилтэ базатын тэрийбитэ, хаҥаппыта. Дьиэлэригэр газ киирэн, дьон үөрүүтэ-көтүүтэ салайааччы киһини саҥаттан саҥа кэрдиискэ дабайарыгар көмөлөспүтэ, күүс-күдэх эппитэ. Алексей Алексеевич Нам оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсибит киһи буолар.
“Ыал аҕата – дьиэ өһүөтэ” дииллэринии, ыал уйгута аҕаттан олус тутулуктаах. Алексей Алексеевич алаһа дьиэ тэриниэҕиттэн, дьиэ кэргэнин иннигэр эппиэтинэстээх, сүрэхтээх, үлэһит, кыһамньылаах, көхтөөх, онуоха ыал ийэтэ Эльвира Петровна үөрүүнэн сөбүлэһэн, оҕолорун, дьиэтин бэрийэрин сэргэ, кэргэнигэр истиҥ өйөбүл, көх-нэм буолара.
Улахан кыыстара Марианна Алексеевна ол кэрэ, умнуллубат түгэннэри маннык ахтар: “Ийэлээх аҕам бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, өйөнсөн, олохторун суолун устун бииргэ сиэттиhэн айанныыллара. Аҕам ыарахантан толлон турбат күүстээх санаалаах, ханнык баҕар ыарахан түгэҥҥэ кини сөптөөх быһаарыныы ылынара, ийэм нарын-намчы майгылааҕа, дьиэ-уот үлэтигэр сыстаҕаһа, оҕолоругар, кэргэнигэр олус бэриниилээҕэ. Дьонум бэйэ-бэйэлэрин кытта итии-истиҥ сыhыаннаахтара, Лёш, Эля диэн эйэргээн ыҥырсаллара. Ийэбит балыыhаҕа эмтэнэ киирдэҕинэ, аҕабыт суохтаппакка көрөрө-истэрэ.
Бөтүҥҥэ ыалдьыттыы кэллэхпитинэ, ийэлээх аҕам иккиэн айылҕаттан дьону түмэр дьоҕурдаах буоланнар, аймах-билэ дьоннорун мунньан ыhыах тэрийэр үгэстээхтэрэ. Сайын аайы дьиэ кэргэнинэн муораҕа дуоһуйа сынньанан, доруобуйабытын бөҕөргөтөн кэлэрбит. Төрөппүттэрбит биһиэхэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр махталбыт улахан”.
Младшая дочь Вероника Алексеевна : «Папа – всегда самый заботливый, добрый, мудрый, самый идеальный мужчина на земле. Хочу сказать слова благодарности за твой труд, терпение, поддержку, за те усилия, которые ты приложил в мою жизнь, для того , чтобы мой мир всегда был радужным, спокойным и стабильным. Спасибо тебе за понимание, доброту и все светлое, что ты приносишь в мою жизнь всегда. Я очень горда тем, что ты – мой отец» .
Алексей Алексеевич дьонугар-сэргэтигэр, доҕотторугар ыллыктаах ыраас ыра санааларын, олоххо үтүө көрүүлэрин үөрэ-көтө утары ууна сылдьар үгэстээх. Олоҕун тухары үтүөнү үксэтэн, кэрэни кэрэхсээн, аймах-билэ дьонугар, оҕолоругар, сиэннэригэр, табаарыстарыгар үтүө сүбэһит-амаһыт, эдэр сааһыттан үлэни өрө тутан, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыанынан, кыһамньытынан, холобур буолар Киһи.
Аймахтара Мария Николаевна Харитонова, Анна Николаевна Кривошапкина күтүөттэригэр маннык үтүө тыллары аныыллар: “Биһиги күтүөппүт Алексей сэмэйинэн, боростуойунан, киһиэхэ барытыгар тэҥ сыһыанынан дьоҥҥо-сэргэҕэ сүбэлэтэр, убаастатар ураты майгылаах. Ол иһин дьон киниэхэ куруук тардыһаллар, кыһалҕаларын үллэстэллэр. Аймахтарыгар, табаарыстарыгар туох баарынан күүс-көмө буолар үгэстээх.
Биһиги эдьиийбитигэр Эльвира Петровнаҕа истиҥ сыһыана, нарын таптала барыбытын үөрдэрэ, эркин курдук эрэлэ, көрөр-истэр, маанылыыр, атаахтатар, баар-суох күндү киһитэ этэ. Эдьиийбитигэр, 3 оҕотун тапталлаах күн-күбэй ийэтигэр, дьоллоох олоҕу олордубутугар күтүөппүтүгэр Өлөксөйгө барҕа махталбытын этэн туран, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ сылаас тапталларыгар угуттанан үөрүүҥ үксээтин, үйэҥ уһаатын диэн алгыс тылбытын аныыбыт”.
Кыра балтылара Анастасия Ефремовна Сивцева: “Мин дьээдьэ Алешаны кыра эрдэхпиттэн өйдүүбүн. Саас буолла эрэ, бары кинилэр Сангаартан кэлэллэрин долгуйа кэтэһэрбит. Ийэм бэрэски буһаран тоҥороро. Мин биэстээх-алталаах сылдьан, ытырдан баран: “Ити миигин дьээдьэ Өлүөскэ ахтар”, – диэммин дьоммун дэлби күллэрэрим.
Эдьиийдээх күтүөппүн кытта биһиэхэ саас, сайын кэлэрин курдук күндүтүк саныырым. Бастакы борохуоту көрсө Граф Биэрэгэр киирэрбит. Оо, наһаа да үөрэр этим, дьонум кэллэхтэринэ. Сангаартан Намҥа көһөллөрүгэр миигин илдьэ барбыттарын бу баардыы өйдүүбүн. Наһаа да үчүгэй этэ, ол саҕана Сангаар, куораттан туох да атына суоҕа. Төннөрбүтүгэр таһаҕас бөҕөлөөх улахан борохуотунан кэлбиппит. Өр да айаннаабыппыт.
9-с кылааска Намҥа үөрэнэрбэр кинилэргэ олорбутум. Үҥкүү куруһуогар сылдьар этим. Киэһэ 8 чаастан саҕаламмыт дьарыкпыт бүтэрин кэтэһэннэр, дьээдьэ Өлүөскэ Эльвиралыын миигин ылан бараллара.
Эдьиийим аах наһаа да үчүгэйдик үҥкүүлүүллэрэ. Биирдэ кэнсиэр кэнниттэн дискотекаҕа хаалбыттарын кэтэһэ олороммун, үҥкүү бөҕө буолбуттарын көрбүттээҕим. Эдьиийим Эльвира Петровна, күтүөтүм Алексей Алексеевич наһаа да кыраһыабай паара этилэр. Сайын аайы маҥан “Москвич” массыынанан тыаҕа тахсарбыт, сир астыылларыгар миигин илдьэ сылдьаллара. Алексей ыалдьыттыы тиийдэхпинэ, куруук үөрэ-көтө көрсөрө, күүс-көмө буолара, сүбэ-ама биэрэрэ. Астыыр аһа минньигэс да буолааччы».
Ыал оҕото – дьиэ кэскилэ, аатын ааттатар ыччата. Үтүө киһи оҕолорун бэйэтин холобурунан олоххо сирдээн саха омук мааны ыала, үлэһит үтүөтэ, киһи кэрэмэһэ гына иитэлээтэ.
Улахан уоллара Евтропий Алексеевич- “Намкоммунтеплоэнерго” курдук улуус тыын боппуруоһун быһаарар тэрилтэ сүрүннүүр инженеринэн таһаарыылаахтык үлэлиир республика биир бастыҥ инженерэ, “СР бастыҥ инженерэ” конкурс кыайыылааҕа. Кэргэнэ Любовь Климентьевна – үрдүкү категориялаах мед. сиэстэрэ, СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
Улахан кыыс Марианна Алексеевна – Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын английскай тылын учуутала. Кини кэргэнэ Николай Михайлович – пенсионер. Улахан уоллара Марк эһэтин туйаҕын хатаран, Мирнэйдээҕи политехническай техникуму бүтэрэн, Намнааҕы РЭС-кэ электригинэн үлэлиир. Кийиит Николанна инженер идэтигэр үөрэнэр. Кыра уол Денис – ХИФУ физкультурнай институтун студена.
Иккис кыыстара Вероника Алексеевна – республикатааҕы инвестиционнай хампаанньа сүрүннүүр бухгалтера, кэргэнэ Василий Светланович – индивидуальнай предприниматель, уоллара Алексей Васильевич – СР транспорка уонна суол хаһаайыстыбатын министерствотын департаменын салайааччыта, Яна уонна Роберт диэн уоллаах кыыстаахтар.
Кыра уоллара Александр Алексеевич республикатааҕы инвестиционнай хампаанньаҕа суоппардыыр. Кийиит Ильанна Алексеевна – “Сахамедстрах” СМК сүрүннүүр специалиһа, 4 оҕолоохтор.
Алексей Алексеевич, Эйигин төрөөбүт төрүт дойдуҥ күөх айылҕата, ыраас уулаах күөллэрэ, ыллыыр ходуһалара араҥаччылыы, арчылыы сырыттыннар диэн алгыстаах санаабытын тиэрдэбит. Сатабыллаах дьаһалгын, мындыр толкуйгун, олоххо дьулуургун куруук холобур оҥостобут. Сыалгын-соруккун хаһан баҕар бүтэр уһугар диэри тиэрдэр уонна ханнык да мэһэйдэртэн толлубат күүстээх санаалаах буолаҥҥын, эйиэхэ дьон муҥура суох эрэнэр. Ытык сааскын бэлиэтиир күҥҥэр үөрэн-көтөн туран, эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, быстыбат күүһү-уоҕу уонна дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-саргыны баҕарабыт.