Биһиги эбэбит Находкина Пелагея Тимофеевна билигин баара буоллар 97 сааһын тулуохтаах этэ… дьылҕа-хаан оҥоһуутунан баара суоҕа 28 эдэркээн сааһыгар сэллик ыарыыга ылларан бу орто дойдуттан, биһиги аҕабыт, маҥнайгы собус-соҕотох уол оҕото Сэргэй 3 саастааҕар, быыкаайык уолчааны тулаайах хаалларан күн сириттэн суох буолаахтаабыта. Билигин кини көмүс уҥуоҕа Нам улууһун Хамаҕатта нэһилигэр көмүллэ сытар…
Аҕабытын тулаайах хаалбытын кэннэ кини ийэтэ Көбөкөн олохтооҕо Барамыгина Ирина Ивановна уонна кини кыргыттара Балааҕыс бииргэ төрөөбүттэрэ: Иванова Татьяна Тимофеевна, Иванова Александра Тимофеевна ииппиттэрэ, көрөн-истэн киһи гына улаатыннарбыттара. Кырдьаҕас эдьиийдэрбит бэйэлэрэ ыал буолбакка, оҕо төрөппөккө, үөлээннэхтэрэ фроҥҥа баран эргиллибэтэхтэригэр соҕотох хаалан баран тулаайах хаалбыт бырааттарын ииппиттэрэ, кэлин, биһигини сиэннэрин үһүөммүтүн, көрөн-истэн улаатыннаран 80-чаларын лаппа ааһан баран аннараа дойдуга аттаммыттара.
Чугас дьоно эбээбитин таптаан Балааҕыс диэн ааттыыллара эбитэ үһү. Кини 1923 сыллаахха Арбын нэһилиэгэр Иванов Түмээскэ, Барамыгина Өрүүнэ колхуостаах ыал 16-та оҕоломмуттарыттан 5 оҕо ордон, кини иккис кыыс буолан улааппыта. Аҕа дойду алдьархайдаах сэриитэ саҕаланыыта 1941 сыл от ыйын 30 күнүгэр Нам улууһун Партизан нэҺилиэгин 1913 сыллаах төрүөх Находкин Тихон Федоровичка кэргэн тахсан Хамаҕаттаҕа холбоһон ыал буолан колхуоска үлэлээн саҕалаабыттара. Ол саҕана эдэр ыал Тиэхээн тулаайах хаалбыт быраатын 9 саастаах уол оҕону бэйэлэрин оҕолорун курдук көрөн-истэн олорбуттара үһү. Эһээбитин Тиэхээни колхуос аатыттан 1942 сыллаахха Дьокуускай куоракка заготовителлэр курстарыгар үөрэнэ сырыттаҕына Дьокуускай военкомата иккис улахан хомуурга түбэһиннэрэн дьиэтигэр дьонун кытары быраһаайдаһыннара таһаарбакка даҕаны суһаллык фроҥҥа ыытан кэбиһэллэр. Улуу Сталинградскай кыргыһыыга кыттан, Ленинград блокадатын төлөрүтүүгэ кылаатын киллэрэн, Ильмень күөл уоттаах, элбэх саха чулуу саллаатын суорума суоллаабыт иэдэннээх быһылааҥҥа бааһыран, дьоппуон сэриитигэр кыттыһан, сэрии кэнниттэн Казахстаҥҥа эйэлээх олоҕу тутууга үлэлээн эмиэ биһиэхэ холобур буолар олохтоох чугас киһибит.
Эбээбит Балааҕыс соҕотоҕун хаалан Ленин колхуоска атын дьахталлары, кырдьаҕастары, оҕолору кытта барбыт эр дьоннорун солбуйан ыарахан тыыл үлэтигэр көлүллэн сэрии иэдээнин этинэн-хаанынан билбитэ. Ол саҕанааҕы архивка баар дөкүмүөннэргэ көрдөххө кини аата сайынын отчуттар биригээдэлэрин испииһэгэр, күһүн бурдук хомууругар, кыһынын кыладыапсыктыы сылдьыбытын туһунан былыргы сурунаалларга сурулла сылдьар. Сэрии ыар аччыктааһынын тулуйбакка иитэр уоллара ыалдьан өлөн хаалаахтаабыт.
Биһиги аҕабытын Находкин Сергей Тихоновиһы ииппит эдьиийдэрэ Иванова Татьяна Тимофеевна Көбөкөҥҥө суотчутунан, Иванова Александра Тимофеевна Намҥа военругунан тыылга үлэлээбиттэрэ. Кинилэр кэнники биһиэхэ кэпсиир этилэр- эбээбит Балааҕыс сэрии ыар сылларыгар 20 саастааҕар Хамаҕатта нэһилиэгин Ленин колхуос айаны кыайар эдэр дьахталлара, эр дьонноро буоланнар Ааллаах Үүҥҥэ кыһыҥҥы кэмҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыттар. Күһүн хас эмэ көлөнөн таһаҕас тиэйэн Ааллаах үүҥҥэ айанныыллара үһү. Уһун сындалҕаннаах айаҥҥа сыарҕалара алдьанан, аара хоно-хоно хас эмэ ыйы быһа айаннаан тиийэн таһаҕастарын туттараллар үһү. Саас төннөн кэлэллэригэр таҥастара алдьанан, астара бүтэн аччыктаан кэлэллэрэ эбитэ үһү. Тиэйэр табаардара үксэ бурдук, тоҥ балык, туттар сэп-сэбиргэл, быа-туһах буолара үһү. Айан ыар сындылҕаннаах сырыыта-аһаҕас халлаан анныгар балааккалаах хонуу, сүүрүгүрэ сытар хаардаах таҥнары аар тумарык туманы быыһынан кэстэрии, саһаан халыҥнаах хаары хаһан айан суолун тэлии дьахтар киһиэхэ олус ыарахан этэ диэн кэпсээбит этэ. Эр санаалаах хорсун саха дьахталлара буолан тулуйан сырыттахтара буолуо.

1946 сыллаахха эһээбит Находкин Тихон Федорович 9 ранениелаах, үгүс мэтээллэрдээх төрөөбүт дойдутугар төннөн таптыыр кэргэнинээн Балааҕыстыын колхуоска ньиргиччи эйэлээх олоҕу тутуһа үлэлээн –хамсаан, күүтүүлээх маҥнайгы уол оҕолорун 1948 сыллаахха төрөтөн үөрэ-көтө олордохторуна эбээбит барахсан ол саҕана элбэх киһи ыалдьар сэллик ыарыытынан моһуогуран, эрэйи көрөн, эмтэнэ сатаан баран 1951 сыллаахха сырдык тыына быстыбыт. Сэрии сылларыгар тыылга ыарахан үлэни көрсөн, Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕасчыттыы сылдьан тоҥон-хатан, аччыктаан доруобуйатын кэбирэппитэ олоҕун кылгаппыта мөккүөрэ суох. Эһээбит тапталлаах доҕорун, сэрииттэн эргиллэн кэлэрин эрэнэ күүппүт кэргэнин Хамаҕатта сиригэр –уотугар кистээбитэ.
Кэлин эҺээбит Орджоникидзевскай оройуон Өктөм нэһилиэгиттэн төрүттээх, бэйэтиттэн 25 сыл балыс Лида диэн эдэркээн дьахтары ойох ылан 8 оҕону төрөтөннөр Находкиннар ааттарын ааттатар элбэх сиэн, хос сиэн төрдө буолбуттара. Улахан уолун Сэргэйи кытта улааппытын кэннэ билсэр, оҕолорун билсиһиннэрэн, эһээ буолар дьолу билэн 66 сааһыгар сэриигэ ылбыт баастарыттан ыалдьан сырдык тыына быстыбыта.
Биһиги эбээбит төһө да эдэр сааһыгар олохтон туораабытын иһин кинини кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьоно олус истиҥник ахталлара-саныыллара, биһиэхэ кэпсииллэрэ. Биһиги, сиэннэрэ эһэлээх эбээбитин төһө да хаартысканан эрэ көрөн билбиппит иһин, кинилэр Кыайыы күнүн чугаһаппыттара, эдэр саастарын эйэлээх олох туһугар анаабыттара диэн киэн туттабыт!