Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Слепцов Иннокентий Васильевич

Үс уордьаннаах хорсун эһэбит – Иннокентий Васильевич Слепцов

Сталинградтан саҕалаан Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит, дойдутун Сэбиэскэй Союһу, Польшаны, Румынияны босхолоспут, биэс улахан өрүһү туораабыт, түөрт төгүл бааһырбыт, билиэн түбэһэ сылдьыбыт, өстөөх майорун билиэн ылбыт, 12 бойобуой наҕараадалаах, ол иһигэр 3 уордьаннаах, Верховнай Главнокомандующайтан, Маршал Жуковтан махтал суруктардаах, биһиги хорсун эһэбит, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ – Слепцов Иннокентий Васильевич.
Иннокентий Васильевич Слепцов 1914 с. сэтинньи 15 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройунугар 2 Моорук нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Бүтэйдээх нэһилиэгэ) төрөөбүтэ. 1933 c. Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Онтон 1937 с. Дьокуускайдааҕы потребкооперция техникумун ситиһиилээхтик бүтэрэн бухгалтер идэтин баһылаабыта. Үөрэҕин бүтэрэн баран дойдутугар потребкооперация союһугар бухгалтерынан үлэтин саҕалаабыта.
Эһэбит 27 саастааҕар Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыта. 1942 c. бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыта.
Саллаат Иннокентий Слепцов сулууспата Челябинскай уобалас Чебаркуль диэн станцияҕа баар байыаннай дьыалаҕа үөрэтэр чаастан саҕаламмыта. Сотору хаан тохтуулаах Сталинградтааҕы кыргыһыы инники кирбиитигэр ыытыллыбыта. Сталинград куораты көмүскэспит 41-с гвардейскай стрелковай дивизия төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, төлө көтөн тахсыыларыгар аҥаардара эрэ хаалбыта. Эһэбит бастакы бааһырыытын онно ылбыта, иккитэ саннытыгар уонна төбөтүгэр.
Эмтэнэн, үтүөрээт Сталинград кыргыһыытыгар эргиллибитэ. Бу сырыыга утары кимэн киириигэ кыттыһар. Дон өрүһү туораан баран хутордары босхолоһо сылдьан иккиһин бааһырар. Оһоруна охсон түмүктүүр сэриигэ киирэр. Төгүрүллэн олорор Паулюс фельдмаршалга көмөҕө тиийэ сатаабыт Манштейн тааҥкаларын, сэриилэрин тохтотуһар. Ити курдук, Сталинграды көмүскүүр сүҥкэн улуу кыргыһыыларыгар барытыгар сылдьар.
1943 с. кулун тутар ыйга Синельников станцияны сэриилээн ылан бараннар, итинтэн чугас баар Водяное дэриэбинэ аттыгар немецтэр кинилэр 4 дивизияларын төгүрүйбүттэр. Ол түмүгэр билиэннэйдэр ыар олохторун, атаҕастабыл аһыытын-ньулуутун барытын тулуйбута. 1944 c. олунньу ыйга танковай чаастар босхолооннор НКВД кытаанах бэрибиэркэтин ааспыта.
Онтон салгыы 3-с Украинскай фронт 5 армия 301-с стрелковай дивизия састаабыгар сэриилэһэр. Молдавияҕа Днестр өрүһү туораан, Бендеры уонна Кишинев куораттары босхолоһор, Сэбиэскэй Союз кыраныыссатыттан өстөөҕү үүрсэн, Румыния олохтоохторугар көҥүл олоҕу аҕалсар. Ити кэмҥэ арай биирдэ шоссе суолугар өстөөх массыынатын гранатанан тоҕо тэптэрэн, үрдүк сололоох немец майорун билиэн ылар. Бу хорсун быһыытын иһин „Хорсунун иһин“ мэдээлинэн наҕараадаланар. Онтон үсүһүн бааһыран, госпитальга кылгас кэмҥэ эмтэнэ түһээт, өстөөҕү салгыы урусхалласпытынан барар. Висла өрүһү туорааһыҥҥа миномет алдьархайдаах уотугар түбэһэн тимирэ сыһар. Манна төрдүһүн бааһырар. Кэлин: „Хаарыаннаах доҕотторбун Висла дириҥ уутугар былдьаппытым“, – диэн харааста кэпсиирэ. Ити курдук, Висло-Одерскай операцияҕа кыттан Польшаны босхолоспута. Варшаваттан аатырбыт „Т-34“ таанкаларга олорсон Германия Одер өрүһүн кытылыгар баар буола түһэллэр. Өрүһү туораан иһэн өстөөх күүстээх ытыалааһыныгар түбэһэллэр. Уҥуоргу биэрэги нэһиилэ булаллар. Ити ытыалааһыҥҥа роталарын хамандыыра, Сэбиэскэй Союз Геройа, капитан Дмитрошвили өлөр. Одер өрүһү туорааһыҥҥа хорсун-ходуот быһыыны көрдөрбүтүн иһин Кыһыл сулус уордьанын окуопаҕа сэриилэһэ сыттаҕына туттарбыттар.
1945 сыл муус устар ыйыгар кини дивизията өстөөх арҕаҕын алдьатар операцияҕа кыттар. Берлиҥҥэ тиийэн фашистскай Германия армиятыттан ордон хаалбыттары уодьуганныыр. Сэрии тиһэх күннэригэр үгүс саллааты кыргыбыт өстөөх пулеметун соҕотоҕун сыыллан тиийэн суох оҥорбута, взводунаан 40 немец саллаатын билиэн ылаллар. Кыайыы өрөгөйүн Рейхстаг үктэлиттэн бэрт чугас көрсүбүтэ. Берлины ылыыга хорсун быһыыта сыаналанан, биһиги эһэбит Аҕа дойду сэриитэ II степеннээх уордьанынан бэлиэтэнэр. Сэриини 1945 с. ыам ыйын 2 күнүгэр Берлиҥҥэ түмүктээбитэ. 1945 с. алтынньы 5 күнүгэр Верховнай командование бирикээһинэн байыаннай сулууспаттан босхолонон төрөөбүт дойдутугар этэҥҥэ тыыннаах эргиллибитэ.
Сталинградтан саҕалаан Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит, дойдутун Сэбиэскэй Союһу, Польшаны, Румынияны босхолоспут, Волга, Дон, Днестр, Висла, Одер курдук улахан өрүстэри туораабыт, 4 төгүл бааһырбыт, өстөөх майорун билиэн ылбыт, 12 бойобуой наҕараадалаах, ол иһигэр 3 уордьаннаах, сатыы сэрии саллаата, биһиги эһэбит Слепцов Иннокентий Васильевич буолар.
Оччолорго эһэбитин, саха саллаатын Иннокентий Слепцов туһунан Ленинград суруналыыһа Иван Матвеевич Гончаров 1984 c. таһаарбыт „Я, брат из пехоты“ диэн кэрэхсэнэр кинигэтигэр „Фронтовые версты рядового Слепцова“ диэн суруйан үйэтиппит эбит. Документалист-суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев кинигэтигэр киирбит бэлиэтээһиннэригэр, краевед Матрена Егоровна Федорова 2005 с. таһаарбыт „Өбүгэ утаҕа“ диэн Слепцовтар төрүттэрин туһунан кинигэтигэр, биллэр краевед, биир дойдулааҕа, Бүтэйдээх нэһилиэгин олохтооҕо Константин Константинович Родионов „Сатыы сэрии саллаата Иннокентий Слепцов“ хорсун сырыыларын туһунан ыстатыйатыгар эһэбит туһунан суруйан, сырдатан тураллар. Ону таһынан оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ суруйаллар, ахталлар. Ол курдук, 2014 сыллаахха Улуу Кыайыы 70 сылын, эһэбит төрөөбүтэ 100 сылын көрсө улахан кыыһа Ирина, күтүөтэ Вячеслав Окороковтар „Олоххо тардыһыы күүһэ“ диэн улахан ыстатыйаны бэлэмнээн „Амма олоҕо“ хаһыакка бэчээттэппиттэрэ.
Эһэбит сэрии кэнниттэн Майаҕа потребкооперацияҕа ревизорунан үлэлээбитэ. 1947 c. Москваҕа Бүтүн Союзтааҕы потребкооперация профсоюһун маҥнайгы съеһигэр Саха сириттэн делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта.
Эһэбит атаҕар кыахтаах, кылыыһыт бэрдэ үһү, эдэригэр „Куоллара кынаттаах кылыыһыта“ диэнинэн биллибит эбит. Мааркабыс баайдар Ходьоҥ диэн сайылыктарыгар түөртүү толору хаамыылаах үс бүтэй остоолбону түгэҕэр тиийэ биири да дубук түспэккэ кыахтаахтык кылыйара. 1947 с. сайын дойдутугар Бүтэйдээх ыһыаҕар тиийэн көстүүмүн да устубакка мэтээллэрин кылыгыраппытынан бачыыҥканан биир эрэ ыстаныытыгар үстүү хаамыы биир тобуктаах туостары бэрт холкутук аһарыта кылыйан толору түспүтүн ким да сиппэтэх. „Олус да эстибит, быстыбыт эбиппит“, – диэн баран мүһэтин да ылбакка түһүлгэттэн тахсан баран хаалбытын кэпсииллэр. Ол курдук бэйэтин кыанар киһи эбит.
1947-1949 cc. Уус Маайа райпотугар кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ уонна бырабылыанньа чилиэнинэн талыллыбыта. 1949-1952 сс. Кэбээйи райпотугар старшай бухгалтерынан ананан үлэлиир. Бу сылдьан олоҕун аргыһын Кэбээйиттэн төрүттээх Александра Харитоновна Лугинованы көрсөн ыал буолаллар. 1952 сылтан Аммаҕа көһөн кэлэннэр олохторун оҥостоллор.
Эбэбит Александра Харитоновна үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо үйэтин-сааһын тухары Амматааҕы олох-дьаһах комбинатыгар иистэнньэҥинэн, партия оройуоннааҕы бюротун чилиэнинэн, управление наставниктарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Эһэбит Иннокентий Васильевич 1957-1961 cc. диэри „Холбос“ саһылы иитэр ферматыгар старшай бухгалтерынан, директорынан үлэлээбитэ. Онтон салгыы эргиэн эйгэтигэр отуттан тахса сыл эҥкилэ суохтук, үтүө суобастаахтык үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Эһэбит олус сымнаҕас, көнө, көрсүө-сэмэй, туруу үлэһит киһи этэ. Бултуурун-балыктыырын, тыаҕа сылдьарын олус сөбүлүүрэ диэн чугас дьоно ахталлар.
Иннокентий Васильевич уонна Александра Харитоновна 5 оҕолоохтор, 18 сиэннээхтэр, 31 хос сиэннээхтэр. Ыччатара билигин араас эйгэҕэ үлэлии-хамсыы, үөрэнэ, айа-тута сылдьаллар. Эһэбит 1985 с. сэтинньи ый 26 күнүгэр уһун ыарахан ыарыыттан 71 сааһыгар бу Орто дойдуттан барбыта.
Оҕолоро, сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ эһэбитинэн киэн туттабыт, кини сырдык мөссүөнэ, үтүө аата биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү баар, мэлдьи тыыннаах.
Эһэбит икки Аҕа дойду сэриитэ II степеннээх, Кыһыл сулус уордьаннардаах, „Хорсунун иһин“, „Сталинград оборонатын иһин“, „Варшаваны босхолооһун иһин“, „Берлины ылыы иһин“, „Германияны кыайыы иһин“, „Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин“, Кыайыы үбүлүөйдээх сылларыгар тахсыбыт, „Улэ бэтэрээнэ“ уо д.а. мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.

Ахтыыны хомуйан суруйда сиэннэрэ Мария Пестрякова уонна Айтал Слепцов

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.