Аҕам Яковлев Василий Петрович Мэҥэ улууһун Үөһээ Моорук нэһилиэгигэр (билиҥҥинэн Амма улууһун Сатаҕайыгар НьХоптолоохНь алааска күн сирин көрбүтэ). Аҕата Яковлев Петр Васильевич, ийэтэ Скрябина Мария Федоровна, биир Матвей 1905с. төрүөх бырааттаах. Дьоно уолларын Мэҥэ Богородскай таҥара дьиэтигэр Бүтэйдээххэ илдьэн сүрэхтэппиттэр. Ол туһунан таҥара дьиэтигэр метрическай кинигэҕэ 1902 сыллаахха муус устар 20 күнүгэр 21 №-х сөптөөх суруйуу оҥоһуллубут. Эһэбит Бүөтүр эдэр сааһыгар өлөн, эбээбит Маайа икки уолун бэйэтэ атахтарыгар туруортаабыт. Сүрдээх хоһуун, сытыы тыллаах-өстөөх дьахтар эбит. Аҕам бастаан быраатынаан бэйэлэрэ хаһаайыстыбаларын, сүөһүлэрин көрөн олороллор. Онтон Сатаҕайга бастакы НьБаачымаНь диэн ТОЗ тэриллибитигэр председателинэн талыллан үлэлээбит. Кини үлэлиир кэмигэр Сатаҕай, Алтан, Мэҥэ улууһуттан арахсан Амма улууһугар холбоспуттар. Билигин дьон арааһы туойаллар. Ол быһаарыныыны син уопсай мунньахха куоластаан ылыныллыбыт буолуохтаах, соҕотох мин аҕам быһаарбатаҕа чахчы. Ийэтэ сааһыран баран өлбүт. Хиоийуох иһин хас сыллаахха өлбүтүн билбэппин. Аҕам кэргэннэн Абаҕаҕа көһөн ыал буолан олорон Аҕа Дойду сэриитэ Саҕаланан 1943с. бэс ыйын 10 күнүгэр “Ньукулай Бартыһаан” кокхозка үлэлии сылдьан Чурапчытааҕы военкоматынан ыҥырыллан барбыт. Читаҕа Забайкальскай военнай округ 563 №-х военнай чааһыгар отдельнай “батальон аэродромного обеспечения” п/почта 3549-В диэн чааска сулууспалаабыт. Японияны утары сэриигэ Манчжурия истиэбин кумах куйаары сатыы туораан эрэй бөҕөнү көрөн сатыы тиийбиттэр. Япония мелитаристарын утары сэриилэспит. Хата этэҥҥэ сэриини түмүктээн 1945 сыллаахха сэтинньи ыйга демобилизацияламмыт. “Германияны кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх. Аҕабыт кыанар эрдэҕинэ колхозка сылгыһыттаан, кэнники булчутунан, сайынын сүөһү бостуугунан, хортуопуй подвалыгар оһох оттооччунан, бүтэй харабылынан, сибиинньэ көрөөччүнэн хас да сайын үлэлээбитэ. Үлэни кыайбат буолур диэри араас үлэни үлэлээбитэ, биир өрөбүлэ суох үлэҕэ сылдьыбыта. Булчут буолан биһиги аспытынан быстарбатахпыт. Сөбүнэн көрөн улахан булка сылдьара, кустуура, балыктыыра. Ол булдуттан ыалларын матарбат буолара.
Кыһын туһахтаан сыарҕа муҥунан куобахтаах кэлэрэ, ону сүлэн тириитин лааппыга туттарара. Ону таһынан андаатар, кырынаас, тииҥ, солоҥдо, саһыл. Ол биһиэхэ оҕолорго сонун уонна үөрүүлээх түгэн буолара. Хардаҥ эһэ тириитинэн наара ороҥҥо тэллэх оҥостон бары утуйан абыраммыт дьоммут. Былаанын өрүү толорор этэ. Куруутун дьукаахтаах буоларбыт, дьон-сэргэ наар хонор-өрүүр ыала этэ. Соморсун дьоно элбэхтик хонон ааүаллара, суол ол кэмҥэ наһаа мөлтөх этэ. Ардахха эрэйи көрөр этилэр. Ол дьону барыларын аһатан, хоннорон, махтанан барааччылар. Аҕабыт асчыт этэ. Миини, дырыһааҥкыны, алаадьыны, лэппиэскэни бэркэ, минньигэстик астыыра. Сэрии туһунан кэпсээбэт этэ. “Туох аанньа буолуой сэрии диэн иэдээн”-диирэ. Аҕабыт биир киһиэхэбэриллибит олоҕун төһө кыалларынан үчүгэйдик олорон ааспыта. Арыгы диэни билбэккэ улааппыппыт. Чөл олохтоох, сиэри-туому тутуһар, санаабытын сирэйгэ малтаччы этэр, албыны-көдьүнү олох сөбүлээбэт этэ. !;һҕс. кулун тутар һ күнүгэр тыаттан солоҥдо бултаан киирэн баран тымыр быстан эмискэ бу олохтон барбыта.
Ахтыыны кыыһа Севастьянова Кланья Васильевна суруйда