Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Ердашев Василий Яковлевич

64-с армияҕа 883-с стрелковый полк кэккэтигэр сэрииллэспитэ.
Ердашев Василий Яковлевич 1900 сыллаахха 3 Үөдүгэй Дүллүкү нэһилиэгин, Үрэн учаастагын, Чочуобуна алааһыгар төрөөбүтэ. Холкуостаах, сытыы-хотуу, үлэни кыайар, эһэтин Дьардас ууһу батан туттуулаах бэрдэ үһү. Иванова Александра Ивановнаны (Чөөчө) кэргэн ылан 3 оҕону: Яковы 1927с., Степаны 1929 с., Таняны 1935 с. төрөтөн дьиэ-уот тэринэн быр-бааччы, үлэлээн-хамнаан олорбуттар.
1941 с. бэс ыйын 21 күнүгэр немец халабырдьыттара Сэбиэскэй Сойууска саба түһэн ийэ дойду көмүскэлин улуу сэриитэ саҕаланар. Сэрии ыар тыына ыраах саха сиригэр эмиэ тиийбитэ. Аас-туор, кураххай кэмнэр саҕаланнар. 1942 с. ыам ыйын 2-с күнүгэр бэбиэскэ тутар уонна сэриигэ барар. Василийдаах Александра төрдүс оҕолорун кэтэһэ сылдьаллара.
Сталинграды босхолооьун кырыктаах кыргыһыытыгар,64-с армия 883 СП . кэккэтигэр сэриилэьэр. Бу кырыктаах кыргыһыыга “Сталинград не сдавать! Ни шагу назад!” – диэн бирикээһи толорон сэбиэскэй саллааттар, чугуйар диэни билиммэккэ хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Ыраах Саха сириттэн сылдьар буойун бу ыар кыргыһыыга 1942 с. алтынньы 2-с күнүгэр, ыараханнык бааһыран Заплавное сэлиэнньэҕэ көһө сылдьар N2207 госпиталга киирэр, ылбыт бааһырыытыттан өрүттүбэккэ алтынньы 13 күнүгэр 1942 сырдык тыына быстар. Oну байыаннай быраас Молотков илии баттаабыта туоһулуур. Ыраах Сахатын сиригэр кыра кыыһа Мааньа 1942 с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр күн сирин көрөр. Аҕалара суох буолбутун билбэттэр, кэлин сураҕа суох сүппүт диэнинэн биллэр, онон көмө (пособие) биэрбэттэр.
1975 с. уучуутал уола Феофанов Степан Васильевич ирдэһэн аҕата ханна көмүллэ сытарын булбута. Волгоградская область, Ленский район, село Заплавная, захаронен в братской могиле рядовой Ердашев Василий Яковлевич.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.