Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Гоголев Алексей Николаевич

Гоголев Алексей Николаевич Амма оройуонун Абаҕа нэһилиэгигэр Гоголевтар диэн колхозтаах дьиэ кэргэнигэр 1923 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүгэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ол кэмҥэ олох-дьаһах ыарахан буолан бу ыалга алта оҕо төрөөбүтүттэн соҕотох Өлөксөй хаалар.
Аны туран, утуу-субуу ыарытыйан Өлөксөй икки саастааҕар 1925 сыллаахха ийэтэ Екатерина Гаврильевна, уон икки саастааҕар 1935 сыллаахха аҕата Ньукулай Баһылайабыс өлөннөр, тулаайах хаалар.
Онон уол кыратыттан эбэтигэр сыстан мааныланан иитиллэр. Эбэтэ Огдооччуйа Өлөксөйтөрөппүт аҕатын ийэтэ буолар.
Оскуолаҕа барар сааһа кэлэн, 1934 сыллааха 12 сааһыгар Абаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. Сылтан-сыл кылааһын тахсан 15 сааһыгар IV кылааска үөрэнэ сылдьан пионерга киирбит, 1941 сыллаахха 18 сааһыгар VII кылааһы бүтэрэн комсомол кэккэтигэр киирэн, үөрэх-билии киһитэ буолан, оскуоланы бүтэрэр.
Ол сайын немецкай фашистар сэриинэн саба түһэннэр иккис Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Онон Өлөксөй эдэр сааһын кэрдиис кэмэ ол ыарахан кэмтэн саҕаланан, колхоз хас биирдии ыччатын курдук, хонуу үлэтигэр, от-мас бэлэмнээһинигэр барытыгар тэҥҥэ сылдьыһар.
1943 сыл сайыныгар 20 сааһыгар хомуурга түбэһэн сэриигэ ыҥырыллар.
Ульяновскай уобалас массовой ротатыгар байыаннай үөрэҕи барар. Автоматчик, младший сержант званиеланар. 1944 сыл алтынньы 10 күнүттэн Ленинградскай фроҥҥа снайпер буолан Эстонияны туораан Польша сиригэр чааһын кытта оборонаҕа олороллор. 1945 сыл тохсунньу 14 күнүттэн кимэн киирии саҕаламмыт. Онно уҥа илиитин тарбаҕын быһа ыттаран, бааһыран госпитальга Тамбовскай уобалас Мичурин куоракка эмтэнэр.
1945 сыл кулун тутар ыйга Германияҕа Одер өрүскэ баар I Белорусскай фроҥҥа Рокоссовскай командованиятыгар стрелковай полкаҕа снайперынан сылдьан сэриилэспит.
1945 сыл кулун тутар ый эргэтигэр I Украинскай фроҥҥа минометнай расчекка командирынан сулууспалыыр, кырыктаах кыргыһыыга сылдьар.
Муус устар ый 29 күнүгэр Берлиҥҥа ыга тиийбиттэр. Берлини штурмалааһыҥҥа харса суох актыыбынай кыттыыны ылар.
Ити кыргыһыыларга хаҥас хараҕын аттынан винитовка буулдьатыттан бааһырар. 1945 сыл ыам ыйын 2 күнүгэр Берлини ылыыга үһүс төгүлүн бааһырар. Онон Берлиҥҥэ сыл аҥара олорон эмтэнэр уонна сулууспалыыр. 1945 сыл алтынньытыгар кини чааһа Хотугу Кавказка көһөр. Онно сулууспалыы сылдьан 1946 сыллаахха кулун тутар ыйга Советскай Армия кэккэтиттэн старшай сержант званиялаах демобилизацияланар, кыргыһыы хонуутуттан кыайыы көтөллөөх эргиллэр.

Призван Чурапчинским РВК 10.06.1942 г., колхоз “Кыhыл сэрииhит; младший сержант, снайпер, 1259 СП 381 СД, 1095 СП 324 СД
Награды:
орден Красной Звезды,
медаль “За освобождение Варшавы”,
медаль “За взятие Берлина”,
медаль “За отвагу”,
медаль “За Победу над Германией в ВОВ 1941-1945гг”

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.