Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Колесов Петр Дмитриевич

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саас аайы ыам ыйын 9 күнэ – Кыайыы күнэ – эһээбит сырдык кэриэһин күнэ. Кини аатын ааттаан ахтан-санаан ааһар ытык күммүт. Эһээбит Колесов Петр Дмитриевич 1924 сыллаахха Горнай улууһун 1 Атамай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Колесов Дмитрий Васильевич, ийэтэ Колесова Екатерина. Эһэм бииргэ төрөөбүттэрэ бастаан 11-дэр эбит. Үксүлэрэ сэрии саҕана ыалдьан, хоргуйан өлбүттэр. Ити ыар сүтүк кэнниттэн 5 буолан хаалбыттар.
Биһиги эһээбит Колесов Петр Дмитриевич суруйан хаалларбыт ахтыыта:
“Мин 8 сыл оскуола5а үөрэнэн 7 кылааһы Бэрдьигэстээххэ 1944 сыллаахха бүтэрбитим. 1944 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ бэс ыйыгар армияҕа барбытым. Убайым Василий 1943 сылга ыҥырыллыбыта. 50-ча киһи сатыы Дьокуускайга киирбиппит. Дьокуускайтан Москва борохуотунан 6 суукка айаннаан, өрүс баһыгар 1500 киһи тиийбиппит. Автомассыынаны, борохуоту аан маҥнай көрөн сөҕүү-махтайыы бөҕө. Өрүс баһыттан Өлүөхүмэттэн Братскайга массыынанан, онтон Ангара өрүскэ борохуотунан, онтон салгыы Читаҕа тиийбиппит. Читаҕа аҕыйах ый сулууспалаан баран, илин Япония кыраныыссатыттан 7км Даурия диэн кыра байыаннай куоракка 49-с стрелковай полка 2-с ротатыгар рядовойунан сулууспалаабытым.
Биһиги таспытыгар 44-с полка тимир суол уҥуор баара. Полка командира стройдаан баран: “Приказ по военному городку Даурия…” – диэн баран элбэх баҕайы сыыппаралары ааҕарын аахайбат этибит. Арай биһиги полкабыт 49-һун, ротам иккиһин эрэ өйдүүбүн. Нууччалыы да мөлтөхтүк билэрим, наадабын нэһиилэ балкыһан кэпсэтэрим. Усулуобуйа да мөлтөҕө. 600гр хара килиэп, хаппыыста уута миин, быыкаа куруппа хааһы биэрэллэрэ. Хам аччык, настарыанньата суох сылдьарбыт.
36-с Армия 49 полкатын 2-с ротатыгар рядовой солдатынан службалыы Даурияҕа сылдьан, атырдьах ыйын 9 күнүгэр сарсыарда 1945 сыллаахха Аргунь өрүһү туораан 3 суукка олох уута суох кураайы истиэбинэн сатыы айаннаабыппыт. Ол дойду куйааһын, олох салгына суох, күн уота үөһэттэн тыгар. Утатан саллааттар айахтарыттан үрүҥ күүгэн тахсан баран охтон түһэллэрэ. Санитардар, скорайдар ылан бараллар. Биирдэ көрбүтүм дьонум кубарыйан бараллар, ыстааннарын тимэҕин төлөрүтэн бу ньолҕоһон иһэллэр. Мин эмиэ кинилэри үтүктэбин, санаабар ыстааным хоппоҥноон син сөрүүн салгын киирэр курдук, субу охтуохтуу нэһиилэ иэҕэйэн иһэбин, төбөм ыалдьара сүр. Мин нэһиилэ саллайан испитим, хайдах эмэ гынан хаалбат мөккүөрдээхпин. Аргунь өрүс салаатын кэһэн туоруурга старшинам “мин курбуттан тутус” диэбитэ, тутуһан иһэн саамай дириҥэр айахпар уу киирдэ, бэйэбин дагдаҥнатан илдьэ бара сыспытын хата киһим куруттан тутуһан ортум. Өлбөт быаҕа хата хайдах айыы санаа кииртэ буолла киһибэр. Саамай кыра-обох саллаат этим, ол иһин аһыммыта дуу.
Хайлар куоракка тиийбиппит биһиэннэрэ артилериянан ытыалаан имитии бөҕө. Арай биирдэ курууска быһа бастыыта уу үллэрдилэр. Үс сууккаҕа аһыыр кэлиэ дуо, уу эрэ иһиэх санаалааххын. Уу! Уу! Уу! Кыра үрэххэ тохтоон аһаатыбыт, уу иһэн дьэ абыранныбыт. Японнар өлүктэрэ суол ханаабатыгар сылбах курдук сыталлар. Биһигини куорат тас өттүгэр илдьэн тохтоттулар. Японнар массыыналарынан биһиэннэрэ трофейнай галет, хаппыт эт, пааста курдук кыһыл арыгыны куруускалаах чайга буккуйан истибит. Дьэ киһилии аһаан абыранныбыт. Куорат тас өттүгэр үкчү Якутскай быраанын курдук бырааҥҥа Японнар тимир бөтүөн укрепления 20 сыл оҥостубуттар. Ол иһигэр сытан кыра чуолҕааннарынан биһиэннэрин ытыалаан олох чугаһаппаттар. Атаакалаан ыла сатыыллар, саҥаттан саҥа полканы киллэрэн иһэллэр диэн ынырык сураҕы иһиттибит. Даурияҕа биһиги таспытыгар турбут 44-с полканы киллэрбиттэрэ, 3500 киһиттэн 40-ча эрэ киһи орпут диэн кэпсээтилэр. Ынырык дии.
Биһигини бу түүн киллэрэллэрэ буолуо диэн аанньа утуйбатыбыт. Хата дьолго биһиэхэ салгыы иннибит диэки барар бирикээс кэллэ. Саҥа баран истэхпитинэ, үүнүүлээх бааһына иһиттэн тоһуйа сытан, Японнар пулеметунан ытыалаан куһуйдулар. “Сытыҥ, ытыалаһыҥ” диэн хамаанда буолла. Мин харах мөлтөх, туох да көстүбэт, мээнэ ытар сирдэрин диэки туһаайа-туһаайа ытыалыыбын. Сотору ыппат буоллулар. Биһиэннэрэ инники иһээччилэр эргийэн тиийэн гранатанан быраҕаттаан өлөртөөбүттэр. Скорайдар төптөрү-таары сырсыы бөҕө буоллулар. Бааһырбыттары ханна эрэ илдьэллэр быһыылаах. Төһө сүтүктэммиппитин хаһан да кэпсээбэттэр. Салгыы айаннаатыбыт. Биһиги полка 3500-кэ киһи холуоннаннан бардахха бэйэтэ биэрэстэ сири барыыбыт быһыылаах. Кэннибитигэр тэлиэгэлээх араас таһаҕаспыт.
Аргунь өрүһү туоруур саҕана буомбалыыр самолеттар үөһэнэн бар да бар буолаллар, биһигини кытта танкаларбыт, самоходнай орудияларбыт, ситэн кэлэ-кэлэ хаалан хаалаллар этэ. Кэнники олох биллибэт буолан хаалбыттара. Биһиэннэрэ немец сэриитигэр үөрэнэн Японнардааҕар быдан күүстээх, араас күүстээх сэрии сэптээх этилэр. Биир түүн иһигэр куораттарын үлтү буомбалаан, десант бөҕөнү түһэрэн кыайыыны түргэнник ситиспиттэрэ.
Биһиги сатыы иннибит диэки бар да бар. Суол былаһын тухары умайбыт массыына, өлө сытар киһи, сүөһү.
Ханган хайатын тэллэҕэр тиийбиппит Японнар өлүктэрэ бөҕө, сыт-сымар. Биһиги эрэ иннибитинэ бөөлүүн үксэ өлбүттэр. Кыһыл таҥас ыйаммыт улахан баҕайы иини томточчу буору куппуттар. Онно 170 киһи көмүлүннэ диэн суруктаах диэбиттэрэ.
Хайаны дабайан истэхпитинэ, эмиэ тоһуйан биһигини ытыалаатылар. Сотору биһиэннэрэ эргитэн ылан 20 Япон саллааттарын билиэн ыллыбыт. Бары эдэр баҕайы уолаттар. Миигин кытта кэпсэтэ сатыыллар. Нууччалар кэпсэт дииллэр. Хата куттана санаабытым, аны үспүөн буолуо диэхтэрэ диэн. Билбэппин диэн төбөбүн илгистибиппэр “Аа, манго, манго” – дииллэр. Монгуол дииллэр быһыылаах. Сорох нууччалар биһиэннэрин 170 киһини өлбүттэр, олох ытыалаан кээһиэххэ наада диэн омуннураллар. Онно хаалбыттара, хайдах дьаһайбыттара буолла. Хайаны түспүт кэннэ Цицикар диэн станция кэлбитэ. Харбин диэн куораты ааспыппыт. Бүтэһиккэ Чань-Чунь дин куоракка тиийбиппит. Тимир суолу кыйа барбыппыт да тимир суолу үлтү буомбалааннар поезд сылдьыбат этэ.
Чань-Чуҥҥа тиийэн холуодьастан тымныы ууну истибит. Сонно 3 этээстээх таас дьиэҕэ тохтуубут диэн буолла. Мин киирэн сытынан кээстим, нэһиилэ тиийбитим. Ол түүнү быһа иһим ыалдьан дьаам сүүрдэн таҕыстым. Сарсыныгар куорат иһигэр бэриммэккэ олорор Япон саллааттара бааллар – диэн биһигини илдьэн олбуору эргийэ сыаптаан кээстибит. Хата ытыаласпакка бэриннилэр. Онтон биһигини ыскылаат харабыллата 6 сууккаҕа туруордулар. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Япония бэриннэ, кыайыы буолла диэн үөрүү-көтүү. Ол курдук ый курдук олорбуппут кэннэ биһиги ротаны 150 киһи 4-түү аты көтөллөнөн союзка кэллибит, хас эмэ хонон. Ыалдьан көрдөрбүппүн аахайбаттар, строевой службаҕа сөбө суоххун диэн Владивостокка стройбатка ыыттылар. Сотору-сотору иһим бэргээн санчааска киирэбин. Хата дьонум сымыйаргыах курдуктар. “Якут киитэрэй, сүмүлээн, куруук ыалдьара бараммат” – дииллэр.
Биирдэ “Бүгүн тахсаҕын” – диэтэ враһым, “Оо, дьэ, сор эбит, эмиэ тахсыах муҥум” – диэн испин имэринэ сыттахпына кииним туһунан киһи сутуругун саҕа кытаанах искэн баар эбит. Ону көрдөрбүппэр, враһым дьэ кырдьыктанан госпиталга илтэ. 2 ый сыппытым кэннэ операциялаан, анализтаан баран тарҕаммат оһоҕос сөтөлө диэн диагнозтаан военнай учеттан устан, II группа инвалид буоллум. Кэнникинэн бэйэбин кыаллыбат буоллум. Тиэрдээччи киһилээн Якутскай облвоенкоматыгар аҕалан туттарбыттара. Краснай Якутия диэн санаторийга ыыппыттара. Онтон ыла иккитэ санаторийга, аны ыарыым тыҥабар тахсан хаста да диспансерга сытан, куруук чохчойорбуттан сылтаан, мыысаһым уһаан куруук тахсар буолан 1961 сыллаахха операциялатан, кэнники үсүһүн 1980 сыллаахха оҥорбуттара. Аны 1956 сыллаахха харахпар охсон 2-тэ Якутскайга больницаҕа 4-түү ый сытан эмиэ аҥар харахпын операциялатан, аҥарым көрбөт буолбута. Кэнники доруобуйам муостуйан 70 сааспар диэри олорон кэллим.
Онно көрдөххө, сэриигэ олохтоох Китайдар эрэйдээхтэр өлүүлэрэ, сүтүүлэрэ үгүс этэ. Япон сэриитигэр элбэх саха өлбүтэ. Илин границаҕа элбэх саха баара. Япон сэриитигэр 8000 киһи өлбүтэ дииллэр, онно 100-н саха өлбүтэ буолуо диэн сэрэйэбин.
Түмүктээн эттэххэ, сэриигэ киһи буулдьаҕа эрэ табыллан өлбөт, доруобуйатын сүтэрбэт эбит. Ыар условияны тулуйбахха мин курдук доруобуйатын сүтэрэн сааһын тухары эрэйи-муҥу көрбүт элбэх буолуо дии саныыбын. Аны алдьархайдаах өлүүлээх-сүтүүлээх сэрии аны хаһан да буолбата буоллар дии саныыбын да билигин да хаан тохтуулаах сэриилэр биһиги да дойдубутугар бара тураллар, Чечняҕа эҥин. Дөксө туох-туох буолан иһэрэ биллибэт бутуурдаах-будулганнаах үйэҕэ олоробут.”
Ахтыытын ахсынньы ыйга, 1994 сыллаахха суруйбут.

Сэрии кэнниттэн 1950 сыллаахха Нам улууһун Салбаҥыттан Канаева Матрена Алексеевнаны кэргэн ылан, 11 оҕону төрөппүттэр. Эбээбит Герой Ийэ аатын ылбыт.
Эһээбит 1948-1949 сс. Улуу сыһыыга кыра колхуоска суотчуттаабыт.
1950 с. колхоз бөдөҥсүйэн, үс сыл Ленин колхозка ревизионнай хамыыһыйаҕа, сэттэ сыл Салбаҥҥа кыладыапсыгынан, булчутунан, почтальонунан уонна да атыны үлэлээбит. 1966 сылтан Салбаҥ сельсоветыгар 20 сыл сэкиритээрдээбит, 5 сыл бухгалтердаабыт. 1973 сылга партияҕа киирбит. 20-чэ сыл Народнай хонтуруол, охотобщество бэрэссэдээтилинэн үлэлээбит.
Аан дойду сэриитин I степеннээх орденынан уонна Японияны кыайыы иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.