Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Охлопков Гаврил Дмитриевич

Гаврил Дмитриевич Охлопков: хорсун саллаат, Ытык аҕа

Былыр Ходоро нэһилиэгэр соҕурууттан «Көбүөдэ» алааска Ходоро диэн биир аҕа ууһа 30 ураһа киһи кэлэн олорбут. Онно 3 бууттаах куйаҕы кэтэр күүстээх дьоннордоохтор үһү. Дьокуускайтан Тыгын Дархан Аммаҕа Болугур нэһилиэгин дьонун кырга тахсан иһэн, Ходороҕо Маҥан Кэрэх сайылыкка тохтообуттар. Көбүөдэҕэ күүстээх дьон баарын билэн көмө көрдөөбүттэр. Күүстээхтэр буолумматахтар. Куһаҕан быһыы буолаары гынна диэн Ходороттон 3 киһи: Сүллээх үрбэй, Сыһар Босхон, Тыҥкый Буон түүн Омук диэн алааска күрээбиттэр. Ол 30 ураһа дьону түүн утуйа сыттахтарына, Тыгын дьоно барыларын өлөртөөбүттэр уонна Көбүөдэ алаас халдьаайытыгар биир ииҥҥэ көмөн баран, үрдүнэн муосталаан кэбиспиттэр диэн буолар. Күрээбит дьонтон биир Сыһар Босхон Куһаҕай диэн соҕотох уолламмыт. Чүүйэҕэ киирэн олохсуйан, эдэрчи, үчүгэй дьүһүннээх дьахтары кэргэн ылбыт. Ол дьахтара нуучча киһитин кытта көрсүүлэһэн уол оҕоломмут, Тулааһын Сэпсэки диэн. Ол уол Ходоро нэһилиэгин төрүтэ буолбут. Сэпсэкиттэн Охлопковтар, Дмитриевтэр, Филипповтар, Антоновтар төрүттэрэ буолбута эбитэ үһү.
Биһиги аҕабыт Охлопков Гаврил Дмитриевич 1923 сыл кулун тутар 18 күнүгэр холкуостаах кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ Анна Николаевна аҕалара Дмитрий эрдэ өлөн оҕолорун бэйэтэ улаатыннартаабыта. Икки убайдара Дьөгүөр уонна Ньукулай диэннэрэ. Биһиги кинилэр тустарынан улахан тугу да билбэппит. Улаханнара Михаил Дмитриевич, Аҕа дойду улуу сэриитин уонна үлэ ветерана. Хара бөһүөлэгэр олорон, өр сылларга холкуоска, сопхуоска биригэдьииринэн, салайар үлэҕэ үлэлээбитэ. Балта Анастасия Дмитриевна Лоомтукаҕа олорбута. Ветфельдшеринэн өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Быраата Николай Дмитриевич Тыыллыма орто оскуолатыгар математиктаабыта. Балта Софья Дмитриевна Павловскайга олорбута. Хас биирдиилэрэ Охлопковтар ууһун тэнитэр оҕолордоохтор, сиэннэрдээхтэр.

1942 с. сааһыары үс бииргэ төрөөбүттэр Дьөгүөр, Мэхээлэ, Хабырыыс буолан ытык иэстэрин толорон Аҕа дойду улуу сэриитигэр бэбиэскэ тутан, ыҥырыллан барбыттара. Дьиэлэригэр ийэлэрэ, икки кийиитин, үс кыра оҕотун кытта хаалбыттара. Ытаһыы, сор-муҥ диэн онно баара.
Аҕабыт кыра да буоллар хоһоон суруйарын сөбүлүүрэ. Ол саҕана айбыт айымньытын аахтахха киһи хараастар:

Биһиги бу мантан
Сэриигэ барбыппыт
Төрөөбүт Ходоро буоруттан,
Күөрэгэй ырыалаах алаастан,
Ыраахха диэриттэн
Атаара хаалтара
Кырдьаҕас ийэккэм,
Балтылаах быраатым.
Илиҥҥэ саҕахха
Күн күлүмнүү турбута,
Кэҕэбит барахсан кэҕийэн
Кэмэ суох кэпсээннии хаалбыта…

Аҕабыт Гаврил Дмитрьевич оҕо эрдэхпитинэ кэпсиирин өйдүүбүн: «Сэриигэ ыҥырыллыбыттар элбэх киһи Майаттан Бэстээххэ киирбиппит. Куоракка диэри кыһыл борохуотунан, Усть-Куттан Иркутскайга диэри устан, онтон массыынанан айаннаан Красноярскайга тиийбиппит. Бурятия Монголияны кытта кыраныыссатыгар тиийэн баран аҥарбыт арҕаа барбыттара. Биһигини поеһынан Москваҕа оттон Белоруссияҕа ыыппыттара. 1944 сыллаахха фроҥҥа тиийбиппит. Аан бастаан кыргыһыыга киирэрбитигэр 50 грамм арыгы иһэрдэн баран, «Ураа» хаһыытаппытынан атаакаҕа киириҥ диэн бирикээстээбиттэрэ. Катюша тыаһыттан кулгаахпыт бүөлэнэрэ, буортан-сыыстан, буорах сытыттан харахпыт ыалдьара».
Үөрэҕэ суоҕа улаханнык мэһэйдиирэ. Сэриилэһэрин тухары дойдутугар сурук суруйан ыыппатаҕа, кинилэртэн да сурах кэлбэтэ. Бииргэ төрөөбүт убайа Мэхээлэ ханна тиийбитэ, оттон ийэтэ, дойдута хайдах буолбуттара кини санаатын үүйэ-хаайа туталлара. Төрөөбүт дойдуга ахтылҕан ыар санаа буолан баттыыра.
Этэрээтигэр соҕотох саха этэ. Араас омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта «биир өлүүгэ» өлө сылдьар дьон олус чугастык доҕордоспуттара. Ол курдук, кини Люминар диэн молдованин доҕордооҕо. Биир наараҕа утуйаллара, окуопалара чугас-чугас буолаллара. Атаакаҕа сэргэстэһэ киирэллэрэ. Ол барахсан ыараханнык бааһыран, аҕабыт илиитигэр тыына быстыбыта. Доҕорун кэриэстээн кэлин бырааппытын Люминар диэн ааттаабыта.
Сэрии уотугар буһан-хатан, буулдьа иһиирэрин, снаряд, миинэ эстэрин быыһынан элбэхтик атаакаҕа киирбитэ. Украинаҕа, Латвияҕа тиийэ сэриилэспитэ, биирдэ төбөҕө, биирдэ искэ бааһырбыта. Хата, кини дьолугар, санитардар буланнар, маҥнайгы көмөнү оҥорон госпитальга атаарбыттара. Оттон госпиталь эмчиттэрэ барахсаттар, кыра оҕолуу бүөбэйдээннэр, атаҕар туруорбуттара. Үсүһүн сэриигэ киирэригэр байыас Гаврил Охлопков хайыы-үйэ «Хорсунун иһин» медаллаах, өстөөххө ыар тыыннаах гвардеец этэ. Балтараа ый устата уот будулҕан ортотугар сылдьан, Рига куорат таһыгар, аттыгар снаряд эстэн контузия ылбыта. Өр кэмҥэ сатаан саҥарбат, истибэт убола сылдьыбыта. Ону Горькай куорат госпиталыгар эмтээннэр үтүөрдүбүттэрэ. Өстөөҕү утары хорсуннук охсуспут, хаанын тохпут саллаат II группалаах инбэлиит буолан 1945 сыллаахха балаҕан ыйыгар дойдутугар эргиллибитэ.
Чахчы да аҕабыт уоттаах Улуу сэриигэ сылдьыбытын кини наҕараадалара туоһулууллар. Ол курдук «Аҕа дойду Улуу сэриитин I степеннээх» орден, Жуков, «Германияны кыайыы иһин», «Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» уонна да араас юбилейнай мэтээллэр кини түөһүн киэргэппиттэрэ.
— Убайым Мэхээлэ этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Сэриигэ охтубут доҕотторум мөссүөннэрэ өрүү миэхэ харахпар, көстөллөр. Кинилэр тустарыгар олорор курдук саныыбын, — диирэ аҕабыт барахсан.
Гвардеец, дойдутугар кэлээт, үлэҕэ да инники күөҥҥэ сылдьыбыта. 1948 сыллаахха Валентина Ивановналыын холбоһоннор Майаҕа олорбуттара. 1955 сыллаахтан Өлүөнэ эбэ кытылыгар, Павловскай бөһүөлэгэр олохсуйбуттара. Аҕабыт электриктээбитэ, монтердаабыта. Ийэбит Валентина Ивановна өр сылларга балыыһаҕа эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Үлэ ветерана, Герой Ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ.

1. Бастакы оҕолоро Гаврил Гаврильевич 1948 сыллаахха ахсынньы 29 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини олус талааннааҕа, сценкаҕа оонньуура, ырыа ыллыыра. Эдэр сылдьан олохтон туораабыта.

2. Прокопий Гаврильевич, слесарь үөрэхтээх, кэргэнэ Светлана Александровна воспитатель. 4 оҕолоохтор, 5 сиэннээхтэр. Ньургуяна — Мэҥэ-Хаҥалас культуратын управлениетын специалиһа, Феня — «Ссудо-сберегательнай сойуус» СКПК специалиһа, Толя — сварщик, Лияна — менеджер.

3. Анатолий Гаврильевич, 1952 сыллаахха төрөөбүтэ. Физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Эрдэ олохтон туораабыта.

4. Люминар Гаврильевич — суоппар, кэргэнэ Розалия Пантелеймоновна фармацевт-аптекарь, 3 оҕолоохтор, 5 сиэннээхтэр. Туяра — Хатаска олорор, нэһилиэк олоҕор активнай кыттааччы, Валя — провизор идэлээх, Дьокуускайга үлэлиир, Фатима — маҕаһыыҥҥа консультант.

5. Дмитрий Гаврильевич столяр идэлээх, Мэҥэ-Хаҥалас Балыктааҕар олорор.

6. Марияна Гаврильевна ветврач идэлээх. Кэргэнэ Иннокентьев Павел Алексеевич прораб. 5 оҕолоохтор, 2 сиэннээхтэр. Айта — Сунтаарга гимназияҕа методист организаторынан уонна национальнай культура учуутала, Алеша — суоппар идэлээх, Ганя — огранщик, Павел — программист идэтин баһылаары сылдьар, оскуолаҕа үлэлиир, Марияна — медколледжа устудьуонката, идэтинэн Дьокуускайга балыыһаҕа үлэлиир.

7. Иван Гаврильевич, тутуу үөрэхтээх, кэргэнэ Людмила Васильевна — иистэнньэҥ. 3 оҕолоохтор, 5 сиэннээхтэр. Лия — Майа улуустааҕы балыыһатыгар сиэстэрэлиир, Алена — юрист, Валя — Дьокуускайга баар, землустроитель үөрэхтээх.

8. Тамара Гаврильевна, история учуутала, кэргэнэ Николай Иванович — историк идэлээх. 3 оҕолоохтор, 7 сиэннээхтэр. Ваня — Аммаҕа история учууталынан үлэлиир, Күннэй — менеджер идэлээх, Аэлита — бухгалтердыыр.

9. Валентин Гаврильевич, тутааччы, Павловскайга дьоммут өтөхтөрүн сөргүтэн, көрөн-истэн олорор.

10. Анна Гаврильевна, Балыктаахтааҕы “Холбос” потребкооперациятын маҕаһыынын сэбиэдиссэйэ, Россия потребкооперациятын туйгуна, Гаврил Афанасьевич электригинэн үлэлээбитэ. 3 оҕолоохтор, 2 сиэннээхтэр. Женя — Бүлүүгэ экономиһынан үлэлиир, Маша — Дьокуускайга маҕаһыыҥҥа атыылааччы, Валя — ХИФУ филологическай институтун устудьуонката.

Гаврил Дмитрьевич Охлопков дьоһун олоҕу олорон 79 сааһыгар олохтон туораабыта. Аҕабыт барахсан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыыга бэйэтин кылаатын киллэрсибиттэн биһиги олус киэн туттабыт. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кини хорсун быһыыта кэпсээн буолан бэриллэн иһиэҕэ. Кини Ийэ дойдутун дьиҥнээх уола буоларын туоһулаан, 7 уола бары Советскай армия араас чаастарыгар этэҥҥэ сулууспалаан, ытык иэстэрин толорон кэлбиттэрэ.
Күндү төрөппүттэрбит Гаврил Дмитрьевич уонна Валентина Ивановна сырдык ааттарын биһиги оҕолоро, 21 сиэннэрэ, 26 хос сиэннэрэ салгыыбыт. Ийэлээх аҕабыт дьоһун дьон буолан, биһигини атахпытыгар туруоран, үөрэхтээн, олох киэҥ суолугар үктэнэрбитигэр күүс-көмө буолбуттарыгар махталбыт муҥура суох. Кинилэр ааттара биһиэхэ инники олохпутугар сырдык сулус буолан сыдьаайан сырдата туруохтара диэн бигэ эрэллээхпит.

Дьокуускай к. 2014 с.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.