4 кылаас үөрэхтээх.1940 сылтан тутууга плотник,столяр, булчутунан үлэлээбитэ. Доруобуйатынан 1945с хойутаан Советскай Аармыйаҕа ыҥырыллан,Япония сэриитигэр кыттан Порт Артурга тиийэ сэриилэспитэ. Аармыйаҕа сулуспалыыр кэмигэр столярынан.иһит оҥорор жестянщигынан,кэлин куорат ремонтнай-механическай собуотугар үлэлээбит.
Аармыйаттан кэлээт “Чолбон” холхуоска бэрэдсэдээтэлинэн,тутуу биригэдьииринэн ,кэлин Барахов совхозка механигынан өр кэмҥэ үлэлээбитэ.
Тыа сирин үлэтин чэпчэтиигэ 7 рационализаторскай этиилэрдээх.Саха сирин үтүөлээх механизатора,”Ленин” уонна “Октябрьскай Революция” орденнарын кавалера, Саха Республикатын “Ытык Аҕа ” бэлиэ хаһаайына. Ийэбитинээн Мария Евсеевналыын 8 оҕо , элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах а5алара,эһэлэрэ.
Павлов Спиридон Степанович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.