Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Кузьмина Феодосия Спиридоновна

Феодосия Спиридоновна родилась в Куду-Бэсе. Родители рано умерли, осталась сиротой, воспитывалась у тети в с.Дабан. С малых лет начала работать на молотьбе хлеба, на сенокосе, на уборке хлеба. После замужества долго обеспечивала хлебом колхозников. Хлеб выпекала дома, в русской печи, воду приносила на коромысле с реки. Родила и воспитала 10 детей. Пенсию получила по старости, как колхозница 12 рубл.
Ветеран тыла. Награждена медалью «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг».
Эбээм Феодосия Спиридоновна туҺунан ахтыы
Саха сирин биир дьикти айылҕалаах, талааннаах, улэһит дьоннордоох Өлүөхүмэ оройуонугар Куду-Бэс диэн дэриэбинэ Лена өрүс уҥа биэрэгэр турар. Мин эбэм Сыксынова Феодосия Спиридоновна бу дэриэбинэттэн төрүттээх. Аҕата – Сыксынов Спиридон Никитич диэн эбит, ийэтэ – Төктөөһөптөр кыыстара Мария диэн эбит. Бу аҕалаах ийэтиттэн Григорий, Алексей диэн уолаттар, Феодосия, Мария диэн кыргыттар төрөөбүттэр. Ийэлэрэ ыалдьан өлбүтүн кэннэ иккис кэргэнигэр Татьяна Оконушкинаттан 2 кыыс оҕо төрөөбүт Анна, Марфа. Онно эбэм бииргэ төрөөбүттэрэ ө(алталар) эбит. Бу Анна, Марфа диэн балтыларын мин кыралаан өйдүүр этим. Эбэбитигэр Дабааҥҥа ыалдьыттыы кэлэр буолаллар этэ.
Ат сарайдаах дьиэлэрэ Куду-Бэскэ ойуур саҕатыгар дэриэбинэ ортотунан үөһэ, бэйэтэ солообут буолатыгар турбут үһү. Сүүрбэччэ ынах, сылгы сүөһүлээх, уһун хотонноох, уонча га оттуур, бурдук ыһар хас да солоһун буолалаах эбиттэр. Ол сири Сыксыынап буолата диэн хойукка диэри ааттыыллара.
Хос эһээбит Сыксынов Спиридон Никитич оҕолоро улаатан, оттоон мастаан, ойууру солоон, бааһына оҥостон, бурдук ыҺынан, сэниэ соҕус ыал буолан олорбуттар эбит. Колхуостааһын саҕана !;дь: сыллаахха баайдары эьэр, баайдарын былдьыыр туһунан сокуон тахсыбыт, онно бэйэлэрэ харыларынан үлэлээн оҥостубут сирдэрин уоттарын былдьааннар, бу ыал середняк диэн буолбуттар эбит. Эһэм сүөһүтүн ыал буолбут оҕолоругар араартаабыт, сирин колхуоска биэрбит. Ол саҕана биһиги эбээбит Соҕотох Бэс диэн дэриэбинэҕэ Кузьминнарга кийиит буолан барбыт диэн сурукка баар. Биир кыһын аҕам булка барарыгар миигин Бөдүөһэ эдьиийбэр Соҕотох Бэскэ табанан кыстата илдьибитэ. Дьоммут олус үчүгэкдик көрсүбүттэрэ. Эдьиийим улаатан эрэр кыыстаах уола – Марфа, Трофим миигин былдьаһа, былдьаһа сыгынньахтаан баран улахан уруу ыалдьыт курдук көрсөн сиэтэ сылдьалларыттан астыммытым – диэн ахтан эбээм балта Анна Спиридоновна суруйбут этэ.
Биһиги эбээбитигэр Феодосья Спиридоновнаҕа барҕа махталбыт билиҥҥэ диэри уостубат, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит. Мин 7 ыйдаах оҕо төрөөн, ийэм Марфа Алексеевна, балыыһаҕа киирэн хаалбытыгар, эбэм бүөбэйдээн, көрөн-истэн, киһи булан улаатарбар олук уурбута элбэх.
Эбэм Кузьмина Феодосья Спиридоновна, эһэм Кузьмин Алексей Григорьевич (Бааһынай Өлүөскэ) барыта алта оҕоломмуттарыттан биир уол оҕолоро ыалдьан өлбүт. Биэс оҕону иитэн, харайан 22 сиэннэммиттэрэ, 50 хос сиэн баар.
Суруйда бастакы сиэн Егорова Алевтина Леонтьевна
Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар олорор ,
СР бочуоттаах ветерана, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина,
Хаптагай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина,
элбэх знактар хаһаайката.
2020 с.
Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.