Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Дедюкин Афанасий Софронович

ДЕДЮКИН АФАНАСИЙ СОФРОНОВИЧ
Саха сирин бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ. Республика оройуоннарыгар комсомольскай уонна партийнай үлэҕэ үлэлээбит, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кыттыыны ылбыт, батальон командира, капитан, коммунист, кылгас, ол гынан баран дьоһун олоҕу олорбут киһи.
Афанасий Софронович Уус-Тааттаҕа быстар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Маарыйа баайдарга хамначчытынан үлэлээбитэ. Афоня улуус киинигэр Баайаҕаҕа тэриллибит комсомольскай ячейкаҕа 1923 сыллаахха комсомолга киирбитэ. Комсомольскай мунньахха Уус-Тааттаттан Баайаҕаҕа сатыы тахсан (170-180 км), кистээн мунньахтыыллара.
Оччолорго бандьыыттар сир ахсын бааллара, оттон кулаактар, баайдар ситэ-хото эстэ иликтэрэ. Ол иһин сэбиэскэй былааһы, коммунистары, комсомолецтары абааһы көрөр дьон баар этилэр. Ол да буоллар Афанасий Софронович олох кытаанахтарыттан куттаммакка-толлубакка, дойдутугар комсомольскай үлэҕэ актыыбынай кыттыыны ылбыта: Ворошилов аатынан холкуоһу тэрийиигэ, кулаагы кылаас быһыытынан эһиигэ, үөрэҕэ суох улахан дьону үөрэтиигэ о.д.а. үлэлэргэ.
Афанасийы олохтоох нэһилиэк салалтата 1930 с. Дьокуускай куоракка холкуоһунай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыта. Онтон комсомол обкомун рекомендациятынан Эдьигээн оройуонугар комсомол 1 секретарынан үлэлээбитэ. Ыччаты үөрэтэр, иитэр, түмэр үлэҕэ биллэр-көстөр үлэни ыыппыта, оччотооҕу ыччат кутун-сүрүн туппута. Афанасий нahaa холку, киэҥ көҕүстээх, дириҥ культуралаах киһи этэ.
Афанасий Софронович 1939 сыллаахха Горнайдааҕы райком секретарынан талыллан үлэлии сырыттаҕына, ССКП уобаластааҕы комитета кинини кууруска үөрэххэ ыыппыта. Саҥардыы үөрэнэн эрдэҕинэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолан, Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыта. Москватааҕы байыаннай уокурук байыаннай-политическай куурсун истээччитинэн буолбута. Ону ситиһиилээхтик бутэрэн, Хотугулуу-Арҕааҥы фроҥҥа батальон партийнай-политическай үлэтин ыыппыта. Кэлин стрелковай батальон командирынан Хотугулуу-Арҕааҥы, Воронежскай, Степной, 2-с уонна 3-с Украинскай фроннарга сылдьан, хабыр кыргыһыыларга кыттыбыта. Гвардия капитан Дедюкин А.С. сэриигэ уһулуччу үчүгэй холобурун, сатабылын, хорсун быһыытын иһин “Кыһыл Сулус”, Aҕa дойду Улуу сэриитин II степеннээх уордьаннарынан, хас да бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Сэрии бүтэрин кытта дойдутугар төннөн, ССКП обкомун инструкторынан үлэлиир. 1946-48 с.с. Красноярскайдааҕы партийнай оскуолаҕа үөрэнэр. Оскуоланы кыһыл дипломнаах бүтэрэн, ССКП Абый оройуонунааҕы комитетын 1 секретарынан талыллыбыта. Оройуоҥҥа холкуостары бөдөҥсүтүүгэ, саҥа производственнай тутуулары ыытыыга, нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйыыга элбэх үлэни ыыппытын билигин баар кырдьаҕастар өйдүүллэрэ буолуо. Бу үлэлии сылдьан, Афанасий Софронович уобаластааҕы партийнай конферениияҕа делегатынан талыллан, табанан айаннаан иһэн, Оһооҕун күөл таһыгар дьаам дьиэҕэ эмискэ сүрэҕэ ыалдьан, хомолтолоохтук өлбүтэ.
Афанасий Софроновиһы үлэлээбит Абыйын улууһун дьоно Саха сирин бастакы комсомолецтарыгтан биирдэстэрин, комсомольскай-партийнай үлэһити, сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кыргыспыт гвардия капитанын үйэтитэргэ ылыныахтара диэн биһиги, аймахтара, эрэнэ саныыбыт.
Кини уҥyoҕa Дружина бөһүөлэгин таһыгар тутуллан испит аэродром муннугар сытар. Кэргэнэ Дедюкина Татьяна Васильевна, ССРС сибээһин үтүөлээх үлэһитэ, спецсибээскэ 30-тан тахса сыл үлэлээбит ветеран.
Мин, Матвеев Матвей Николаевич, Афанасий Софронович инитэ буолабын. 1962 сыллаахха Абыйга райком секретарынан үлэлии сылдьыбытым. Ол саҕана таайым уҥуоҕун кыратык сөргүттэрэн турабын, онтон ыла 30-тан тахса сыл аастаҕа…
М.Матвеев. Дьокуускай.
“Хотугу кыым”, 1994 с. Сэтинньи 30 кунэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.