Максимов Николай Дмитриевич Бүлүү оройуонун Төҥүргэстээх нэhилиэгэр 1916 сыллаахха төрөөбүтэ. Уhун уҥуохтаах, кубаххай сэбэрэлээх, сүрдээх өйдөөх, сытыы-хотуу, үтүө майгылаах уол эбит. Сэриигэ барыан иннинэ 4 кылаас үөрэхтээҕэ. Табаhытынан үлэлээбит уонна элбэхтэ айаҥҥа сылдьыбыт.
Кыhыл Аармыйа кэккэтигэр 1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар бастакынан ыҥырыллан барбыт. 88 стрелковай дивизия, 721-с стрелковай полкатын младшай сержана, автоматчик, партия чилиэнигэр хандьытаат.
Хорсуннук сэриилэспитин иhин “Кыhыл Сулус” орденынан уонна икки “Хорсунун иhин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Дьонноругар Хороҕо, чулуу сэрииhити ииппиттэрин иhин, Верховнай Командующайтан Махтал сурук кэлбиттээх .
Кини 1945 с олунньу 18 күнүэр кыргыhыыга өлбүтэ. Германия сиригэр Вуден куоракка көмүллүбүт.
Максимов Николай Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.