Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Васильев Савва Васильевич

Васильев Савва Васильевич (1913-1973) – 1913 сыллаахха Төҥүргэстээххэ төрөөбүт, “Кыһыл былаах” колхоз чилиэнэ, бэс ыйын 15 күнүгэр 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыт, 2053-с СП, 717-с СП 2-с ротатын 3-с взводун рядовой саллаатынан сэриилэспит. 1946 сыллаахха демобилизацияламмыт, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитэ ll степэнэ уордьанынан наҕараадаламмыт. Сэрииттэн кэлэн баран колхозка, онтон совхозка кадровай булчутунан, оробуочайынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит. “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 60 сааһыгар 1973 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ.
Савва Васильевич Орёл куораты, Белоруссияны, Польшаны босхолуур сэриилэр кыттыылаахтара. “Мин 1943 сыллаахха ыҥырыллыбытым. Саппаас стрелковай полкаҕа рядовой стрелок быһыытынан сылдьыбытым. Мин стрелковай полкам нүөмэрэ 717-с этэ, онно ll рота 3-с взводун рядовой стрелогун быһыытынан сылдьыбытым. Орловскай уобаласка сэриилэспитим. Биирдэ дэлби тэптэриигэ түбэһэн кулгаахпынан контузия ылбытым. Салгыы Балтийскай муоранан Польшаҕа тиийэ сэриилэспитим.1946 сыллаахха ахсынньыга демобилизацияланан дьиэбэр этэҥҥэ төннүбүтүм. Сэриигэ сүрүннээн 2-с Белоруссккай фроҥҥа сылдьыбытым”. Савва Васильевич Васильев олоҕун элбэх ыччаттара салгыыллар, үйэтитэллэр.
Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.