Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Иванов Михаил Иудович

Иванов Михаил Иудович (1917-1942) – l Чочу нэһилиэгэр 1917 сыллаахха Хойгуолаахха төрөөбүт, баартыйата суох, начаалынай үөрэхтээх, Каганович колхоз чилиэнэ, армияҕа маҥнайгы хомуурга 1941 сыл балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыт. Соҕуруулуу-арҕааҥҥы фронт 21-с Армиятын 81-с СД рядовой саллаата, 1942 сыл олунньу 13 күнүгэр сэриилэһэ сылльан охтубут, Курскай уобалас Беленихинскэй оройуонун Щелково сэлиэнньэтигэр көмүс уҥуоҕа хараллыбыт. Михаил Иудович сырдык соҕус хааннаах, орто уҥуохтаах, төгүрүк сирэйдээх, аҕыйах саҥалаах киһи эбит. Колхозка биригэдьиирдээбит. Кини сэрииттэн эргиллибэтэх, кэргэннэммэтэх, оҕото суох. Армияҕа Веревкин Павел Иннокентьевичтыын, Петров Конон Гаврильевичтыын, Илья уонна Савва Спиридонович Петровтары, убайа Иванов Василий Гаврильевичтыын бииргэ ыҥырыллыбыттар. 81-с стрелковай дивизия 4511 №-дээх биллэриитигэр көстөрүнэн, олунньу 13 күнүттэн олунньу 22 күнүгэр диэри, сыччах 9 күн иһигэр, 454 киһи өлбүт. Ол иһигэр Саха сириттэн сылдьар саллааттартан туох да элбэх киһи өлбүт, аҥаардас Бүлүү улууһуттан сылльар 12 саллаат суруллубут. Михаил Иудович биир дойдулааҕа, Сыралтаттан төрүттээх Руфов Константин Васильевичтыын биир сиргэ көмүллүбүттэр.
Иванов Михаил Иудович аата үйэлэргэ ааттана турдун. Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.