Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Николаев Николай Михайлович

Николаев Николай Михайлович (1926-2003) – ыам ыйын 26 күнүгэр 1926 сыллаахха Ампаарддаах “Ыт сиэбитигэр” l Чочуга төрөөбүтэ. Ситэтэ суох орто үөрэхтээх, хомуньуус, Каганович колхоз чилиэнэ, армияҕа 1945 ыҥырыллыбыт. 1949 сылаахха демобилизацияламмыт. “Японияны кыайыы иһин” мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитин ll степэнэ уордьанынан наҕараалаламмыт. 2003 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ.
Николай Михайлович ахтыытыттан : “Чочу 7 кылаастаах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. 1945 сыллаахха Бүлүү куоратыгар икки ыйдаах байыаннай үөрэхтээһин куурсун бүтэрэн баран бэс ыйыгар 19 саастаахпар армияҕа ыҥырыллан барбытым. Мальта станцияҕа 1,5 ый курдук үөрэнэн баран, советскай кыраныыссаны туораан, Кытай сиригэр Харбин куоракка тиийэн, Забайкальскай фронт 582-с полк 210-с стрелковай дивизиятыгар сэриилэһэр армияҕа киирэн, атырдьах саҥатыттан Хайлар, Чаньчунь куораттары босхолооһуҥҥа сылдьыбытым. Хайлар куораты ылыыга улахан утарсыы буолбута. Бу куорат хайа үрдүгэр, улахан кириэппэс баар этэ, ону “катюшалар” ытыалааһыннарынан, буомбалааһын күүһүнэн алдьатан өстөөх урусхалламмыта. Саатар ити бириэмэҕэ улахан ардахтар түһэннэр, куорат алын тэллэҕэ барыта бадараан буолан, саппыкыбытын нэһиилэ соскойдоон хаамарбыт. Ууну булбакка 2-3 күн тамахпыт хатан, бэйэбит убаҕаспытын иһэргэ күһэллибит бириэмэбит эмиэ баара, ити Чанчунь куораты ылыыга этэ. Уулаах холуодьастарга дьоппуоннар дьааты кутаттаан баран куоталлара, оннукка түбэһэн элбэх саллаат өлбүтэ. Балаҕан ыйын 4 күнүгэр сэрии бүппүтүн стройга туруоран митиннээн иһитиннэрбиттэрэ. Ол этэ биир улахан бырааһынньык. Ол да буоллар, өстөөхтөр быстах баандалара хайа хаспахтарыгар саһа сылдьан алтынньыга дылы сэриилэспиттэрэ. Ахсынньы ыйга диэри трофей хомууругар уонна дьоппуон билиэннэйдэрин харабыллааһыҥҥа сырытыннарбыттара. Онтон Порт Артур куоракка 92-с стрелковай биригээдэҕэ, онтон 181-с Артиллерийскай береговой оборонаҕа ананан 45 мм орудияҕа номерной эбээһинэһин толорон 2 сыл морской сулууспаҕа Тихоокеанскай флотка матроһунан сулууспалаабытым. Онтон ыалдьан, 1948 сылга саас дойдубар кэлбитим”.
Николай Михайлович олоҕун 11 оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар, үйэтитэллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.