Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Федотов Семен Гаврильевич

Федотов Семен Гаврильевич (1917-1998) – Хороҕо Төҥүргэстээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Андреев аатынан колхоз чилиэнэ, сэриигэ 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 176-с СД 243-с СП рядовой саллаата. Албан аат lll степэнэ, Аҕа дойду сэриитин l степэнэ уордьаннардаах, 1946 сыллаахха lll группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибит. Сталинград сэриитин кыттыылааҕа. 1998 сыллаахха от ыйын 27 күнүгэр Кыадаҥдаҕа олорон өлбүтэ. Семен Гаврильевич ахтыытыттан: “Мин 1942 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр Төҥүргэстээх нэһилиэгиттэн армияҕа ыҥырыллан барбытым. Ол баран Челябинскай уобаласка Чебаркуль станцияҕа пехотаҕа үөрэммитим. Атырдьах ыйын иккис аҥаарыгар фроҥҥа барбытым, ол баран Ленинградка тиийбитим, онно оборонаҕа алта ый сыппытым. Ленинград куоракка фронт 176-с СП сэриилэспитим. Ленинград оборонатыгар кыра өрүс икки ардыгар немецтэри кытта кэккэлэһэ сыппыппыт. Биһиги траншея кытыытыгар землянкалаах этибит. Землянкабыт иһигэр мас сыыстаан, түүн уот оттунарбыт. Киэһээ траншея үөһэ мас сыыстыы сырыттахпына, мэник буулдьа кэлэн табаарыспар санныгар түһэн, хомурҕанын быһа көтөн тахсыбыт этэ. Табаарыспын траншеяҕа түһэрэн баран, ырбаахыбынан бэрэбээскилээтим уонна землянкаҕа состум. Сарсыныгар кинини госпитальга атаарбыттара. Ол сүрдээх куһаҕан этэ, мин олус хомойбутум. Хас да ый буолан баран, мин бэйэм илиибэр уонна атахпар бааһыраммын госпитальга киирбитим. Табаарыһым үтүөрэн дойдутугар бараары сылдьар этэ. Бу кэпсиир кэмим Ленинград оборонатын бириэмэтэ. Арай биирдэ сатыы айаннаан дэриэбинэҕэ тиийэн кэллибит уонна курааныхсыйбыт оскуола дьиэтин булан хоннубут. Ротабар соҕотох саха этим. Хонор сирбитигэр Анемподистов диэн Кыргыдай киһитин көрсүбүтүм. Убай быраат курдук санаһан, ол түүнү быһа кэпсэтэн атаарбыппыт. Сарсыарда суунаары Анемподистовка мыылабын биэрэн истэхпинэ, чугас миинэ кэлэн түспүтэ. Сиртэн туран буорбун тэбэнним, доҕорум аттыбар турбакка сытар. “Тоҕо турбаккын?” – диэн ыйыппыппар, киһим: “Таптардым”, – диэн хатырбыт уостара хамсаабыттара”. “Ленинградка сылдьан, хас да мэтээли ылбытым уонна lll степэннээх Слава уордьанынан наҕараадаламмытым”. Семен Гаврильевич олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ ааттата туруохтара.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.