Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Веревкин Павел Николаевич

Веревкин Павел Николаевич (1921-1943) – l Чочу нэһилиэгэр “Кыычыкыын” диэн сиргэ 1921 сыллаахха төрөөбүт, комсомолец, орто үөрэхтээх, Каганович колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, п/п 28084, 107-с СД рядовой саллаата. 1943 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр өлбүт, Харьков уобалаһын Дергачевскай оройуонун Лушки дэриэбинэтин хотугулуу кытыытыгар көмүллүбүт. П.Н.Веревкин фронтан суруга: “Аҕа дойду чиэһин, көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун иһин эттиин-хаанныын бэринэн туран, бэйэни харыстаммакка эрэ гитлеровскай быртахтары харса суох кыдыйталыыбын. Мин снайпер эбээһинэспин толоруохпуттан ыла, немецкэй фашистар 12 торҕон үөрдэрин сир ньууруттан ыраастаатым, оттон 2 быртаҕы сүһүөхтэригэр уйуммат гына бааһыртым. Мин снайперскай винтовкам биир да пулятын гитлеровецтар төбөлөрүттэн сыыһа түһэрэ иликпин. Ити курдук табатык ытыы мастерствотын баһылаатым. Октябрь күнүн үөрүүтүн көрсүһэ батальон штабын командира 1 кг мүөттээх, 1кг пряниктаах, 0,5 кг табахтаах уонна да атын маллардаах дириҥ тыылтан кэлбит бэлэх туттарда. Ити фронт тыылы кытта быстыспат сибээстээҕин туоһулуур. Билигин мин атахтарым тарбахтарыгар кыра бааһы ылан, госпитальга сытабын. Аҕыйах хонон баран, немецтэри кыдыйарга өссө ордук күүһүрэн туруом. Сүлүһүннээх өстүйүүнэн туолан туран өстөөҕү өссө элбэхтик кыдыйыам. Эһиги фроҥҥа көмөҕүтүн өссө күүһүрдүҥ! Бэйэҕитин харыстаммакка, бириэмэни аахсыбакка туран үлэлээҥ!”. Павел Николаевич 1943 сыллаахха Поечко-Лавчево диэн дэриэбинэ таһыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтүн туһунан дьоно биллэрии туппуттара. Хорсуннук сэриилэспит буойун Бойобуой Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыт.
Веревкин Павел Николаевич аатын аймахтара үйэтитэллэр, киэн тутталлар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.