Томскай Алексей Афанасьевич (1905 – 1985) – кулун тутар 5 күнүгэр 1905 сыллаахха Кыадаҥдаҕа “Атах” диэн сиргэ төрөөбүт, “1 Маай” колхоз чилиэнэ, сэриигэ 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Аҕа дойду сэриитэ l степэнэ уордьанынан наҕараадаламмыт. 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүгэр демобилизацияламмыт.1985 сыллаахха Кыадаҥдаҕа олорон өлбүтэ. Алексей Афанасьевич ахтыыта: “Мин 1941 сыл армияҕа ыҥырыллыбытым. Антипиха диэн сиргэ 2 ый, Дассааҥҥа 1 ый үөрэммитим. Онтон 3 буолан армияҕа бардыбыт. Ленинградскай фроҥҥа тиийбитим. Дэриэбинэни ылыахтаахпыт, икки хонукка сэриилэһэн ылбыппыт. Немецтэр баран хаалбыттар этэ. 2-с дэриэбинэбитин 3 сууккаҕа сэриилээн ылбыппыт. Немецтэр сарсыарда ыппат буолан хаалбыттара. элбэх немец билиэн бэриммитэ. Эшелон командира бэрэбиэркэлииргэ бирикээс биэрбитэ. Арай биир таҥара дьиэтигэр тиийэбит. Аана улахан баҕайы күлүүстээх, немец бэчээтинэн бэчээттэммит. Саа луоһунан күлүүһү алдьатабыт.Түннүгүнэн кыһыл былаахтар тахсаллар. Биһиги дьоммутун хаайбыттарын быыһаатыбыт. Хамандыыр:”Дьиэҕитигэр барыҥ!”, диэтэ. Билиэннэйдэр: “Уоттаан өлөрүөхтээхтэр этэ”, диэн кэпсээтилэр. 3-с дэриэбинэни ылыыга атахпар араанньы буоллум. Госпитальга сытан үтүөрбүтүм кэннэ дойдулуугун диэн буолла. Кэлэрим саҕана Сарапул куоракка сыппытым. Дойдубар 1942 сылга кэлбитим. “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллээхпин”. Өлөксөй Ленинградскай фроҥҥа пулеметчигынан сэриилэспитэ биллэр.
Алексей Афанасьевич олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.
Томский Алексей Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.