1917 сыллаахха Араҥас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 7 кылаас үөрэхтээх. Колхозка суоччутунан үлэлээбитэ, ЫБЛКС чилиэнэ этэ.
1941 сыл от ыйын 30 күнүгэр, маҥнайгы хомуурга, Дьокуускайга буҕаалтардар куурустарыгар үөрэнэ сылдьан армияҕа барбыта. Киниэмиэ убайдарын курдук колхозтары тэрийиигэ активнайдык үлэлээбитэ. Куруутун суотчутунан үлэлээбитэ.
Петр Николаевич өр сэриилэспитэ. Читаҕа артиллерияҕа үөрэнэн баран, Тулаҕа, Курскайга, Орелга сэриилэспитэ. Сэрии алдьархайын туһунан суруйара.
Кини 234 гвардейскай стр. полк 76 гвардейскай стрелковай дивизиятын минометчигынан сэриилэһэ сылдьан 1943 сыллаахха от ыйын 13 күнүгэр (кини төрөөбүт күнэ этэ) Орловскай уобалас Толкачево дэриэбинигэр өлбүтэ, онно көмүллэн сытар.
Ахтыыны суруйда Олесова Наталья Афанасьевна
Олесов Петр Николаевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.