19-с хайыһар биригээдэтин байыаһа
Мин аҕам Птицын Семен Кононович 1911 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Араҥас нэһилиэгин «Бодуһал» диэн алааска дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1935 сыллаахха Дьабыыл кыыһа Борисова (Птицына) Евдокия Федоровналыын ыал буолбуттара. Аҕалаах ийэм оччоҕо Ворошилов аатынан колхозка үлэлээбиттэр. Мин аҕам 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Кини барарыгар эдьиийбинээн икки оҕо хаалбыппыт. Аҕам үөрэҕэ суох буолан биирдэ да суруйбатах. 1943 сыллаахха үгүс саха өлбүт. Кини 19-с туспа хайыһар бригадатыгар сылдьан Ильмен күөлү туорааһыҥҥа өлбүт. Маҥнай кэргэнигэр сураҕа суох сүттэ диэн биллэриитэ кэлбит. Кэлин Кыайыы 55-с сылыгар кыраайы үөрэтээччи, Старай Русса анныгар кыргыһыыларга кыттыбыт Иван Михайлович Павлов 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр Ильмен килэм мууһугар кимэн киирбит 19-с хайыһар биригээдэтигэр 393 саха баарын архивтан булан хаһыакка таһаартарбыта. 1999 сыл ахсынньы 28 күнүгэр №241 «Саха сирэ» хаһыакка онно өлбүт дьон испииһэгэ сыла-күнэ толору суруллан тахсыбыта, онно мин аҕам 80-с киһинэн сурулла сылдьар этэ.
Ильмеҥҥэ өлбүт сахаларга анаан 1-кы президеммит М.Е.Николаев дьаһалынан, Ильмен күөл үрдүгэр 393 саха саллаатыгар улахан ураһалыы быһыылааах памятник оҥоһуллан, онно өлбүт буойуттар толору ааттара суруллан үйэтитилиннэ. Дойдутугар баар обелиспытыгар суруллан турар. Ильмеҥҥэ өлбүт саха саллааттарыгар анаан «Ильмень үрдүгэр туруйалар» диэн киинэ уһуллубута. Документальнай киинэ эмиэ баар. Аҕам улууспут киинигэр баар памятника көмүс буукубаларынан суруллан турар. Куоракка Ильмен күөлгэ өлбүт саллааттарга анаммыт памятника эмиэ суруллан турар. Кинилэр ааттарынан Ильменскай уулусса баар. Улууспутугар, республикаҕа тахсыбыт кинигэлэргэ уонна «Араҥас нэһилиэгин дьоно сэрии кэмигэр» кинигэҕэ аата үйэтитилиннэ.
Онон биһиги оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ аҕабытынан, эһээбитинэн киэн туттабыт. Биһиги кини ситэ олорботох олоҕун салгыахпыт.
Ахтыыны суруйда уола Птицын Роман Семенович.
Птицын Семен Кононович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.