Цыпандин Петр Иванович 1901 с. Араҥас нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Мин бииргэ төрөөбүт убайым этэ. Убайым Төҥүлү орто оскуолатын 1941 с. бүтэрбитэ. Бэстээххэ Рыбтрескэ үлэлии сылдьыбыта, онтон колхоһугар бухгалтердыы сылдьан сэриигэ барбыта. Кини наһаа үчүгэйдик ыллыырын өйдүүбүн. Ол иһин үгүстүк куоратынан, тыанан күрэхтэһиилэргэ кыттара. Армияҕа сылдьан хоһоон кытта суруйан ыытара да сүтэртээн кэбиспиппин.
Ахтыыны оҥордо быраата: Цыпандин В