Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Чиряев Гавриил Иосифович

Чиряев Гавриил Иосифович (1925-1982) – муус устар 4 күнүгэр 1925 сыллаахха Кыадаҥда нэһилиэгэр төрөөбүтэ, учууталлыы сылдьан армияҕа 1943 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллыбыт, 284-с СД 1047-с СП старшай лейтенана. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа, 1950 сыллаахха демобилизацияламмыт. “Японияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн 1965-82 с.с. Саха сирин обкомун l секретара, Ленин, Октябрьскай революция уордьаннарын, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан икки төгүллээх кавалера. 1982 сыллаахха Дьокуускайга олорон баара-суоҕа 58 саастааҕар ыалдьан өлбүтэ.
Суруйааччы Илья Петров ахтыыта: “1943 сыл армияҕа барааччылары атаарыыга, биһигини трибуна аттыгар тохтоппуттара. Хас да киһи тыл эппитин кэннэ, чороччу улаатан эрэр призывник уол тыл эппитэ: “Биһиги кыайтарары билбэт Кыһыл Армия кэккэтигэр тиийэммит, Ийэ дрйдубутун, бар дьоммутун, алаһа дьиэбитин кыыллыйьыт фашистартан, Гитлер үөрдэриттэн быыһыы бараары турабыт. Эһиги манна, тыылга хаалааччылар, кыайыыны тэҥҥэ үллэстиҥ! Ситиһиилээхтик үлэлээҥ! Биһигини суохтаамаҥ! Килбиэннээх Кыһыл Армиябытыгар албан аат!” – диэн этэн бүппүтэ. Мин аттыбар оттомноох сирэйдээх уол турапыттан: “Тыл эппит уолу билэҕин дуо? – диэн ыйыттым. Онуоха уолум: “Куорат орто оскуолатын учуутала Гавриил Чиряев. Кинини кытта бииргэ үөрэммиппит” – диэн эппитэ. Бүлүү оройуонуттан ыҥырыллыбыт призывниктар эшелоннарын командирынан Гавриил Чиряев этэ. Биһигини Монголияҕа Чойбалсан куорат аттыгар, кыракый үрэх чугаһыгар тохтоппуттара. Саллаат сиэрэй сонун онно таҥныбыппыт. Гавриил Чиряев штабка сулууспалаабыта. Дэҥ көрөрүм. 1950 сыллаахха диэри сулууспалаабыта”.
Гавриил Иосифович Чиряев аатын оҕолоро, сиэннэрэ үйэтитэллэр.
Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.