Гоголев Семен Семёнович (1910-1967) – Чинэкэ эбэҕэ 1910 сыллаахха төрөөбүт, М.Горькай колхоз чилиэнэ, сэриигэ 1943 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбыт, Забайкальскай фронт 101-с СП рядовой саллаата, 1946 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр демобилизацияламмыт, “Японияны кыайыы иһин”, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1967 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ.
Саллаат Семен Семёнович ахтыыта: “Мин 1943 с. Васильев С.С., Никитин Гаврил буоламмыт Читаҕа тиийэн ый аҥаара үөрэнэбит. Онтон кырдьаҕастартан талан тутууга 20 киһини ылаллар. Онно землянка тутабыт. Онтон Япония сэриитигэр барабын. Японецтары батыһан Хайларга тиийэбит. Куораппыт умайа турар. 1500 японеһы тутан хаайабыт. Армияҕа поварынан үлэлээн сылдьыбытым. 15 хонукка сынньанан баран, сэрии бүтэн, ротабытыгар төннөбүт. Мин 1011-с СП 8-с ротатыгар рядовой стрелок быһыытынан, онтон 2480-с ПБ l-гы ротатыгар пулемётчигынан сылдьыбытым. ССРС Верховнай Советын 20.03.1946 с. укааһынан демобилизацияланан 1946 с. дойдубар кэлэбин. Сэриигэ “Японияны кыайыы иһин”, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” уонна үчүгэйдик сылдыым иһин Махталы ылбытым”. Семён Семёнович Гоголев аатын кыыһа, уола, сиэннэрэ салгыыллар, үйэтитэллэр.
Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!
Гоголев Семен Семёнович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.