Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Николаев (Волков) Федор Николаевич

Федор Николаевич 1915 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Дьооху диэн Кыргыдайтан 5 көстөөх сиргэ төрөөбүтэ. Икки кылаас үөрэхтээҕэ. 1936 сыллаахтан Балаҕаччыга Свердлов колхозка биригэдьииринэн, кассирынан үлэлээбитэ,эбии улахан дьону үөрэппитэ, агитатордаабыта. 1943 сыллаахха бэс ыйыгар Кыһыл Армия5а ыҥырыллан барбыта. 207 туспа пулеметнай батальонугар үөрэммитэ, 64 стрелковай полк 88 туспа артиллерийскай дивизиоҥҥа сулууспалаабыта. Икки сыл кыраныыссаны харабылласпыта. 1945 сыллаахха Японияны утары сэриигэ артиллерийскай полка5а пушканы 4-5 аттарынан состорон сүүһүнэн километр кумах куйаары, үрдүк Хинган хайаларын туораан, саамай улахан утарылаһыылары оҥорбут Хайлар куорат ылыытыгар кыттан, Мукден куоракка тиийэ сэриилэспитэ. Ол туһунан кини маннык кэпсиирэ: «Даурияҕа биир ый кэриҥэ үөрэнэн баран, кыраныыссаҕа ДОТ диэҥҥэ сулууспалаабытым. Миигин 88 туспа артиллерийскай дивизиоҥҥа ездовойунан ылтара, алта ат тардар пушкатыгар ортоку икки аты туттаран кээстилэр. Инники киһим татаар, төрүт икки акка нуучча этэ. Кыраныыссаны туораан Маньчжурияҕа тиийбиппит. Манна араас сыыры, хайаны түһүү- тахсыы буолара. Аара алдьаныы-саараныы,өлүү-сүтүү бөҕө этэ. Дьэ итинтэн саҕалаан дэриэбинэлэри, станциялары, кыра куораттары ыла-ыла ааһан иһэбит. Аара тукулаан дойдунан барбыппыт.
Иннигин көрдөххүнэ хара тыа курдук киһи, ат, массыына буолар. Кэнниҥ итиннээҕэр ордук, онон киһи-сүөһү элбэҕин көрөн сөҕөҕүн. Аара ууну булан испэккэ киһилиин-аттыын быстара сыспыппыт. Сири хас да миэтирэни хаһабыт да, уу тахсыбат. Биир эмэ сиргэ ууну буллахха, туустаах буолан киһи да, көлө да испэт этэ. Биир ый айаннаан Хайлар куоракка тиийбиппит, манна элбэх хаан тохтуулаах сэрии буолбута. Биһиги үс түүннээх күн сэриилэспиппит. Төрдүс күммүтүгэр дьэ тохтоттулар,бэриннилэр диэн буолла. 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр мин Масебискай станцияҕа походка сырыттахпына, Германия үлтүрүтүллүбүтүн, Кыайыы буолбутун истэн олус долгуйбутум, үөрбүтүм. Ити күн улахан үөрүүлээх бырааһынньык буолбута. Бу дьыл балаҕан ыйыгар Япония бэриммитэ. Сэрииттэн 1946 сыл ыам ыйыгар дойдубар эргиллэн кэлбитим,от ыйын саҥатыгар Свердлов колхозка дьоммор кэлэн үөрүүм өссө үрдээбитэ».
Онтон колхозка биригэдьииринэн, потребкооперацияга атыыһытынан, Мастаах орто оскуолатыгар бухгалтерынан, мясомолпромҥа приемщигынан Балагаччыга, Кыргыдайга үлэлээбитэ. 1958 сылтан ССКП чилиэнэ. Партияҕа киирэригэр Волковтан аҕатын араспаанньатынан Николаев диэн уларыттарбыта.Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанынан, «Японияны кыайыы иһин», «Германияны кыайыы иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ» уонна юбилейнай мэтээллэринэн , «IX пятилетка кыайыылааҕа» диэн значогунан наҕараадаламмыта. Федор Николаевич улаханнык убаастанар тыа сирин чулуу үлэһитэ, элбэх уопсастыбаннай үлэлэри Балаҕаччыга, Кыргыдайга дьоһуннаахтык толороро, дьоҥҥо-сэргэҕэ кыаҕа баарынан көмөлөһөрө. Дьоллоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, билигин кини олоҕун 6 оҕо, 13 сиэн, 17 хос сиэн, 2 хос-хос сиэн салгыыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.