1939с. Чөркөөх сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ уонна Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбит. Онно цинганан ыалдьан уурайбыт. Армияҕа 1944c. от ыйын 6 күнүгэр барбыт. Мальтаҕа тиийэн 182 саппаас полкатыгар салллаат буолан землянка оҥоруутугар үлэлээбит. Онтон атырдьах ыйын 7 күнүгэр Забайкалье Даурия станциятыгар 36 армия, 210 девизиятын , 644 стрелковай полкатын, 2 батальонун, 5 ротатын, 3 взводун, 2 отделениятын стрелок саллаата буолар. Онтон Японияны кытта сэрии саҕаланар онно ыыталлар. Онтон “Маньчужурия” диэн станцияҕа 1946 сыл балаҕан ыйыгар диэри союзка араас таһаҕаһы вагоннарга тиэйбиттэр. Ол кэнниттэн “Ононский военно-конный завод” диэн сылгы аһылыга ыһар-хомуйар улахан улахан чааска салгыы сулууспалаан баран 1948c. муус устар ыйыгар дойдутугар кэлэр. Онтон ыла суоппардыыр ГАЗ-ММ диэн 1,5 тонна уйуктаах полуторка диэн массынаттан саҕалаан араас массыыналарга үлэлээбитэ. Кэлин арыы собуотугар моториһынан улэлээбитэ.
Наҕараадалара: Медаль “За победу над Японией”, медаль “За Победу над Германией” уонна юбилейнай мэтээллэр.
.
Огонеров Василий Васильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.