Семенов Алексей Семенович 1917 сыллаахха Ньурба Оройуонун Чуукаар нэьилиэгэр торообутэ. Кубалаах оскуолатыгар 4 кылааьы бутэрбитэ.
1936 с. ликбезкэ уорэ5э суохтары уорэппитэ. Сэрии кэнниттэн «Кыьыл Сардана» холкуоска икки сылправление бэрэссэдээтэлинэн, онтон салгыы Совекка сэкирэтээринэн улэлээбитэ. Сэриигэ «За отвагу», «Германияны кыайыы иьин» уонна сэрии кэннинээ5и хас да убулуойунэй мэтээллэринэн на5араадаламмыта.
«Мин Семенов Алексей Семенович, 1941с. сэриигэ Саха сириттэн бастакы ынырыкка тубэьэн барбытым. Бастакы ынырыктар 2 Чита5а Шабальскай Забайкальскай байыннай уокурукка 777 стрелковай полкатыгар 6 ый саллааттары бэлэмниир кууруска уорэнэн баран анда5ар биэрбиппит. Онтон 1942 с. олунньу ый 14 кунугэр Смоленскай уобласка Захаровка дэриэбинэни босхолуур иьин кыргыьыыга кыттыбытым. Ити кыргыьыы тумугэр хорсуннук охсуспут буойуттар на5араада5а туьэриллибиттэрэ, олор истэригэр мин киирэммин «За отвагу» мэтээлгэ туьэриллибитим. Онтон салгыы биьиги сэриилэрбит куораты босхолооьунна хас да куннээх туун кырыктаах кыргыьыыга киирсибиттэрэ. Манна тохтоло суох остоох атаакалааьынын тоттору охсуу, арыт биьиги атаака5а киириибит буолуталаабыттара. Бу кыргыьыыга мин уна илиим тарбахтарын остоох буулдьатыгар быьа котуттэрэн баас ылан, госпитальга атаарыллыбытым. Бу суостаах кыргыьыыны мин хаьан да умнубаппын, оннук ынырык кутталлаах этэ.
Уоьэ ахтыбыт бааьырыыбынан сэриилэьэр куустэри кытта сылдьар кыа5а суох буолан, 1943 с. са5аланыа5ыттан пленнэй немецтэри конвойдаан ойуур маьын бэлэмнээьинигэр улэлэтэрим. Ол аата МВД конвойнай чааьыгар сулууспалаабытым, Верхне-Сальдск куоракка караульнай чааска.
Манна сулууспалыы сырыттахпына илиим бааьа бэргээн, улаханнык эмсэ5элээн 3-с группалаах инбэлиит буолбутум уонна 1945 сыл атырдьах ыйын 15 кунугэр демобилизацияланан дойдубар тоннубутум».
СЕМЕНОВ АЛЕКСЕЙ СЕМЕНОВИЧ
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.