Аҕам олоҕун үтүө холобурдара
Мин аҕам, Аргунов Петр Иванович, бэйэтин олорон ааспыт олоҕо сүрдээх эриирдээх- мускуурдаах этэ. Кини 1918 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Эрдэ аҕаларын сүтэрэннэр, тулаайах хааланнар ийэлэригэр сайыны быһа от оттоон, кыһын көмүлүөк оһоххо күнү тура мас бэлэмнээн, эмиэ да ыалларга оҕус сиэтэн, сиэмэ бысыһан, убайын Лэгэнтэйи кытта үлэлээбиттэрэ. 1932 сыллааха Танда оскуолатыгар II кылааска үөрэнэ киирбитэ. 1937 сыллааха 5 кылаас үөрэхтэнэн, нэһилиэгэр үөрэхтээх киһи аатыран Сэбиэт сэкэрэтээринэн ананан “Суруксут уол” диэн эбии ааттанан үлэтин саҕалаабыта. Нэһилиэгэр сүрдээх эппиэтинэстээх үлэһит киһи курдук буолбута. Араас докумуоннары толорууга эриллэн, син добуоччу быһаарсар буолбут киһини 1938 сыллаахха Үп агенынан анаабыттара. Дьэ, үлэтин ыыра кэҥээн, Байаҕантай нэһилиэгин бары үрэхтэригэр, алаастарыгар тарҕанан олорор ыаллары кэрийэн үп хомуйан тэлэһийэ сүүрбүтэ.
Сайын от үлэтин үөһүгэр сырыттаҕына Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыта. Аргуновтар дьиэ кэргэнтэн үс убайдыы-бырааттыылар сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Ол курдук Лэгэнтэйи, Бүөтүрү, Ньукулайы ийэлэрэ Мааппа ыраах киһи санаан да санаата тиийбэт сирдэригэр хорсуннук сэриилэһэн өстөөҕү киэр кыйдыылларыгар уйадыйа атаарбыта. Бары тус туһунан байыаннай чаастарга түбэһэн, хастара тыыннаах дойдутугар төннөллөрүн билээхтээбэт да буоллахтара.
Аргунов Петр Иванович Воронежскай фроҥҥа бүлүмүөччүгүнэн сэриилэспитэ. Хомойуох иһин сэрии туһунан олох хаһан да кэпсээбэт этэ. Уоттаах сэриигэ хорсуннук сэриилэһэ сылдьан бааһырбыта. Ол курдук, 1943 сыллаахха тохсунньу ыйга хаҥас илиитин тойон тарбаҕын тоҕо ыттаран дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Аҕам сэрии кэмигэр хорсуннук сэриилэспитин элбэх ахсааннаах орденнара, мэтээллэрэ туоһулууллар.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран ый эрэ курдук сынньанан баран үлэ үөһүгэр түспүтэ. Ол курдук оройуҥҥа Госстрах участковай инспектэринэн үлэлээн Уус-Алдан араас нэһилиэктэрин кэрийэн, биирдэ да ат диэни мииммэккэ наар сатыы айаннаан үлэлээбитэ. Кэлин эйэлээх олоҕу оҥорсууга сыратын биэрэн туран үлэлээбитэ. Ол курдук өр сылларга Байаҕантай нэһилиэгин Партизан Егоров совхоз Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Түүлээх, Бээрийэ, Тиит-Арыы нэһилиэктэригэр эмиэ Сэбиэт бэрэссэдээтэллэринэн, эмиэ да биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
Үөрэҕэ төһө да кыра буоллар, онтон иҥнэн, толлон турбакка бэйэтин бэйэтэ үөрэтинэн, араас элбэх хаһыаттарга, сурунаалларга суруйтаран ааҕара, куруук туту эрэ бэлиэтэнэрин, кэниспиэкт оҥосторун мин кыра да сылдьан, улаатан да баран элбэхтик көрөрүм. Ол курдук, хас партия сийиэһэ буолла да онно тыл эппит дьоннор этиилэрин хайаан да кыра тиэзис оностор этэ. Уонна туту билбитин-көрбүтүн, партияҕа туох уларыйыылар буолбуттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ араас көрсүһүүлэргэ тиэрдэр идэлээҕэ. Урут улахан бырааһынньыктарга уоттаах-күүстээх миитиннэр буолаллар этэ. Мин аҕам ол бырааһынньыктааҕы миитиннэргэ солбуллубат дакылаатчык буолар этэ. Дьэ, ол дакылаатыгар били бэлиэтэммит кэниспиэкэриттэн туттара. Сүрдээх үчүгэй араатар этэ диэн баар кырдьаҕастар ахтан ааһааччылар. Олус элэккэй, дьону кытта биир тылы булар, оройуоҥҥа убаастанар киһи этэ. Урут улууска кинини билбэт киһи суох быһыылаах дии саныыр этим. Ол курдук, оройуон сыантырыгар Бороҕоҥҥо биирдэ эмэ илдьэ киирдэҕинэ, уулуссаҕа наһаа да элбэх киһини кытта көрсөн кэпсэтэрэ, эбэтэр «Оо, Бүөтүр Уйбаанабыс дорообо!» диэн ыраахтан дорооболоһор буолаллара.
Дьэ, ити курдук хара бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри дьонун, норуотун туһугар ааҕан сиппэт үлэни үлэлээн, дьон убаастабылын ылан, оройуоҥҥа биллэр –көстөр киһи этэ. Петр Иванович киһи быһыытынан чаҕылхай, өйө-санаата ыраас, үлэҕэ сүрэхтээх этэ диэн бары билэр дьонноро ахталлар, саныыллар. Хомойуох иһин кини баара суоҕа 68 сааһыгар ыарахан ыарыыттан суох буолбута.
Кэнниттэн хаалбыт мэтээллэрин, уордьаннарын, туттубут малларын, кэппит көстүүмүн Танда историческай музейыгар бэлэхтээбиппит. Ол курдук, сэриигэ кыттыбытын туоһулуур мэтээллэрэ, Саха АССР Верховнай советын Президиумун бочуотунай грамоталара, Албан аат III степеннээх, Бочуот знага, Аҕа дойду Улуу сэриитин I степеннээх орденнара, Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ диэн знага кини килбиэннээх үлэтин туоһулара буолаллар. Петр Иванович кэргэнинээн Елена Романовналыын түөрт уол, биир кыыс оҕолохторо. Билигин оҕолорун дьиэ кэргэттэрэ, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинилэр олохторун салҕаан республика араас муннуктарыгар олоробут, үлэлиибит, үөрэнэбит.
Бурцева Розалия Петровна,
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министерствотын иһинэн үлэлиир хонтуруоллуур уонна кэтээн көрөр Департаменын
государственнай надзорун сүрүн специалиһа.
Подразделение где служил, воспоминания и биография.