1901 с. Мэӊэ-Хаӊалас оройонун Дьаӊхаады нэһилиэгэр бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1929- 1932 сс. «Урдаах» колхоз солбуйааччы председателинэн, онтон председателинэн үлэлээбитэ. 1932-1942 сс. колхозка правление чилиэнинэн, «Революция» колхозка тутуу биригэдьииринэн 10 сыл тохтоло суох үлэлээбитэ.
1942 с. бэс ыйыгар армияҕа ыӊырыллыбыта. Биир сыл устата 760 стрелковай полкаҕа Молотов аатынан куорат (билигин Пермь) аттыгар биир сыл сулууспалаабыта. 1943 с. 2-с Балтийскай фроӊӊа 760-с стрелковай полкаҕа Украинаны босхолооһун иһин икки аӊар ый охсуһуу хонуутуттан тахсыбакка сэриилэспитэ. Элбэх кыргыһыыга кыттыбыта. Ити сыл балаҕан ыйыгар ыараханнык атаҕар бааһырбыта. Алта ый госпитальга сыппыта. 1944 с. 2-с Белорусскай фроӊӊа 760-с стрелковай полкаҕа— пехотаҕа Белоруссияны босхолооһун иһин икки ый устата сэриилэспитэ. Манна элбэх тиллэр-өлөр, хаан тохтуулаах охсуһууларга кыттыбыта, муус устар ыйга илиитигэр ыараханнык бааһырбыта. Биир сыл Тула куоракка сулууспалаан баран 1945 сыллаахха атырдбах ыйыгар дойдутугар кэлбитэ.
Армияттан кэлээт 5 сыл устата «Революция»
колхозка кладовщигынан үлэлээбитэ. 1950-1967 сс. кырдьаҕаһынан пенсияҕа тахсыар диэри 17 сыл устата тутуу биригэдьииринэн эӊкилэ суох үлэлээбитэ. Ити сыллар усталарыгар сыаналаах бэлэхтэринэн, харчынан, тутуу биригээдэтэ сүөһүнэн бириэмийэлэммитэ. 1932 с. охсуулаах үлэтинэн ударник, 1936 с. стахановец аатын сүкпүтэ.
Уһун сыллаах эӊкилэ суох үлэтин иһин Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан, райком, райсовет, колхоз, совхоз элбэх бочуотунай грамоталарынан, хайҕабыл суруктарынан наҕараадаламмыта. Нэһилиэк советыгар депутатынан талылла сылдьыбыта.
Правительственнай наҕараадалара:
1. Медаль «За Победу над Германией»
2. Медаль «За боевые заслуги»
3. «20 лет Победы в ВОВ»
4. «50 лет Вооруженных сил
СССР»
5. «60 лет Вооруженных сил
СССР»
6. «30 лет Победы в ВОВ»
7. Знак «25 лет Победы в ВОВ»
8. Орден Отечественной
войны 2 степени
9. Медаль «Ветеран труда»
Холмогоров Константин Спиридонович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.