Егоров Николай Дмитриевич 1923 сыл олунньу 15 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас 3-с Мальдьаҕар нэһилиэгэр Татьяна уонна Дмитрий Егоровтарга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини төрөппүт дьон иһирэх тапталыгар уһуннук умньамматаҕа – ийэтэ иккиһин оҕолоноору уол биэстээҕэр быстаахтаабыта. Онтон үс сылынан аҕата суох буолбута. Онон икки тулаайах уолу аймахтара иитэ ылбыттара. Улахан уолу Николайы оччтооҕу кэмҥэ үөрэхтээх аҕаларын убайын уолаттара Конон Васильевич уонна Егор Васильевич Егоровтар Харыйалаахха, онтон кыра уолу Василийы таайа Герасимов Спиридон Хачыкаакка иитэ ылбыттар.
Сэттэ кылаас үөрэхтээх Николай оскуола кэнниттэн дойдутугар 3-с Мальдьаҕар нэһилиэгэр Ворошилов аатынан холкуоска үлэлээбит. Сүрдээх толоругас, бүгүрү үлэһитинэн ахталлар, оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит дьон. Онтон 1943 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Ас-таҥас кэмчи кэмэ буолан, онно эбии аара суолга ыалдьан Чита уобалаһыгар госпитальга эмтэммит.
Бэйэтин кыанар, кыраҕы харахтаах уолу 1034 №-дээх стрелковай полкаҕа снайперынан анаабыттар. Полк суос-сатыы Хайлар хайалары уҥуордаан Бухэдунан быһалаан Цицикарга, билигин Кытайга биллэр улахан куораттарга, оччотооҕуга кыракый куоракка сэриилэһэн тиийбит. Сатыы, сэриилэһэр сэптэрин, бэйэлэрин тэриллэрин сүгэн бу уһун айаҥҥа саллааттар утатан эрэйдэммиттэрин кэнники уйадыйан ахтар этэ. Өстөөх сиригэр бу кимэн киирии операциятын толоруу иһин Николай Дмитириевич Егоров И.В. Сталин бирикээһинэн Махтал сурук уонна “За победу над Японией” мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кытайга олоҕу чөлүгэр түһэрэргэ кыттан дойдутугар 1948 сыллаахха кулун тутар ыйга кэлбит.
Убайа Конон Васильевич кэргэнэ өлөн икки оҕотунаан олордоҕуна армияттан кэлэн дойдутун холкуоһугар үлэлээн барбыт. Сотору буолан үөрэммит оскуолатыгар директоры хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан анаммыт. Оскуола 14 оһоҕун оттор маһын кыһын арҕаа өрүһү атынан туоратан, эрбэтэн, саһааннаан эһиилги үөрэх дьылыгар бэлэм оҥороллоро. Оччотооҕу оскуола кырааската суох үрдүн, муостатын, тэрилин ып-ыраастык тутарга техүлэһиттэри хонтуруоллаан, кыһын оскуола ичигэс, үгээрэ суох буоларын, интернат оҕолоро сөптөөх нуормаларын тутуһан аһаан-таҥнан сылдьалларын хааччыйара.
1949 сыллаахха эбээбитин Фекла Степановна Рожина-Федорованы, оскуола алын кылааһын учууталын, кэргэн ылан ыал буолбут. 1950 сыллаахха убайа Конон Васильевич, оскуола директора, оҕолорун кытары ууга дэҥнэнэн суорума суолламмыттар.
Кэлин 60-с сылларга Николай Дмитриевич мындыр туттунуулаах тутааччы быһыытынан биллибитэ. Ол курдук, 1963 сыллаахха Тиит-Арыыга интернат остолобуойун, эһиилигэр кулууп дьиэтин тутуутугар үлэлээбитэ. Маны таһынан 400 сүөһү турар чуурка хотонун, билигин да үлэлии турар массыына гараһын тутууга биригэдьиирдээбитэ. Бу сылдьан сытыары сымнаҕас майгылаах киһи оскуоланы саҥа бүтэрбит биэс уолу бэйэтигэр сыһыаран, тутуу үлэтигэр уһуйан ол оҕолортон кэлин тутуу инженердэрэ үүнэн тахсыбыттара.
Төһө да күүстээх үлэҕэ сырыттар, нэһилиэк общественнай олоҕор кыттар этэ. Ол саҕана агитатордар диэн бааллара. Ыаллары кэрийэн колхоз олоҕун, быыбар хаамыытын, оройуон “Союз кыымнара”, “Советтар Знамялара” хаһыаттар сонуннарын кэпсииллэрэ.
Эһээбит Николай Дмитриевич эбээбитинээн Фекла Степановналыын уон оҕону төрөтөн, иитэн улаатыннарбыттар. Онтон 7 оҕото үрдүк үөрэхтээх специалист.
Хомойуох иһин кини 60 эрэ сааһыгар 1983 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр суох буолбута
Егоров Николай Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.