(1926-2014)
Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр 1926 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Канаева – Нестерова Анна Михайловна, аҕата Канаев Савва. Никольскайга, Бастакы Хомустаахха олорбуттара. Варвара Саввична сэрии иннинэ Хомустаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оччолорго оскуола билиҥҥи Партизан сэлиэнньэтин эргэ оскуолатыгар үлэлиирэ. Аверинская Александра Георгиевна кинилэри үөрэппит. Олохтоохтор уонна оҕолор кинини убаастыы көрөллөрө, таптаан көннөрү Эбиэрискэйэ Суура диэн ааттыыллара. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Варвара үөрэммит оскуолатын директора Георгий Осипович Ядрихинскай, учууталлара Игнатий Слепцов, Иван Сивцев сэриигэ аттаммыттар. Георгий Осипович Ядрихинскай сэрии саҕаламмыт бастакы сылыттан оборонаны бөҕөргөтүүгэ педагогическай коллектив иһигэр араас үлэлэри ыыппыт. Ол курдук, кини бэйэтэ 1000 солк. сууммалаах государственнай заем облигациятын фроҥҥа биэрэн үтүө холобуру көрдөрбүт. Варвара Саввична учууталларын куруук махтал тылларынан ахтааччы.
“Сэрии бастакы сылларыттан аас-туор олох саҕаламмыта. Оскуолаҕа кыра нуорманнан аһылык биэрэллэрэ, ол иһин сорох оҕолор оскуолаларын хаалларарга күһэллибиттэрэ. Учууталлар уруок кэмигэр Кыһыл Армия байыастара ханнык туһаайыынан баран иһэллэрин куруук сырдатааччылар, пионер-геройдар тустарынан эрийэн киинэ көрдөрөөччүлэр. Ол кэмнэргэ “Капитан Гастелла”, «Туойуоҕун туйгун кыыс Таняны», «Хайыһар» курдук ырыалары үөрэппиппит. Дэриэбинэбититтэн сэриигэ ыҥырыллыбыт уолаттары, аймахтары атаара Намҥа киирбиппит. Билигин 2 нүөмэрдээх орто оскуола турар сиригэр атаарыы сиэрин-туомун ыыппыттара. Оҕолор, ийэлэр, кэргэттэр ытаһан, уолаттарын ыытымаарылар улахан аймалҕан буолбута. Ол иһин кэнники ыҥырыллыбыт дьону тута дьиэлэриттэн Граф биэрэгэр таһаарар буолбуттара. Намҥа, Хомустаахха араадьыйаннан аатырбыт диктор Левитан фронт туһунан сонуннары кэпсээн саҕалаатаҕына мин оҕо санаабар сэриигэ барбыт аймах убайым саҥарар диэн саныыр этим. Ол убайым сөҥ, үчүгэй куоластааҕа. Барахсан сэрииттэн эргиллэн кэлээхтээбэтэҕэ. Сэрии ыарахан кэмигэр мин бырааппынаан Егордуун ийэбит баар буолан тыыннаах хаалбыппыт. Ийэм Анна Михайловна үлэни өрө тутан, биһиги туспутугар күннэри-түүннэри үлэлиирэ. Дьоҥҥо тирии имитэн биэрэрэ, киниэхэ манньатыгар кыра бурдук, ас тобохторун биэрэллэрэ. Эбэтэр дьон сиэн бырахпыт ынах, сылгы уҥуохтарын ылан иккистээн миин сыыһа өрөн биһигини аһатара. Сэрии дьалхааныттан кыһарыйан оскуолабын хаалларарга күһэллибитим, колхозка үлэлии киирбитим». Бу эбэбит биһиэхэ кэпсээн хаалларбыт ахтыытыттан быһа тардыы.
Кини 1 Хомустаах нэһилиэгин Жданов аатынан колхозка үлэлии киирбитэ. От-мас тиэйиитигэр үлэлээн саҕалаабыт. 1942 сыллаахха Хомустаахха Чурапчы оройуонуттан көһөрүүгэ түбэспит кыргыттар үлэлии кэлбиттэр. Ол курдук Лаврентьева Маайа, Жиркова Матрена, Үчүгэй Даайа, Азарова Дуня, Мотуруос диэн кыргыттары кытта үлэлээбитэ. Кинилэри Колесов Илья Николаевич салайан илдьэ сылдьыбыт. Кыргыттар ыанньыксытынан, бурдук ыһыытыгар үлэлээбиттэр. Онтон 1944 сыл саҥата Нам колхозтарыттан 5-тии киһини хомуйаннар куорат таһыгар Намсыырга кирпииччэ собуотугар үлэлии ыыппыттара. Манна эбэбитин кытта Никольскайтан Охлопкова Валентина Михайловна (кэлин аатырбыт ыанньыксыт, Герой-Ийэ буолбута), Аппааныттан Гуляева Ирина, Бөтүҥтэн Лукина Варвара Николаевна, Хатырыктан Охлопкова Валентина уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Манна Валентина Михайловналыын эбэбит биригэдьиирдээбиттэр. Үчүгэй үлэлэрин иһин таҥас материалынан, сиэркилэннэн, бириэмийэлэннэллэрэ. Дойдуларын, дьоннорун ахталлара бэрт буолан завод салалтатыттан көҥүллэтэн дьиэлэригэр бараллара. Биир оннук сырыы туһунан журналист Виталий Сыромятников Валентина Охлопкова туһунан «Көмүс көлөһүнүҥ сыаната биллибэт» диэн 1997 сыллаахха “Эҥсиэли” хаһыакка ыам ыйын 27 күнүгэр тахсыбыт очеркатыгар суруйан турардаах: “…Дойдулуур киһи аргыһынаан, 1 Хомустаах нэһилиэгин Жданов аатынан колхозтан сылдьар Варвара Канаевалыын сатыы уһун айаҥҥа туруммуттара. Саха сирин сайына муҥутаан турар кэмигэр, үөн-көйүүр, бырдах аһылыга буолан кыргыттар дойдулуур суолунан тиэтэйэ-саарайа хаама турбуттара. Дьүөгэтэ Варвара Кыһыл Сыырга дьонугар хаалбыта. Валентина Никольскайга ааспыта. Кини онно олорор сиригэр Иван Бережневтаахха тиийбитэ. Н. Каландарашвили аатынан колхоз председателя И. С. Шадрин, дьиэтин-уотун, дьонун-сэргэтин ахтан кэлбит кыыс, хонон турарын кытта, өрөбүлгэ, кыра өйүө сыыһа бэлэмнэтэн атынан Кыһыл Сыырга ыыппыта. Кыһыл Сыырга Варвара ийэтэ Ааныс сыарҕалаах оҕуһу булан, кыргыттарын сыарҕаҕа олордон, быһа суолунан үлэлиир сирдэригэр илпитэ. Куһаҕан, бадарааннаах суолга, оҕустара батыллыбытын эрэй бөҕөнөн бэйэлэрэ хостообуттара. Оччолорго тыа омоон суолугар айанньыт сылдьара ахсааннаах буолара. Бу да сырыыга туораттан көмө кэлбэтэҕэ. Айанньыттар бэрт уһуннук сыныахтатан, түүн хойут кирпииччэ собуотугар тиийбиттэрэ. Ааныс эрэйдээх, сылаас чэйи иһээт дьиэтигэр төннөөхтөөбүтэ. Кыргыттар бэнидиэнньиккэ сарсыарда үлэлэригэр хойутаабакка баар буолбуттара.” Олохторун бүтэһик күннэригэр диэри Валентиналаах Варвара куруук билсэллэрэ, көрүстэхтэринэ оҕо саастарын, сэрии ыар сылларын ахтан кэпсэтээччилэр.
Эбэбит ийэтэ Ааныс барахсан оҕолорун харыстаан күүс-көмө буолара, кинилэр тустарыгар тугун да кэрэйбэт этэ. Ол гынан баран Варвара сотору кэминэн ийэтин сылаас ытыһыттан, төрөөбүт алаһа дьиэтиттэн букатыннаахтык арахсар кэмэ кэлбитэ. 1944 сыл күһүнүгэр дьон кэрэхсии кэпсиир, аатырбыт Үрүҥ Күөлгэ улахан муҥхаҕа балыксытынан Жданов аатынан колхозтан ыыппыттара. Алтынньы, сэтинньи, ахсынньы ыйдарга Үрүҥ күөл эбэҕэ оройуон 9 балыктыыр биригээдэлэрэ тахсанннар фроҥҥа туттарыахтаах сыллааҕы былааннарын аһары толорбуттара.
Ити муҥха биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн, саха норуотун чаҕылҕай кыыһа, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун бэрэссэдээтэлэ Софья Петровна Сидорова Нам оройуонун салайааччыларын кытта тахсан Үрүҥ күөл муҥхаһыттарын эҕэрдэлээн, кинилэр килбиэннээх үлэлэрин үрдүктүк сыаналыылларын биллэрбиттэрэ. Түбэ нэһилиэгин олохтоохторо Софья Петровна кэлэ сылдьыбытын бэлиэтээннэр, Дьокуускайтан кэлэн иһэн тохтоон, сынньанан, аттарын сынньаппыт сирин «Депутат аһаабыт сирэ» диэн ааттаабыттар. Варвара Саввична ол аатырбыт муҥха туһунан маннык кэпсээбитэ: «Күһүн муҥхалаан балык бөҕөтүн ылан былааммытын аһары толорбуппут. Балыктыы сылдьан эмис соболору туора, туспа «Сталин өлүүтэ» диэн уурарбыт. Муҥхабыт салайааччыта Бөҕөл Ылдьаа этэ (Пестряков Илья Петрович – ППП). Бөдөҥ, улахан оҕонньор этэ. Халыҥ курунан бааммыт улахан сонноох, сыҥааҕын аннынан баайыллар чомпой бэргэһэлээх этэ. Муҥха саҕаланыан иннинэ Бөҕөл Ылдьаа уотун оттон сөһүргэстээн олорон алгыыр. Сир-сир аатын барытын ааттаталыыр, көрдөһөр-ааттаһар. Дьахталлар күлсүү бөҕө буолаллар этэ. Муҥха түспүт сириттэн балыксыттарын салайар этэ»».
Ити кэпсиир 1944 сыл күһүнүгэр Жданов аатынан колхоз Үрүҥ Күөлгэ элбэх сүөһүнү кыстата таһаарбыта. Ол иһин эбэбит сүөһү көрөөччүннэн хаалбыта. Маҥнай утаа от тиэйээччиннэн сылдьыбыт. Чэҥээн Ньукулай (Лукавин Николай Евсеевич) оҕонньордуун 2 көстөөх сиртэн Арыылаахтан, Атырдьах Тииттэн иккилии оҕуһунан буурҕаны буурҕа диэбэккэ элбэх сүөһүнү аһатар отун толору хааччыйаллара. Киэһэтин кэлэн оттук маһын бэлэмниир, сарсыарда эрдэ туран суорунаҕа бурдук тардар. Биирдэ Атырдьах Тииккэ биир уолу кытта оттук мастарын бэлэмнии бараннар, сүүнэ улахан тиити көрөннөр илиилэринэн күнү быһа эрбээннэр, мастара сууллан испэтиттэн кыһыйан, ону тэҥэ кыһыҥҥы хабараан тымныыттан тоҥоннор харахтарыттан уу бөҕөтүн тоҕоннор нэһиилэ ол мастарын суулларбыттара. Сэниэлэрэ бараммыт оҕолор аҕыйах хардаҕас маһы ыланнар дьиэлэригэр киэһэлик төптөрү айаннаахтаабыттар. «Ол маспыт улахан чөҥөчөгө билигин да баара буолуо», – диэн кэлин этээччи. Саас эбэбит соҕотоҕун Арыылаахтан үс көлөннөн от тиэйэрэ. Иитэр-аһатар киһитэ, ийэтэ аттыгар суоҕуттан аара Үрүҥ Күөл ыала чэй кутан биэрэн үссэнэн аһыыра. Ото сууллан хааллаҕына кыһыытыттан ытыыр, этэҥҥэ айаннаатаҕына ырыа бөҕөтүн тардан кэбиһэрэ.
1945 сылтан «Үрүҥ Күөл» колхозка иккилии үлэни толорор буолбута. Ол курдук, үүт эрийээччиннэн уонна субан сүөһүнү көрөөччүннэн үлэлээбитэ. Кэлин колхоз ыанньыксыта буолбута.
Кыайыылаах 1945 сылы төһөлөөх элбэх киһи кэтэспитэ буолуой? Эбэбит Варвара Саввична «Кыайыы» диэн тылы истибит күнүм – олоҕум дьоллоох түгэннэриттэн саамай кэрэлэрэ этэ диэн эппитэ. Дьон Кыайыы туһунан истэн бараннар өссө эрчимирбиккэ, кыайыылаах үлэлэрэ өссө күүһүрбүккэ дылы буолбута. Хомойуох иһин элбэх дьон сэрии толоонуттан эргиллибэтэх оҕолорун, кэргэттэрин суохтаан икки харахтарыттан төһөлөөх ууну тохпуттара таайарга ыарахан. Бу барыта эбэбит хараҕын далыгар ааспыта. Ити сыл күһүнүгэр Забайкальский фронт 8 рабочай батальонугар сулуспалаабыт эһэбит Шарин Петр Петрович дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Эбэбитин сөбүлүү көрөн ыал буолан холбоспуттара. Үрүҥ Күөл кэрэ айылҕатын, дьонун-сэргэтин сөбүлээн эбэбит олохсуйан хаалбыта.
Эбэлээх эһэбит иккиэн үлэни кыайа туппут дьон этилэрэ. Петр Петрович уҥуоҕунан уһун, көрүҥүнэн бөдөҥ-садаҥ буолан туох баар ыарахан үлэлэргэ кинини аныыллара. Оҕо сылдьан айанньыт нууччалар көрүҥүнэн таһыччы сылдьар оҕону «Большой мальчик», – диэбиттэрин эһэбит дьоно нууччалыы кыайан саҥарбаккалар «Боссой, боссой маалчык», – диэбиттэрэ кэлин Боссоойко диэн аакка кубулуйбута. Аны ол саҕана Саха сиригэр аатырбыт татаар Боссоойко туһунан араас кэпсээннэр тарҕаналлара. Ол иһин кини курдук күүстээх буоллун диэн эбиитин итинник ааттаабыттара буолуо диэн эбээбит сабаҕалыыр этэ.
Эбэлээх эһэбит Үрүҥ Күөлгэ биир кыыһы иитэ ылбыттара. Кыыстарын ийэтин курдук Варя диэн ааттаабыттар. Оҕо-оҕо курдук чороччу улаатан эрэр кыыс куруук ийэтин батыһа сылдьан ыллаан дьырылыыра, бэйэтин саастыылаахтарын кытта оонньоон дуоһуйара. Кыыһын сөтүөлэтэ эбэбит куруук бэйэтэ илдьэ сылдьара үһү. Арай биир күн үлэтиттэн сабырыйтаран эбэбит кыыһын атын оҕолору кытта сөтүөлэтэ ыыппыт. Ол күнү эбэбит олоҕун тухары умнубатаҕа. Кыыс ууга умсан, чачайан кыайан харбаабакка тимирэн сырдык тыына быстыбыта… Үрүҥ Күөл дьоно, эбэлээх эһэбит кыыстарын хас да күн көрдьөөбүттэр. Кэлин тиһэҕэр ийэтэ биэрэк кытыытыгар талахха кыыһын былааччыйата иҥнэн турарын көрбүт, аттытыгар кыыһа сытарын булбут… Эбэлээх эһэбит олохторугар улахан охсууну ылбыттара. Күннэри-түүннэри кыыһын ырыатын кулгааҕар истэрэ, санаатыгар ыар баттык буолбута. Ол иһин 1953 сыллаахха Үрүҥ Күөллэри аллараа көһөрүүгэ түбэһэннэр киһи буолбут Ытык эбэлэриттэн букатыннаахтык арахсаннар Булууска көһөн киирбиттэрэ.
Булууска кэлэн Варвара Саввична, Петр Петрович Шариннар Маленков аатынан колхозка үлэлээбиттэрэ. Эбэбит маҥнай утаа ыанньыксыттаабыта онтон бөдөҥсүйбүт Аммосов аатынан совхозка ньирэй көрөөччүннэн үлэлээбитэ. Ньирэй өлүүтэ элбээн бу ыарахан учаастагы атаҕар туруораары эбэбит дьүөгэтинээн Акулина Николаевна Готовцевалыын тылланан барбыттара. 1967 сыл сааһыгар эмис, тот ньирэйдэри туттарбыттара.
1967 сыллаахха эбэбит Варвара Саввична Нам оройуонун үрдүнэн саамай үрдүк эбиллиини ылан бастакы миэстэни ылбыта. Ити сылга Аммосов колхоз 5 бастыҥ үлэһиттэрин кытта Москваҕа Норуот Хаһаайыстыбатын Ситиһиилэрин Быыстапкатыгар баран кэлбитэ. Дойду килбэйэр киинин илэ хараҕынан көрөн астыммыта, Ленин мавзолейыгар сылдьыбыта, Москва саамай кэрэ миэстэлэрин, музейдарын көрөн дуоһуйбута. ВДНХаҕа чулуу үлэһиттэр үлэлэрин көрөн элбэҕи билбитэ. Онтон 1968 сыллаахха былырыыҥҥы көрдөрүүтүн учуоттааннар ВДНХ Сүрүн Комитета Варвара Саввичнаны Быыстапка кыттыылааҕын быһыытынан бигэргэтэн, Саха АССР делегациятын састаабыгар киирбитэ. Оройуон, нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттара. Ол курдук, 60-с, 70-с сылларга нэһилиэк дьахталларын Сэбиэтин, 80-с сылларга пенсионердар Сэбиэттэрин салайбыта. Аммосов совхоз правлениятын чилиэнинэн, Нам оройуонунааҕы суут народнай сэтээтэлинэн үлэлээбитэ. Түбэ нэһилиэгин Сэбиэтин 8 ыҥырыы устата народнай депутатынан, Исполком чилиэнинэн талыллыбыта. Партия Нам оройуонунааҕы конференцияларыгар хас да төгүл делегатынан талыллыбыта.
Ахсыс пятилетка түмүгүнэн Варвара Саввична 1971 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус үрдүк наҕараадатынан «Знак Почета» орденынан наҕараадаламмыта. Ити сыл бэс ыйын 13 күнүнээҕи Өрөспүүбүлүкэ быыбардарыгар эбэбитин Саха сирин үрдүкү государственнай уорганыгар – Верховнай Совекка депутатынан талбыттара. Сэрии ыар кэмнэрин, олох араас күчүмэҕэйдэрин билбит, дьадаҥы саха ыалыгар төрөөбүт киһиэхэ чахчы улахан эппиэтинэс уонна үрдүк чиэс этэ. Киһи буолбут Түбэтин сайдыытыгар туһуламмыт араас боппуруостары туруорсубута. Ол курдук, 50 миэстэлээх оҕо саадын, нэһилиэк маҕаһыынын саҥа дьиэтин, Көбөкөҥҥө, Арбыҥҥа уу парома олохтоохтук сылдьыытын, Нам селотуттан Түбэҕэ диэри радиоузел туруктаахтык үлэлииригэр уонна икки фазаҕа үлэлиир телефон линиятын уо.д. а. боппуруостары туруорсан олоххо киирбиттэрэ.
Элбэх сүөһү киирэр саҥа типовой комплекс хотону Өрөспүүбүлүкэ Госпланын иһинэн былааҥҥа киллэттэрэн, ол тутуу техническай документациялара оҥоһуллан бу улахан объект Түбэҕэ үлэҕэ киирэн элбэх сүөһү көрөөччү үлэтэ чэпчээбитэ. Бу үөһээ ааттаммыт үлэлэри билигин эбэбит араас суруктара, хаһыат ыстатыйалара туоһулууллар. Ону таһынан ССКП Политбюротун чилиэннэрэ, ССРС Министэрдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ А. Н. Косыгины, РСФСР Министэрдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ М. С. Соломенцевы кытта Дьокуускайга көрсүһүүгэ Өрөспүүбүлүкэ депутатын быһыытынан кыттыыны ылбыта.
Эбэлээх эһэбит кэлин икки кыыһы иитэннэр, атахтарыгар туруораннар билигин кинилэр ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан олороллор. Варвара Саввична, Петр Петрович Шариннар ааттарын билигин элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттата сылдьаллар.
Варвара Саввична үлэлээбит үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Ол курдук «Знак Почета» орден (1971), «За доблестный труд в ознаменование 100-летия В.И. Ленина» мэтээл (1970), «Отличник социалистического соревнования сельского хозяйства РСФСР» знак (1967), «Ударник коммунистического труда» знак (1964), «Отличник социалистического соревнования РСФСР» знак (1972), Өрөспүүбүлүкэтээҕи социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтарын слетун делегата (1972), «Ударник юбилейного Великого Октября» бочуоттаах аат (1967), Нам оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирэн оройуон бочуоттаах гражданина буолбута (1976), Москвич массыына фондатынан (1976), “Ветеран труда” медаль (1977), Өрөспүүбүлүкэ персональнай пенсионера (1982), Нам улууһун бочуоттаах гражданина (1996) Түбэ нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина (2006) буолбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үлэлээбит үлэтин сыаналааннар «За доблестный труд в Великой Отечественной Войне 1941-1945» медалынан (1992), “Ветеран тыла” бочуоттаах знагынан (1995), элбэх Кыайыы юбилейнай медалларынан наҕараадаламмыта. 2012 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын огдооботун туоһулуур удостоверенияны туппута.
2014 сыллааха бэс ыйын 12 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.
Бу суруйуубун эбээм Варвара Саввична Шарина 1983 сыллаахха сэрии сылларын туһунан эппит тылынан түмүктүөхпүн баҕарабын: “Баҕар ити сыллар кыһалҕаларыгар миккиллэн киһи-хара буолар, үлэ дьонун кытта тэҥҥэ сыаналанар чиэскэ тиксии кэллэҕэ диэн арыт санаан ылаҕын. Биһиэхэ, эдэр дьоҥҥо, олох чахчы умнуллубат олуктара ааспыттара”.
Сиэнэ Петр Попов, Дьокуускай 28.04.2020 с.