(1902-1986)
Эһэбит Шарин Петр Петрович 1902 сыллаахха Нам улууһун I Быжагажинскай нэһилиэгэр (билигин Сииттэ нэһилиэгэ) төрөөбүтэ. Аҕата Шарин Петр Петрович 1866 сыллаах төрүөх, ийэтэ Шарина Евдокия 1876 сыллаах төрүөх ынах сүөһүнү ииттэн олорбут саха ыаллара этилэр. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн Шариннар төрүт түөлбэлээн олорбут сирдэринэн Үрүҥ күөл, Атырдьах Тиит, Эрбэс арыыта, кэлин Баачаҕай буолаллар. Ол курдук, 1816 сыллаах Ревизскэй сказкаҕа сурулларынан Алексей Шарин, Чалъ-Балъ Шарин, Кыка Шарин, Барахсан Шарин, Никон, Софрон Шариннар ити үөһэ ааттаммыт сирдэринэн ону тэҥэ Кэҥкэмэ сүнньүнэн олорбуттара суруллубут.
Эһэбит бииргэ төрөөбүттэрэ 1927 сыллаах I Быжагажинскай нэһилиэгин дьиэ кэргэттэрин списогар сурулларынан: убайа Семен 23 саастаах, эһэбит 17 саастаах уонна быраата Дмитрий 14 саастаах. Итини таһынан Ульяна диэн бииргэ төрөөбүт эдьиийдээхтэр, кини Аппааны нэһилиэгин киһитигэр Федор Пономаревка эргэ тахсан онно олохсуйбута.
Петр Петрович оҕо эрдэҕиттэн үлэни өрө тутан улааппыта. Сахаҕа дэҥҥэ көстөр модьу көрүҥнээх, уһун уҥуохтаах. Оҕо сырыттаҕына дьиэлэригэр өрүһүнэн аара айаннаан иһэр нууччалар балык ыла кэлбиттэригэр Бүөтүрү көрөннөр: «Большой мальчик», – диэбиттэр. Эһэбит дьоно нууччалыы кыайан саҥарбаккалар «Боссой, боссой маалчык», – диэбиттэрэ Боссоойко диэн аакка кубулуйбута. Аны туран эһэбит сиһин этэ ситэрин саҕана, холун этэ хойдорун саҕана Саха сирин үрдүнэн татаар Боссоойко туһунан араас кэпсээннэр тарҕаммыттара, кини күүһүн-күдэҕин туһунан сураҕы ырыталлара. Ол иһин эһэбитин кини курдук күүстээх буоллун диэн ити аат иҥмитэ буолуо диэн эбэбит Варвара Саввична Шарина сабаҕалыыра. Дьонун кытта Кэҥкэмэ үрэҕинэн, сайынын Эрбэс арыытыгар Ленаҕа тахсан балыктыыллара. Бу идэтин эһэбит олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри илдьэ сылдьыбыт.
Октябрьскай революция долгуна мөлүйүөнүнэн дьон олоҕун уларыппыта. Петр Петрович саҥа олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан нэһилиэгин олоҕор актыыбнайдык кыттан барар. Ол курдук, 1932 сыллаахха I Сииттэ нэһилиэгэр коллективнай хаһаайыстыбалары тэрийэр үлэҕэ киирэн «Сырдыыр Бөлөх» диэн тыа хаһаайыстыбатын артыалын тэрийбиттэрэ, саҥа тэриллибит артыал бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Кэлин бу артыал колхозка кубулуйбута. Колхоз сүнньүнэн ынах сүөһү көрүүтүнэн, булдунан дьарыктанара. 30-с сыллар иккис аҥаардарыгар «Үрүҥ Күөл» уонна Энгельс колхозтар баар буолбуттара. Манна Петр Петрович бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, бэрэссэдээтэлинэн, биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
Убайа Семен Петрович Шарин – Сииттэ нэһилиэгин киэн туттуута. 1929 – 1934, 1939-1943, 1948-1952, 1961-1963 сылларга Сииттэ нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, 1943-1948 сылларга Кэбээйи оройуонун Сэбиэтин исполкомун солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1931 сыллаахха Сииттэҕэ оскуоланы астаран дойдутун дьоно күн бүгүҥҥэ диэри махтана ахталлар. Кинини кэриэстээн оскуолаҕа өйдөбүнньүк мемориальнай дуосканы арыйбыттара. Сэрии ыар сылларыгар Чурапчыттан кэлбит колхозтаах дьоҥҥо көмөлөһөн, дьиэннэн, сүөһүлэригэр хотон, аһылык булан биэрэн үтүө өйдөбүлү хаалларбыт. 1947 сыллаахха Саха АССР 25 сылынан уонна сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Ити курдук ини-бии Сэмэн, Бүөтүр Шариннар Сииттэҕэ эдэр эрдэхтэриттэн салайар үлэҕэ сылдьаннар, дойдуларын сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ.
1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллар бэбиэскэни туппута. Сааһынан аҕа буолан эһээбитин Трудовой фронт кэккэтигэр ыыппыттара. Ол курдук Забайкальский фронт 8-с рабочай батальонугар рядовойунан киирбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр рабочай батальоннар дойду промышленнай объектарыгар үлэлииллэрэ. Үксүн ССРС арҕаа регионнарыттан эвакуацияланан кэлбит заводтарга, тэрилтэлэргэ. Биһиги эһэбит тутуу маһын бэлэмнээһиҥҥэ, суоллары чөлүгэр түһэриигэ уо.д.а. үлэлэргэ сылдьыбыта. Кини сылдьыбыт батальонугар Сэбиэскэй сойуус араас омуктара сылдьыспыттара. Ол курдук, сахалар, нууччалар, чуваштар, удмуртар, башкирдар. Саха сириттэн Ньурба, Уус-Алдан, Өлүөхүмэ, Нам уо.д. атын оройуоннартан сылдьыбыттара. Намтан Никольскай нэһилиэгин олохтооҕо, 20-с сылларга Гражданскай сэрии кыттыылааҕа Петр Васильевич Попов биһиги эһэбитин кытта биир батальоҥҥа сулууспалаабыт. Петр Петровиһы кытта сылдьыбыт дьон биир үксүн 40 саастарын ааспыт аҕамсыйбыт дьон этилэр. Ол да буоллар сэрии тыйыс кэмигэр ирдэбил кытаанах, буолаары буолан Илиҥҥи фроҥҥа Японияны утары сэрии буолаары турдаҕына. Эһэбит көрүҥүнэн бөҕө, күүстээх буолан бииргэ сулууспалыыр дьоно толло көрөллөрө үһү. Үксүн ыарахан учааскаларга кинини инники ыыталлара. Биир оннук үлэ күнүгэр эһэбит көхсүгэр тутуу маһа сууллан түһэн сиһин эчэппитэ. Онтон ыла бу орто дойдуттан барыаҕар диэри сиһин ыарыыта киниттэн арахсыбатаҕа. Онтукатын кини Чөчүөккэ кэннибэр олорсо сылдьар диэн оонньоон этэрэ үһү.
Петр Петрович Шарин дойдутугар 1945 сыл күһүнүгэр эргиллэн кэлбитэ. Сулууспалаабыт фрона биэрбит проходнай свидетельствота архыыпка харалла сытарын краевед Никонов Тарас Прокопьевич быйыл булан биэрдэ.
Дойдутугар эргиллэн кэлээт Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр «Үрүҥ күөл» колхозка үлэҕэ киирбитэ. Манна эбэбитин Канаева Варвара Саввичнаны көрсөн ыал буоланнар, унаар буруону субутаннар 40 сыл бу орто дойдуга бииргэ олорбуттара. Эбэбит үлэтигэр төһүү күүһүнэн эһэбит буолара. Ол туһунан Варвара Саввична ахтыылара уонна хаһыаттарга тахсыбыт ыстатыйалар туоһулууллар.
1953 сыллаахха аллараа Булууска көһөн киирбиттэрэ. Манна Маленков аатынан колхозка, кэлин бөдөҥсүйбүт Аммосов аатынан совхозка бостуугунан үлэлээбитэ. Түбэ ыччат-комсомольскай фермата сыллааҕы үлэтэ үрдүк көрдөрүүлэнэригэр Петр Петрович Шарин өҥөтө улахан. Ол туһунан А. Герасимов 1965 сыллаахха «Ленин суола» хаһыакка бу курдук суруйбут: «…Кини (Петр Петрович Шарин – ППП) ылыммыт үлэтигэр, кыратыттан-улаханыттан аахсыбакка, кыһамньытын, дьоҕурун ууран үлэлиир. Билигин ынахтарын маршруттаан мэччитиини ыытар. Түүнүн Икки күөл икки ардынааҕы мэччирэҥҥэ, оттон күнүһүн арыыга киллэрэр. Быйыл биир да ынах хоммото, онон ыам көтүтүүтэ таһаарыллыбата. Биирдии ынахтан 6-7 килограмм үүт ыанар».
Сүүһүнэн ынах сүөһүнү көрөн-истэн, аһатан, кэмигэр аҕалан биэрэр бэйэтэ туспа ньымалаах үлэ. Эһэбит ол ынахтарын хас биирдиилэрин тус-туспа ааттаан, хайа ынах ханна турарын эндэппэккэ билэрэ үһү. Үлэҕэ бэриниилээх буолан бүтүн ферма сайдыытыгар, ситиһиилэнэригэр төһүү күүс буолбута. Ынахтары таһынан ньирэйдэри уонна борооскулары иитиигэ үлэлэспитэ. Кыһынын 200-чэкэ борооскуга көөнньөрбө оҥорор, оттон сайынын ньирэйгэ искусственнай үүт бэлэмнээһининэн дьарыктанара. Көөнньөрбө буһарбыт улахан оһоҕо билигин Өлөөскү хонуутугар Лена өрүс биэрэгэр эһэбитин саната тураахтыыр.
Журналист, «Ленин суола» хаһыат редактор А. Ксенофонтов суруйан турардаах: «Эттэххэ дөбөҥ – туһугар түбүктээх үлэ. Сөп буолар ууну баһыахха, запарникка мас мастыахха наада. Ити барыта элбэх сүгүүлээх-көтөҕүүлээх. Хата ону оҕонньор, дьон этэринэн сэниэлээх соҕус буолан таһаҕас оҥостуммат. Бу кэмҥэ күннэтэ 5-тии центнер көөнньөрбөнү, эмиэ итиччэ искусственнай үүтү оҥорор. КВ-100 кормозапарник сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри паарынан бускуйар».
Эһэбит айылҕаттан бэриллибит күүһүн туһунан Түбэ дьоно күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри кэпсэтэллэр. Бэйэтэ ол күүһүн анаан көрдөрбөккө бу орто дойдуттан барбыта. Биирдэ Түбэ ферматын биир хотоно уокка былдьаммыта. Күлүбүрүү умайа турар хотоҥҥо нэһилиэк дьоно кэлэннэр уоту умулларар аакка түспүттэр. Петр Петрович сыарҕалаах оҕуһун биэрэк кытыытыгар туруоран баран хас даҕаны 200 лиитэрэлээх бочкалары көтөҕөн ылан биэдэрэннэн баһар курдук толору баһа-баһа сыарҕатын үрдүгэр уураат үөһэ тахсыбыт. Ол түгэни алҕас Дыгын Николаевич Дьяконов көрөн кэбиһэн оҕонньор тыыннааҕар кимиэхэ да кэпсээбэтэх. Тоҕо диэтэххэ эһэбит кини күүһүн туһунан кэпсэтэллэрин сэҥээрбэтэ эбитэ үһү. Кэлин Петр Петрович суох буолбутун кэннэ ити түгэн туһунан дьон сэҥээрэ истибиттэрэ, чахчы айылҕаттан айдарыылаах киһи кэлэн барбыт диэн итэҕэйбиттэрэ. Эдэр сылдьан көтөхпүт улахан сымара тааһа билигин Сэмэн аартыгар биэрэк кытыытыгар сытар. Олохтоохтор ону «Боссоойко тааһа» диэн ааттыыллар. Билиҥҥи туругунан ити тааһы эһэбититтэн ураты ким да көтөҕөн көрө илик. Эбэбит Варвара Саввична кэпсиир этэ: эһэбит эдэр сылдьан сүүрэн иһэр сылгыны сиэлиттэн хаба ылан тохторо үһү. Кыһын оҕуһунан от тиэйэн ходуһаттан кэлэн истэҕинэ оҕуһа үрдүк сыыры кыайан тахсыбакка тохтоон турунан кэбиспит. Онуоха эһэбит оттоох сыарҕатын оҕуһуттан сүөрэн баран сыырга соһон таһаарбыт. Оҕуһун эмиэ сыырга үүрэн таһааран салгыы дьиэлэрин диэки айанната турбуттар. Билигин санаатахха фантастика курдук иһиллэрэ буолуо. Ол гынан баран оччотооҕу олох-дьаһах укулаата, ыарахан үлэ тыына дьону күүстээх оҥороро. Сахаҕа син биир айылҕаттан инник айдарыылаах, күүстээх дьоннор төрөөн ааһаллар.
Петр Петрович Шарин улахан наҕараадаҕа, чиэскэ-бочуокка тиксибэтэх киһи. 1964 сыллаахха киниэхэ «Коммунистическай үлэ ударнига» аат иҥэриллибитэ. 1966 сыл алтынньы 8 күнүгэр Партия Намнааҕы райкомун уонна Оройуоннай Сэбиэт Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, үлэ ветерана аат иҥэриллибитэ.
1986 сыллаахха бу күн сириттэн күрэммитэ.
Сиэнэ Петр Попов
01.05.2020 с.
Дьокуускай