Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Леонтьев Иван Николаевич

1921-1973.
17-с штурмовой инженерно-сапернай Гатчинскай икки тꝋгʏллээх Краснознаменнай биригээдэ сапер саллаатынан сэриилэспит.

Аƽа дойдуну кꝋмʏскʏʏр Улуу сэрии 1941-1945 сс. киhи-аймах историятыгар хаhан да умнуллубат гына бигэтик киирбитэ. Кырыыстаах сэрии саха хас биирдии ыалын тымныыннан хаарыйбыта, алдьархайынан ааҥнаабыта.
Леонтьев Иван Николаевич 1921 сыллаахха Таастаах оскуолатыгар Нам оройоуонун Таастах нэhилиэгэр колхуозтаах дьиэ кэргэҥҥэ тꝋрꝋꝋбʏтэ. Бииргэ тꝋрꝋꝋбʏт тꝋрдʏꝋлэр эбит. Таастаах оскуолатыгар ʏꝋрэммит.
Бар дьон олоƽун аймаабыт Аƽа дойду Улуу сэриитэ саƽаламмытыгар, «Кыайыы туhугар, фронт туhугар» диэн бары норуот ꝋрꝋ туруммута. Леонтьев Иван Николаевич 1941 сыллаахха от ыйыгар баара суоƽа 20 сааhыгар бастакы хомуурга Аармыйаƽа ыҥырыллыбыта. Сэриигэ 17-с штурмовой инженерно-сапернай Гатчинскай икки тꝋгʏллээх Краснознаменнай биригээдэ сапер саллаатынан сэриилэспитэ. Сапер – бу ааты сʏгэргэ хайдахтаах хорсун уонна сатабыллаах буолуохха нааданый. Сапер фронт саамай инники кирбиитигэр киирэр, пехотаƽа миинэни ыраастаан суолун аhар, ꝋстꝋꝋх позициятын миинэлээн баран ʏлтʏ тэптэрэр.
Алдьархайдаах уот сэриигэ сылдьан ʏс тꝋгʏл араанньа буолбут. Халымыр соƽус буолан-буолуо полевой госпиталларга эмтэнэ-эмтэнэ чааhыгар тꝋннꝋн испит.
Оннук уhун тʏꝋрт сылы быhа сэриилэhэн Германияƽа Берлин куоракка, Рейхстахха тиийэн сэриини тʏмʏктэспитэ.
Бэйэтэ сэриигэ хайдах-туох сылдьыбытын кэпсээбэт этэ, ахтыы да суруллубакка хаалбыта хомолтолоох. Биир оннук олус эппиэттээх уонна кутталлаах тʏгэҥҥэ сатабылын уонна хорсунун кꝋрдꝋрбʏтʏн иhин кинини Кыhыл cулус ордеҥҥа тʏhэрбиттэрэ. Ол маннык эбит. Тимир суол станциятыгар ꝋстꝋꝋх улахан утарылаhыы оҥорон тирэхтэнэр сирин оҥостубута. 1945 сыл кулун тутар 8 кʏнʏгэр кыhыл аарымыйа байыаhа Леонтьев баар сэрииэhэр бꝋлꝋ5ꝋр (штурмовая группа) ꝋстꝋꝋхтꝋру ити сиртэн ʏнтʏ охсон ʏʏрэргэ сорудах биэрэллэр. Ол сорудах быhыытынан тимир суол станциятын сэриилээн ылыахтаахтара. Саллааттар ꝋстꝋꝋхтꝋрʏ ытыалыыр кэмнэригэр хас да илии гранаталара чꝋмꝋхтꝋнꝋн баалла сылдьарын тута сылдьан кыл тʏгэнинэн тургэнник туттан-хаптан, хапсаƽайданан, таас дьиэни эргийэ кꝋтꝋн, тутан кэлбит гранататын тʏннʏгʏнэн быраƽан кыыратар. Ити тʏннʏгʏнэн ꝋстꝋꝋх пулеметчига атын ꝋстꝋꝋх саллааттарын кытары кʏʏскэ ытыалыы сыппыттара. Кыhыл аарымыйа байыаhа Леонтьев ити хорсун быhыыны оҥорон сэрииhит бꝋлꝋх (штурмовая группа) иннин диэки баран станцияны сэриилээн ыларга тоƽоостоох кэми ʏꝋскэтэн биhиги саллааттарбыт аƽыйах кэм иhигэр станцияны ꝋтꝋꝋхтꝋртꝋн босхолоон ылалларыгар олук уурбута.
Леонтьев бырахпыт гранататыттан ꝋстꝋꝋх биир пулеметчига, уонна биэс автоматчига ꝋлбʏттэрэ.
Кыhыл аарымыйа байыаhа Леонтьев ити кэмнэ куттаммакка хорсун быhыыны оҥорбутун иhин “Кыhыл сулус” орденынан на5араадалыыр илиискэ батальон командира майор В.В. Блохин суруйбут.
Ɵссꝋ биир тʏбэлтэ. Зинденвальд диэн уулуссаƽа ꝋстꝋꝋхтꝋр маhынан, бэрэбинэннэн (мас быыhыгар буор кутан) бꝋƽꝋргꝋтꝋннꝋр кʏʏскэ сэриилэhэргэ бэлэмнэммиттэрэ. Итинник кʏʏскэ оҥоhуллубут бꝋƽꝋргꝋтʏʏнʏ (баррикада) танка да, атын да техника кыайан ааhар кыахтара суох этэ. Ɵстꝋꝋхтꝋр сибиньиэс уотунан кʏʏскэ ытыалыыллара, киhи кыайан турар да кыаƽа суоƽа. Леонтьев диэн кыhыл аарымыйа байыаhа 10 киилэ эстэргэ сꝋптꝋꝋх эттиктэри ылан ытыалыы сытар ꝋстꝋꝋхтꝋртꝋн атыттар курдук толлон турбакка мас-буор буккуспутуттан оҥоhуллубут бꝋ5ꝋргꝋтʏʏгэ сыыллан тиийэр. Ɵстꝋꝋхтꝋр кинини ꝋйдꝋꝋн кꝋрбꝋккꝋ хаалаллар. Ити сыыллан кэлэн эстэр эттиктэрин (взрывчатые вещества) ꝋстꝋꝋхтꝋр бꝋƽꝋргꝋтʏʏлэрин ортотугар уурар уонна ону эhэн сатыы сэриилэhэ сылдьар саллааттар киирэр дьиэллигэстэрин таhаарар.
Ити кэнниттэн штурмовой бꝋлꝋƽʏ кытары сэриилэhэ сылдьан ꝋстꝋꝋхтꝋр фаус ботуруонунан ытыалыы олорор дьиэлэригэр истиэнэƽэ киhи киирэрин курдук хайаƽас оҥорорго сорудахтыыллар. Ɵстꝋꝋхтꝋрʏ биhиги автоматчиктарбыт аралдьытар кэмнэригэр халлаан бороҥуйунан туhанан ꝋстꝋꝋхтꝋр сытар сирдэрин нꝋнʏꝋ ꝋттʏнэн тийэн 1*1 миэтэрэ иэннээх хайаƽас оҥорор. Ити хайаƽаhынан биhиги автоматчиктарбыт дьиэ иhигэр тыаhа суох сэрэнэн киирэннэр дьиэ иhигэр баар ꝋстꝋꝋхтꝋрʏ барыларын ʏлтʏрʏппʏттэрэ.
Итинник ыархан сорудаƽы туйгуннук толорбутун иhин кыhыл армия байыаhын Леонтьевы “Хорсунун иhин” мэтээлинэн наƽараадалаабыттара.
1946 сыллаахха икки «За отвагу», «За оборону Ленинграда», «За взятие Берлина», «За победу над Германией» диэн мэтээллэрдээх дойдутугар тꝋннꝋн кэлбитэ.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн эйэлээх олоƽу тутууга чулуу ʏлэhит буолбута. Кинини кытта бииргэ ʏлэлээбит кырдьаƽастар Иван Николаевич туhунан ʏтʏꝋ суобастаах ʏлэhит диэн ахталлара. Бастыҥ бостуук, социалистическай ʏлээ кыайыылааƽа, Коммунистическай ʏлэ ударнига буолбута. Ол курдук ʏлэƽэ ʏрдʏк ситиhиилэри кꝋрдꝋрбʏтʏн туоhуутунан элбэх наƽараадалара, грамоталара кэпсииллэр. Кэлин наар: «Берлин куорат билиҥҥитин кꝋрбʏт киhи» – диэн баƽа саннаалах эбит. Хомойоух онто туолбатаƽа.
Уоттаах сэриини этинэн-хаанынан билбит, тыыннаах ордон кэлэн, олоƽун аргыhын кꝋрсꝋн икки оƽолоноллор. Билигин кини аатын 8 сиэн, 16 хос сиэн, 5 хос хос сиэн ааттаталлар, киэн тутталлар.
Леонтьев Иван Николаевич 1973 сыл олунньу ыйыгар 52 сааhыгар Тулагы-Киллэм нэhилиэгэр олорон ыалдьан бу сиртэн туораабыта.
Леонтьев Иван Николаевич дойдутун, норуотун туhугар оҥорбут ʏтʏꝋ дьыалаларынан киэн туттабыт. Олорбут олоƽо биhиэхэ эдэр кꝋлʏꝋнэƽэ холубур буолар. Оттон биhиги сэрии буолбатыгар, хаан тохтубатыгар, сиргэ эйэлээх олох чэлгийэ турарыгар баƽарабыт.

Саха ньургун уола Уйбаан
Уоттаах сэрии хонуутуттан
Этэҥҥэ эргиллэн кэлбититтэн,
Бүтүн орпут үөрүүтүттэн,
Сэмээр бэйэтин сэмэйиттэн
Киэн туттуна кэпсэммэтэх,
Сэрии суоһун кэпсээбэтэх.

Ол иһин ким да билбэтэх
Хайдахтаах уоту аннынан
Олоҕун толук да ууран туран,
Булчут удьуор албаһынан,
Буулаҕа санаа хорсунунан,
Өстөөххө өс өргөһүнэн,
Өтөрү түһэр өһүөнүнэн
Хамандыыр этэр бирикээһинэн,
Этэрээтин хахха уотунан
Хайар суолун саптынан,
Субу ыга киирэн туран
Уоттаах тэргэни быраҕан,
Кыайыы суолун тэлбитин,
Этэрээт кимэн киирбитэ.

Хамандыыра хайҕаан туран,
Бастакы сырыытыгар туруорсан
“Хорсунун иһин мэтээлинэн”
Бэлиэ аспыт килбиэнинэн.

Онтон иккис сырыытыгар
Өссө суостаах сорук турар.
Өстөөх саспыт уораҕайын
Истиэнэтин алдьатыаҕын,
Киһи батар хайаҕаһын
Дьөлө эстэрэн аһыаҕын.
Ону да Уйбаан уолан сатыыр.
Дьөллөн түспүт истиэнэнэн
Этэрээт көҥү анньан киирэн
Өстөөх тыынын сайылыыр.

Бу сырыыга хамандыыр
Өссө өрө тутан хайгыыр.
“Кыһыл сулус” уордьаныгар
Уйбаан аатын туруорсар.
Ол гынан баран биэрэр саҕана
“Кыһыл сулус” суола сойбут.
Уордьан аата суураллыбыт.
“Хорсунун иһин ” хатыланан
Иккис мэтээл солбуллубут.
Уйбаан хоһуун туох диэн аахсар,
Билбэтэх да буолуо, баҕар.
Тугу биэртэрин иилинэн
Дьиэтигэр кэлбит эргиллэн.

Хайдах курдук тулуурунан,
Төһөлөөх өлүүнү- сүтүүнү көрөн,
Алдьархайдаах тэргэн эстэн,
Буулдьа сиирэ- халты сүүрэн,
Сүүһүнэн көскө тилэх элэйэн,
Инчэҕэй окуопаҕа сытыйан,
Утуйар уу диэн умнуллан,
Иһэ хам тарда аччыктаан,
Киһи ааҕан сиппэт иэдээн
Турбута тыыныгар тирээн?

“Ырбаахылаах” баҕар төрөөн,
Айбыт айыыһыта төлкөлөөн
Ханна эрэ быстах барбыт курдук
Харыстаабыт аанньал кудук.
Түһээтэхтээҕи түрбүөн бүтэн,
Түөлбэтигэр төннөн кэлэн,
Муҥун кэпсээн этиммэккэ,
Иһэн- аһаан эймэммэккэ,
Баара- суоҕа биллибэккэ
Сыллар ааһан испиттэрэ.

Дьиэ- уот туттан, оҥостон,
Кэргэн олоҕун тэринэн,
Оҕо- уруу төрөөн улаатан,
Дьэ сэрии кэмин сэҥээрэн,
Бэтэрээн буолара биллэн,
Туһаммыта эрэ биир буолан
Босхо бырайыас туттаран,
Харахтара үөрбүт мичийэн.
Сирдээҕи иэһин төлөһөн,
Сэрии эрэйин эҥээрдэһэн,
Эйэлээх олоҕу тутуһан,
Ыппыт тохтуу ыраас суолунан,
Ытык бэлиэ олоҕунан
Ыччаттарыгар кэриэс охсон
Аттаммыта олохтон.

Аныгы үйэ сайдыытынан
“Норуот кыайыыта” ааттан булан,
Сиэнэ кыыс көрдөөн дьаныһар.
Испииһэктэн булан ылар-
Эһээтин аата бу турар!
Кыыһа Анна Ивановна
Военкомакка аҕатын аатын,
Сулууспалаабыт сэрии чааһын
Көрдөтөргө турунна.
Сэрии суолун архыыбыттан
Докумуонун булан ылан,
“Кыһыл сулус” уордьаныттан
Наҕараада уларыйан,
Сааттаах быһыы ол саҕаттан
Дьиҥнээх сурук туоһу буолла.

Ол докумуоҥҥа олоҕуран,
Хамандыыр сиһилии суругунан
Наҕараадаҕа туруорсубутунан
Уйбаан хорсун сырыыларын
Онтон эрэ билэн хааллыбыт,
Онно олоҕуран суруйдубут.
Уйбаан сэрии туһунан
Кэпсээбэтэх кистэлэҥэ
Өлбүтүн кэннэ билиннэ.

Ол да буоллар аны кэлэн
Онтон туох да уларыйбат.
Докумуону уура сылдьан
Ыччаттара билиэхтэрэ,
Өйдүү- саныы көрүөхтэрэ.
Буойун аата тилиннэ!
Киэн тутталлар сиэннэрэ.
Кыайыы күнүн бэлиэтигэр,
Өркөн күүрүү ньиргиэригэр
Өлбөт ааттаах буойун тиллэр,
Өрөгөйдөөх параад күҥҥэ
Күөрэй хаамсар эһээ тэҥҥэ!

Ахтыы хоһоону кыыһа Кривогорницына (Леонтьева) Анна Ивановна кэпсээниттэн суруйда Мохначевская Мария Петровна- Марта- Мария.
08.05.2017. Нам.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.