Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Григорьев Семен Иннокентьевич

Аҕабыт Григорьев Семен Иннокентьевич-Болуот Сэмэн 1909 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Илин Хаҥалас улууһун Лээгитигэр Үчүгэй Үрэх диэн төрөөбүтэ.
Чкалов аатынан холкуос чилиэнэ. Сэрии иннинэ ликбезкэ үөрэнэн Лээги нэhилиэгэр кылгас кэмҥэ сэбиэккэ суруксуттуу сылдьыбыт.
Сэриигэ Чурапчытааҕы ОБК 1943 с. ыҥырыллан 515 СП 134 СД сулууспалаабыт. Варшава куорат оборонатыгар кимэн киирии кэмигэр төбөтүгэр табыллан, госпитальга өр эмтэнэн, хаста да эпэрээссийэлэнэн 17.11.1944. ЭГ 16581, I группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллэн кэлбит.
Дойдутугар кэлэн баран бастаан хоту Быков Мыска балык собуотугар үлэ фронугар сылдьан, доруобуйата мөлтөөн төннөн кэлбитэ. Ол кэлэн баран, Амма оройуонугар «Холбос» кыылы иитэр ферматыгар анал булчутунан уhуннук үлэлээбитэ. Кыhыннары-сайыннары саhыллар сиир эттэрин, балыктарын хара тыаттан, күөх далайтан эккирэтэн бултуура. Улаатан баран, биhиги уолаттар итиннэ эмиэ кыттыhан сылдьыспыппыт. Онно сылдьан аҕабыт хайдах тыаҕа сылдьан илини-арҕааны, хотуну-соҕурууну быhаарары, түүн сулустарынан сирдэтэн хайдах дьиэҕин буларгын үөрэтэрэ, кыыл, балык хайдах сиргэ тохтуурун, мустарын билэргэ, бултуур ньымаларга такайара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кини сүбэтинэн хапкаанныыр, туhахтыыр этибит. Онно кырынааhы, солоҥдону, куобаҕы, бэйэбит санаабытыгар, тэҥнээхтэрбитинээҕэр үгүөрүтүк бултуурбут.
1936 сыллаахха Чыамайыкыттан төрүттээх Ульяна Григорьевнаны кытта холбоhон 14-тэ оҕоломмуттарыттан 7 оҕо ордон киhи буолбуппут: Антипина (Скрябина) Виула Петровна (1936-2006), 3 оҕолоох, 8 сиэннээх; Григорьева Анна Семеновна (1942–1974) 2 кыыстаах, сиэннэрдээх; Григорьев Григорий Семенович (1946) Саха Өрөспүүбүлүкэтин ҮП-кэ министиэристибэтин Дьокуускай куоракка салаатын кылаабынай контролер-ревизора, госсулууспа уонна үлэ бэтэрээнэ, 7 оҕолоох, сиэннэрдээх; Григорьев Николай Семенович (1948–1981) 2 кыыстаах, 1 уоллаах, сиэннэрдээх; Григорьева Дария Семеновна (1952–2005) 1 кыыстаах, 4 сиэннээх; Григорьева Ульяна Семеновна (1957) Амма улууhун ветеринарнай управлениетын начальнига, ветеринарнай наука кандидата; Григорьев Семен Семенович (1959) слесарь-сантехник идэлээх, Дьокуускайга олорор, 2 кыыстаах.
Семен Иннокентьевич 1999 сыллаахха Дьокуускайга олорон 90 сааhыгар өлбүтэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.