Григорьев Тихон Иннокентьевич 1917 сыллаахха Лээгигэ Үчүгэй үрэххэ төрөөбүтэ. Кини үс кылаас үөрэхтээҕэ, үрдүк көнө уҥуохтаах хара киhи этэ. Сэриигэ барыан иннинэ Чкалов аатынан холкуоска араас үлэлэргэ барытыгар үлэлээбитэ.
Сэриигэ Чурапчытааҕы ОБК 29.09.1942 с. ыҥырыллыбыта. Забайкальскай фронт 17-с аармыйа стрелковай полкатыгар сулууспалаабыта, «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сэрииттэн кэлэн баран маҕаһыыҥҥа атыыһытынан, хонуу биригэдьииринэн, кыладыапсыгынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1948 с. түөрт оҕолоох сэрии огдооботун Алексеева ЕФросиния Петровнаны кэргэн ылан, Төгүлтэ Төрдүгэр дьиэ-уот туттан, өссө эбии 2 кыыс, 1 уол оҕоломмуттара. Лээгиттэн көһөн кэлэн Чакыр нэһилиэгэр олоро сылдьыбыта, пенсияҕа тахсан баран Намҥа уолугар сиэннэрин көрсөн, кийиитигэр көмөлөhөн олорбута.
1988 сыллаахха ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Григорьев Тихон Иннокентьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.