В 1942 году призван на войну Вилюйским РВК. В ожесточенных боях под Сталинградом в феврале 1943 года пропал без вести.
Абаҕам
Хаһан да көрбөтөх
Абаҕам барахсан!
Хайдах дьүһүннээххин,
Хараҕыҥ хайдаҕын,
Киэҥин дуу, кыараҕаһын дуу…
Хантан ону көрүөмүй?
Биир эмэ кыысчааны
Сөбүлүү көрбүтүҥ дуу…
Хантан ону билиэмий?
Уот сэрии ыйыһыннаҕа…
Сураҕа суох сүтэрдэҕэ…
Туруйа туһунан ырыаларга
Эйигин санаан ылабын,
Саатар ол курус тылларга
Ахтылла тур дуу үйэҕэ…
Волгоград куоракка
Уурбутум эн буоргар
Сибэкки дьөрбөтүн,
Күүппүттүү иһийэн
Тулам уу- чуумпута…
03.05.2020сыл Балта Валентина Шологонова-Бүлүү КЫЫҺА