Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Колесов Василий Дмитриевич

Аҕабыт, эһээбит Колесов Василий Дмитриевич 1922 сыл тохсунньу 15 күнүгэр Горнай улууһун I Атамай нэһилиэгэр, Улуу Сыһыы Тураҥнаах алааһыгар төрөөбүтэ. Кини төрөппүттэрэ – аҕата Дмитрий Петрович сылгыһытынан, ийэтэ Екатерина Федоровна колхозка араас улэҕэ төһүү үлэһит, ударник отчут, стахановец этилэр. Екатерина Федоровна Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Василий Дмитриевич дьоллоох оҕо сааһа Икки күөл диэн сиргэ ааспыта, төрөппүттэрэ элбэх оҕо сүтүктээх буолан, уолларын сүрдээҕин бүөбэйдээн, таптаан ииппиттэрин аҕам кэпсиирэ, кини кэнниттэн өссө 4 оҕоломмуттара. Дьоно булт абылаҥар, айылҕаны, кыылы таптыырга ииппиттэрэ, үөрэппиттэрэ.
1943 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыы тутан, Аҕа дойдутун көмүскүү барбыта. Забайкальскай фронҥа 15 Армия 112-с зенитнай дивизиятыгар чиэстээхтик сулууспалаабыта. Сэрииттэн 1947 сыллаахха олунньуга «За победу над Японией» мэтээллээх, Сталинтан Махтал суруктаах төрөөбүт дойдутугар эргиллибитэ. Кэлээт «Үүнэр олох» колхозка биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
1948 сыл муус устар 10 күнүгэр ийэбинээн Аксинья Егоровна Максимовалыын ыал буолан, 4 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа Василий Дмитриевич Колесов колхозка биригэдьииринэн, сылгыһытынан, атыылааччынан, кадровай булчутунан, кэлин пенсияҕа тахсыар дылы саһыл иитээччинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини сыралаах үлэтин элбэх бочуотунай грамоталар, бириэмийэлэр, юбилейнай мэтээллэр туоһулууллар. Үрдүк сыанабылынан киниэхэ буолбута «Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо» мэтээлэ.
Василий Дмитриевич пенсияҕа тахсан баран улуустааҕы «Үлэ күүһэ» хаһыакка общественнай корреспонденнаабыта, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин сырдатар ыстатыйата элбэхтик хаһыакка бэчээттэнэрэ. Оҕо эрдэхтэн уран тыл алыбар ылларбыт дууһата арыллан, төрөөбүт дойдутун хоһуйбут хоһоонноро, алгыстара күн сирин көрөллөр. 1995 сыллаахха «Үлэ күүһэ» хаһыат типографиятыгар «Чабыдам күнэ чаҕылхай» диэн бастакы кинигэтэ тахсар. Иккис кинигэтэ «Өлүүттэн быыhыыр албастар» 2000 сыллаахха Дьокуускай куоракка бэчээттэммитэ. Кэлин 2014 сыллаахха кыыhа Екатерина Васильевна Ноговицына ити кинигэлэргэ киирбэтэх хоhооннорун кытары талыллыбыт айымньыларын холбоон «Дойдум дьонугар» хомуурунньук таhаарбыта.
Чабыдаҕа олохсуйан, сирин-уотун сөбүлээн, орто дойдуттан барыар дылы таптыыр-ахтар, киэн туттар дойдутун сүрдээҕин саныыра. Уолаттарын, сиэннэрин «Ханчалы», «Даадаҥ» үүчээннэригэр батыһыннара сылдьан айылҕаны кытта алтыһыннаран, булт абылаҥар уһуйбута.
Колесов Василий Дмитриевич – Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа 2010 сыл олунньу 1 күнүгэр олохтон туораабыта. Аҕабыт, эһэбит суруйбут хоһоонноро, сүбэлэрэ, үтүө санаалара мэлдьи оҕолорун, сиэннэрин сүрэхтэригэр тыыннаах буолуо, олохторун устата арыаллыа.

***
Зенитчик этим

Биһиги зенитнай артдивизиоммут саҥа байыаннай техниканан сэбилэммитэ. Сэриигэ Японияны утары Монголиянан киирбиппит. Хас биирдии зенитканы командирдаах расчет үлэлэтэрэ. Командирбыт кый ыраах үөһээ көтөн иһэр өстөөх самолетын ытарга үөрэппитэ. Снарядпыт араас этэ. Бронебойнай снаряд тимир килиэ ыстаал таанканы дьөлө ытарга аналлааҕа. Уматар снаряд кыһыл төбөлөөҕө, ханна тустэ да уматар аналлааҕа. Онтон шрапнельнай снаряд элбэх оскуолка буола ыһылла түһэр.
Ханна да тиийдэрбит биһигини үөрэ-көтө көрсөллөрө: «Ураа! Бог войны! Давай, давай!» дэһэллэрэ. Сэрии аһара уһаабатаҕа. Сотору «Кыайыы буолла, Япония бэриннэ! Салют!» диэн үөрүү-көтүү буолла. Киэһээ хараҥаҕа салют ыттыбыт. Арай снарядпыт, мин көрдөхпүнэ, хараҥа халлааҥҥа сулус курдук уһун баҕайытык кылайан көстөр. Көр, оннук үрдүккэ тэбэр тэрил эбит. Сөхтүбүт, махтайдыбыт. Кыайыыны Чойбалсан куоракка көрсүбүппут.
Сэрии бүппүтүн кэннэ комендантскай сулууспаҕа сылдьыбытым. Патрульга устуу буолан түүннэри-күннэри бэстилиэттээх сылдьан куорат ис-тас өттүнэн уоруйахтары, онтон-мантан саһа сылдьааччылары, бэрээдэги кэһээччилэри тутан, комендатураҕа аҕалан туттарарбыт. Олор истэригэр байыаннай ыскылаатын арааһын уорбут бөлөҕү арыйан турабыт.
Сэрии бүтэн, өстөөҕү кыайан төрөөбүт төрүт буоргар, ахтыбыт аҕаҕар, ийэҕэр, аймах дьоҥҥор дойду иннигэр ытык иэскин төлөөн кэлэриҥ олус да үөрүүлээх күндү этэ.

Василий Дмитриевич Колесов,
Аҕа дойдуну көмүскүүр
Улуу сэриитин кыттыылааҕа

***

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.