Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Сергучев Семен Лукич

1923 г. – 1988 г.
воевал против Японии в составе 25 механизированной бригады 91 сп 64105

Японияны утары 25 механизированнай бригада 91 сп 64105 байыаннай чаас састаабыгар сэриилэспитэ. Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанынан, “Японияны кыайыы иһин”, “Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Тыһаҕас өлбүккэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Татьяна Кононовна Брызгалова Бүтэйдээхтэн төрүттээҕэ, аҕата Лука Константинович Тыһаҕас өлбүт олохтооҕо. Сэмэн аҕата кыра эрдэҕинэ өлбүт, онон аҥардас ийэҕэ бэрт эрэйинэн улааппыттар. 21-дэ оҕоломмуттарыттан 2 уол эрэ тыыннаах ордон хаалбыттар: Петр Лукич уонна Семен Лукич, иккиэн уоттаах сэрии кыттыылаахтара
Семен Сыымах 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1944 с. Сэриигэ барарга бэбиэскэ туттарбыттар.
Семен Лукич сэриигэ сылдьыбыт түгэннэриттэн маннык кэпсиирэ: “Атырдьах ыйын 2-с күнүгэр тас Монголияҕа мото-стрелковай бригадаҕа 2 төгүл улахан сүтүктээх сэриилэспиппит. Кумах куйаар истиэби туорааһыҥҥа элбэх киһи өлбүтэ. Туоруурбутугар соломону уматан сибиинньэ этин буһараллара. Сахалары сибиинньэ сыата абыраабыта. Биһиги өйүөҕэ сухой паек ылбакка сибиинньэ сыатын ыларбыт уонна утатан бэлэспит хаттаҕына сыабытын айахпытыгар уган эмэрбит, оччоҕо утахпыт ханар курдук буолара. Нууччалар, онтон да омуктар сухой паек үрдүгэр түһэллэрэ уонна суоһаан муҥнаналлара. Тулуйбатах өттө өлөллөрө даҕаны. Ол истиэби эрэй бөҕөнөн сатыы туораабыппыт. Кытайдар түүнүн ротаны ротанан быһаҕынан өлөртүүллэрэ. Биирдэ холуодьастан уу баһа сылдьан кытай офицерын уонна 2 саллааты туппуппут. Дьахтардыы таҥнан, сирэйдэрин бүрүнэн куотаары сылдьыбыттар эбит. Хамандырбытыттан махтал ылбыппыт. Штабка сэттэ сыл сулууспалаабытым, ефрейтор званиятын ылбытым. 1952 сыл Корякина Ульяна Иннокентьевналыын ыал буолбуппут. Кэлиэхпиттэн төрөөбүт колхозпар кыһынын атынан от тиэйэн, сайынын от үлэтигэр үлэлээбитим. “Герой Попов” совхоз тэриллиитигэр тутуу биригээдэтигэр киирэн Сыымаҕынан, Хорообутунан, Суоланан, Бэдьимэнэн, Төхтүрүнэн улахан объектары барыларын тутуспутум. Кэлин кадровай булчутунан өргө диэри сыллата былааммын аһары толорон үлэлээбитим.
Эйэлээх кэмҥэ сыралаах улэбин бэлиэтээн коммунистическай үлэ ударнигын аатын иҥэрбиттэрэ, “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин”, «Сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин» о.д.а. юбилейнай мэтээллэринэн, Аҕа дойду сэриитэ иккис степеннээх уордьанынан, элбэх Бочуотунай грамоталарынан, дипломарынан наҕараадаламмытым.
Хорсун буойун Семен Лукич уонна Ульяна Иннокентьевна ааттарын алта оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ дьоһуннаахтык салгыыллар. Кинилэри үйэтитиһиигэ ылсыһан сыллата үлэлэһэллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.