Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Кривошапкин Иван Михайлович

Эhээбит фронна икки т8гул ынырыллыбыта – А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а. 1923 сыллаахха Чурапчы улууhун Болтоно нэhилиэгэр т8р88бутэ. Эрдэ тулаайах хаалан 16 сааhыттан Сталин аатынан колхозка чилиэнинэн киирэн колхоз араас улэтигэр улэлээбитэ. 19 саастаа5ар, 1942 сыллаахха сайын бэс ыйыгар фронна ынырыллыбыта. Алта саха буолан Уралга элбэх атын омугу кытта Веришага диэн байыаннай лаа5ырга биир ый устата у8рэммиттэр. Онтон атырдьах ый бутуутэ пулеметчик (ручной) идэтин ылан, Сталинград куоракка ус рота киhи айаннаан тиийбиттэр. Урусхалламмыт Сталинграды к8кр8н сурдээ5ин дьулайбыттар: дьиэлэр ку8рэ-ланкы барбыттарын, сир аайы 8луктэр, ол сыта-сымара, вагоннар умайан буруолуу сыталлара. Икки куну быhа куораты биир гына кэрийэн ниэмэстэр тобохторун к8рд88буттэр, икки ньиэмэhи булан штабка илдьибиттэр. Маны таhынан урусхалламмыт куораты ыраастаабыттар. Ол кэннэ 16 буолан байыаннай ыскылааты харабыллыырга дьаhал кэлбит. Сэрии сэбин кун аайы чаастартан кэлэн ыла тураллара, тугу да итэ5эстээбэтэхтэр. Сталин бирикээhэ тахса турара, ону кун аайы истиэнэ5э ыйаан билиhиннэрэн иhэллэрэ. Бу кэмнэ хос эhээм сахалартан со5отох хаалан, нууччалыы билбэт, быhаарсыбат, кулгаа5ынан истибэт буолан хамандыыра уоппуска биэрэн, ахсынньы ыйга дойдутугар эргиллэн кэлбит.
Дойдутугар кэлбитэ уот кураан туран дьоно Уус-Маайа оройуонугар су8hу кыстата тахсыбыттар этэ. Эhээбит Иван Михайлович кэлээт да 70 сылгыны к8рбут-харайбыт, аhаппыт. Уоппускатын суол суо5унан сибээстээн Уус-Маайа военкома бэс ыйыгар диэри уhаппыт.
1943 сыл бэс ыйыгар иккистээн армия5а улэ фронугар Иркутскай уобаласка 70 саха буолан барбыттар. Манна тиийэн 150 киhи улэлиир фабрикатыгар улэлээбиттэр. Куннээ5и сорудахтара – 1700 паара байыаннай бачыынканы оноруу этэ. Ону кун аайы байыаннай хамандыырдар толортороллоро, ирдииллэрэ. Астарын нуормата – 200 грамм килиэп этэ. Нуорманы аhары толордохторуна добавка диэн биэрэллэрэ. Куускэ улэлиир буолан, аччыктыыллара, хоргуйаллара. Ону, хата олохтоох нуучча эмээхситтэрэ хортуоппуйунан к8м8л8h8н абыраабыттар. Ыарахан улэ, аччыктааhын доруобуйатын улаханнык м8лт8ппутэ. 1944 сыллаахха муус устарга дойдутугар эргиллибит. .
Тереебут дойдутугар эргиллэн кэлэн колхозка бурдук ыhыытгар, хомуурга, окко улэлээбитэ. Совхоз тэриллибитигэр Уот Субуруускай аатынан хотонно суеhу керееччунэн, оhох оттоочунан, харабылынан улэлээбит. Утуе суобастаах улэтин иhин элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Улэhит утуетэ этэ. Сэрии, улэ бэтэрээнэ буолан мунньахтарга ынырыыга сылдьар, бэйэтин санаатын, субэтин биэрэрэ, туруорсара. Нэhилиэгэр улаханнык ытыктанара. Хаhыаты аа5арын, араадьыйаны истэрин себулуурэ. Сонуну истэ-билэ олороро. Хос эбээбин Мария Осиповна Афанасьеваны кытта сэттэ о5ону теретен, быр бааччы олорбуттара.
Эhээбитин дьон ытыктаан Саллаат Уйбаан диэн ааттыыллар, биhиги онон киэн туттабыт!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.