Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Гуляев Николай Филиппович 2

176 стрелковый полк, служил пулеметчиком с 07.1942 по 02.1943.
Мин 1942 сыл бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллан барбытым. Биһигини Челябинскай Чеверкулга үөрэтэ түһэн баран фроҥҥа 1942 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр атаарбыттара. Онно 7 суукка айаннаабыппыт. Волганы таарыйан ааспыппыт. Ленинград таһыгар Ладожскай күөл биэрэгэр тиийбиппит, биэрэккэ элбэх таһаҕас кыстана сытара. Сэрии тыаһа-ууһа Ладожскай күөл уҥуоргу өттүнэн иһиллэр этэ. Ити балаҕан ыйын 1-гы күнэ этэ. Тымныы, ардахтаах, тыаллаах күннэр этилэр. Итии аһы аһаабат, киһи куруук да титирии сылдьыах курдуга. Биһиги бу күөлү уунан туоруохтаах эбиппит. Күөлбүт икки өттө өстөөҕүнэн быһыллан турар эбит. Ортотунан уунан эрэ аһаҕастаах эбит. Түүн хараҥарыыга туоруурга бэлэмнэнии буолла. Арай күөлгэ киирбиппит биэрэктэн икки сүүсчэ метрдээх сиргэ дылы күөл диэки күргэ киирэн турар эбит. Биһиги ол күргэнэн киирэн борокуокка киирдибит. Борокуот өстөөх самолетун ытарга анаан туруоруллубут зенитнай орудиелардаах. Биһиги лыык курдук симсэн үөс диэки киирэн бардыбыт. Борокуоппут хачайдыыра сүрдээх. Күөлбүт балхааһына бэрт киһи сүрэҕэ олохсуйуох курдуга. Борокуоппут уҥуор тиийэн эмиэ үөскэ дылы киирэн турар муостаҕа сыһыннаҕына тахсан барабыт. Күөлбүт долгуна борокуоппутун туос тордуйа курдук быраҕаттыыр. Аны борокуот муостаҕа тиийэн эмискэ саалла түһээтин күөлбүт уута төттөрү өгүрүйэн ылар, оччоҕо борокуоппут эмиэ үскэ киирэн барар. Муостабыт ыраах хаалан хаалар. Ол иһин борокуокка икки киһи, оттон муостаҕа икки киһи тураллар. Кинилэр борокуот муостаҕа сыста түһэрин кэтэһэн туран хайдах борокуот муостаҕа сыста түстэ да биэстии киһини борокуоттан муостаҕа анньан кэбиһэллэр. Ону муостатааҕы икки киһи хабан, соһон ылаллар. Онно биһиги эмиэ муҥ кыраадыспытынан ойон кэбиһэбит. Инньэ гыммакка уталыйан биэрдиҥ да борокуот муостаттан арахсарыгар ууга барыаххын син быһыылаах этэ. Аны уҥуор таҕыстыҥ да төһө күүһүҥ кыайарынан ойуурдаах сири былдьаһан сырсыы буолар. Онуоха эбии ойуурга тиийиэххэр дылы кумах этэ, онон сүүрэргэ ыарахан этэ. Биһиги туоруур бириэмэбитигэр уҥуор кумахха тахсан сырсан эрдэхпитинэ өстөөх икки самолета кэлэн эргийэ сылдьан ытыалаан сордообута. Онно сорох сытар, сорох сүүрэр. Оттон үөскэ турар борокуоппут самолеттары зенитканан ытыалыыр. Ити түгэҥҥэ киһи табыллыбытын табыллыбатаҕын чуолкай билбэтим. Элбэхпит да бэрт этэ. Уонна хараҥа буолан будук-бадык курдуга. Ким барыта тыыннан куотуу айдаана этибит. Ити курдук ойууру булан баран дьэ уоскуйан онно ол түүн хоммуппут.
Манна үс күнү быһа ытарга үөрэппиттэрэ. Онно суукка кэриҥэ сатыы хааман Нева өрүс кытылыгар киллэрбиттэрэ. Онно таҥара дьиэтэ баара. Онно тохтото түһэн баран инники линияҕа сменаҕа киллэрбиттэрэ. Онно өрүс уҥуор-маҥаар оборонаҕа өстөөхтөрү кытта өрүһүнэн быысаһан сыппыппыт. Онно көрдөххө өстөөхтөр тимир бетонунан бөҕөргөтүллүбүт оборонаҕа сыталлара. Ол бетоннара кээһиилээх от курдук көстөллөр этэ. Биир оннукка 7 киһи сытар эбит этэ. Икки ытыалаһар айахтаах этэ. Итиннэ 1943 сыл олунньу ыйга дылы турбуппут. Онно арыый сынньаммыппыт. Итиннэ мин Ленинград иһигэр хаста да киирэ сылдьыбытым. Биһиги оборона тутуутугар куорат иһиттэн сэрии алдьаппыт тутуутун кирпииччэлэрин тэлиэгэлээх атынан таһарбыт. Биирдэ батальон штабыттан полка штабыгар донесение илдьэн биэрбитим. Онно штаб Ленинград куорат иһигэр этэ. Онно киллэрэн баран уулуссаҕа тахсан муна сырыттахпына байыаннайдар машинанан патруллуу сылдьаннар тутан ыллылар. Ону хата пропусктаах буолан уонна донесениебын туттарбыт суруктаах буоламмын хата кинилэрдээҕэр ордук улахан наадаҕа сылдьааччы мин буолан таҕыстым. Онон хайыахтарай көмө оҥороргр тиийбиттэрэ.
Олунньу 13 күнүгэр ити оборуонаттан таһаараннар өрүһү атын өттүнэн мууһунан туоратаннар барбахтаан иһэн сэрии буола турар сиригэр дьэ тиийдибит. Биһиги ыраас сиргэ тохтоттулар. Иннибитигэр хойуу харыйа ойуур көстөр. Онно немецтар бааллара биллэр. Биһиги хаара хараарбыт сиргэ лаппаакыбытын буору иннибит диэки сыҕайан хахха оҥосто-оҥосто онно сыппыппыт. Биһиги наһаа элбэх этибит, онон хойуу-хойуу баҕайытык сытабыт. Онно биир снаряд түстэ да элбэх киһибит өлөрө, бааһырара. Сотору буолаат харыйа иһиттэн уонтан тахса танка уун утары тоҕо анньан иһэллэрин көрдүбүт. Сотору буолаат биһигини кэннибитигэр турар артиллериябыт ытыалаан икки танканы уматтылар. Ол икки ардыгар танкалар ол бу диэки туора-маары ойуталаатылар. Өскө кинилэр инньэ гымматахтарына барылара умайыахтаах этэ. Танкаҕа хорҕойон киирэн испит немецтар соҕотохто уун утары быччас гына түстүлэр. Сорохторо сыыллаллар, сорохторо туран сүүрэн ыла-ыла сыллаллар. Онно икки өттүнэн күүстээх ытыалаһыы буолла. Мин станковай пулеметка 2-с нүөмэр этим. Биирдэ пулемеппун щитигэр түһэрэннэр кыайа сыспыттара. Ол да буоллар биһиги пулемеппут үчүгэйдик үлэлээбитэ. Онон немецтэртэн ылсымалаабыт буолуохтаахпыт. Мин аттыбар биир киһи бааһырбытыгар флягабыттан уу биэртим. Отделениебыт командира Виленко Виктор диэн улаханнык баас ылан туораабыта. Биһиги сэриибит мин санаабар, тэҥҥэ анньыһан сытарбыт, ол да буоллар төттөрү чугуйан биэрэр туһунан приказ кэлбит. Арай мин биирдэ эргийэн көртүм дьонум ырааппыттар. Мин эрэ хаалан хаалбыт курдукпун. Ол иһин эрдэттэн үөрэппиттэрин курдук пулемеппун сомуогун уһулан баран төттөрү сүүрбүтүм. Өлүү-бааһырыы элбэх этэ. Онтон эмиэ харыйа иһигэр таҕыстыбыт. Онно биир сууккаҕа сынньанныбыт. Ол күн олунньу 23 күнэ Кыһыл Армия күнэ буолбута. Онно бырааһынньыкпыт аһа биирдии буулка, 100 г. водканы уонна табаах биэртэлээбиттэрэ. Итинтэн холкохнайдар диэн хас да дэриэбинэни ааспыппыт. Онтон Красно-Бор диэн улаханнык алдьаммыт дэриэбинэҕэ тиийэн эмиэ немецтэри көрүстүбүт. Онно сарсыарда хаар түспүтэ. Биһиги Сталин саҥа прикаһа баар, ону ааҕан иһитиннэрэн баран наступлениеҕа киириэхпит диэн мунньан эрэллэр этэ. Арай дэриэбинэ диэккиттэн немецтэр иһэллэр. Эмиэ сэрии уота күүдээпчилэнэ түстэ. Биһиги пулеметчиктар 5 киһи бииргэ этибит. Начаас ыккардыгар 2 киһибит өллө. Биирэ Бахтинов диэн, иккиһэ Галеев диэн татаар этэ. Уонна үспүт бааһырдыбыт. Миигин биир санитарка кыыс хайыһар салааскаҕа соһон сырыттаҕына Михайлов диэн Иркутскай киһитэ көмөлөһөн суолга киллэрбиттэрэ. Онно бааһырбыттары элбэх киһини муспуттар этэ. Онтон атынан тэлиэгэнэн илдьэн массыынаҕа тириэрпиттэрэ. Массынанан Ленинградка госпитальга кэлэн өр сытан үтүөрэн баран 1944 сыллаахха сэтинньи ый 1-гы күнүгэр дойдубар аҥар атаҕа суох кэлбитим. Мин атахпын кулун тутар 8 күнүгэр 1943 сыллаахха быспыттара.

т.Гуляев Н.Ф. II группалаах сэрии инвалида этэ. Совхоһун отделениетыгар бухгалтердаабыта. “Слава III степеннээх” орденнааҕа, “Ленинград оборонатын иһин”, “Германия кыайыы иһин” уонна икки юбилейнай медаллардаах этэ. Сэтинньигэ 1975 сыллаахха ыараханнык ыалдьан өлбүтэ. Билигин Олом кладбищетыгар көмүллэн сытар.

Гуляевтар бииргэ тереебуттэр туерт буолан сэриигэ ынырыллыбыттарыттан биьиги эьэбит эрэ тыыннаах теннубутэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.