Эhэбит Киприянов Осип Алексеевич – Улахан Уоhук 1894 сыллаахха Арҕаа Хаңалас оройуонугар Буотамаҕа тѳрѳѳбүтэ. Сүрдээх үлэhит, сымнаҕас майгылаах оҕонньор этэ. Элбэх саңата суох. Буотама колхуоска мас уонна тимир ууhа этэ. Сарсыарда 4 чааска үлэтигэр барар, киэhэ хойут кэлэр үhү. Тѳhѳлѳѳх ыhыы техниката, ѳрѳмүѳн уhаарыыта (сваркалааhына) кини илиитин иhинэн ааспытын урукку дьон билэн сыттахтара. Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иhин Сталин мэтээлинэн наҕараадаммыта.
Мин бырааппынаан киниэхэ баран күѳт тутар этибит. Сэрии кэмигэр трудовой фроңңа сылдьан, 1944 сыл сааhыары ыран, дьүдьэйэн кэлбит үhү. Булгунньахтаахха үѳрэнэр кэмнэрбэр, сайыңңы каникулбар дьиэбэр Буотума5а кэлэрбэр, Өлүѳнэ ѳрүhү мас тыынан эрдэн туоратар этэ. Икки сылбахтаах мас эрдиинэн. Оччолорго Өлүѳнэ саамай угуттаан, кэтирээн турар кэмэ буолла5а. Бу санаатахпына, наhаа сылайан кэлэр эбит, кэлээт да сытар этэ. Кэлин Хачыкаакка эhэлээхпэр олорбутум. Онно да мунньустан оонньуур этибит. Түүн хойукка дылы эбэбит остуоруйатын истэрбит, таабырын бѳҕѳнү таайарбыт. Киприянова Любовь, Светлана Даниловналар хоно кэлэр этилэр. Эhэбит хаhан да кыыhырбат, киэң кѳҕүстээх, сымнаҕас майгылаах. Эhэбин күндүтүк саныыбын. Уон оҕолоох улахан уолугар Киприянов Роман Осиповичка олорон 1961 с. анараа дойдуга бараахтаабыта.
Cиэнэ Надежда Романовна Киприянова ахтыыта.
Киприянов Осип Алексеевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.