Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Мордовской Моисей Николаевич

Моисей Николаевич 1920 сыллаахха атырдьах ыйын 10 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Сэриигэ барыан иннинэ Таатта улууһугар налоговай инспекторынан үлэлии сылдьыбыт. 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан фронҥа барбыт. 1944 сыллаахха Сэбиэскэй сойуус Японияны кытта сэриитигэй Забайкальскай байыаннай уокуругар бастаан 386–ыс стрелковай полкаҕа стрелогунан анаммыт, онтон 644-ус стрелковай полкаҕа пулеметчик быһыытынан сулууспалаабыт. 1946 сыллаахха дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбит.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылаҕа буолан Орден отечественной войны 2 степени наҕараадалаах, онтон да араас элбэх мэтээллээх, махтал суруктаах эбит.
Дойдутугар төннөн төрөөбүт сопхуоһугар таһаарыылаахтык үлэлээн, кэргэн ылан, оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот тэринэн бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыт.
Сулууспалыы сылдьан хоһоон суруйар эбит. Таатта хаһыакка суруйбут хобоонноро элбэхтэ бэчээттэммит.

Бырастыы, Забайкал!

Бырастыы, Забайкал мин бардым
Төрөөбүт Дьокуускай кыраайбар,
Мин ааппын хааллардым эйиэхэ,
Эн үрдүк үйэлээх сопкаҕар.

Өйдүүгүөн саллааппыт муннанар
Хаарыаннаах сахачаан доҕору,
Хап хара кыргыылаах баттахтаах,
Винтовка сүгүүлээх бэйэтин.

Өйдүүгүөн 45 сыллаахха
Ол саллаат эрэйтэн ытыырын,
Кутуллар, ытыллар буурҕаҕар
Истиэпкэ ытыллан хаамарын.

Ол сордоох окуопа түгэҕэр,
Хайлар куоракка баар, сытар,
Сүрэҕэ баара сир үрдүгэр
Сүөдүгэн аһыынан кутаалыыр.

Мин эмиэ эрэнэ кэтэһэр
Ыраах сир ыччата буолабын,
Кытыастар күн дьолун көрдөһөр
Сахачаан норуотун уолабын.

Мин эмиэ эдэркээн саастаахпын,
Баҕар, мин эмиэ иккистээн эргийиэм,
Бырастыы, быраһаай Забайкал,
Эҕэрдэ дойдубар тиэдиэҕим.

Даурия, 1946 с.
Муус устар 3 күнэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.